Бүлүүгэ «Азия оҕолоро» оонньуулар кыайыылаахтарын чиэстээтилэр

От ыйын 11 күнүгэр М.Н.Жирков аатынан култуура Дыбарыаһыгар «Азия оҕолоро» VIII аан дойдутааҕы спортивнай оонньуулар, быйылгы сылга оҕолорго, улахан дьоҥҥо спорт араас көрүҥнэригэр Арассыыйа, Саха сирин чемпионнарын, призердарын, тириэньэрдэри чиэстээһин тэрилиннэ.

Аҕыйах хонуктааҕыта «Азия оҕолоро» VIII аан дойдутааҕы спортивнай оонньуулар Саха сирин хамаандатыттан чемпионнара, барыта 25 эдэр спортсменнар, тириэньэрдэр Ил Дархан Айсен Николаевы кытта көрсүһүүлэрэ тэриллибитэ. Бүлүүттэн чемпионнарбыт: кикбоксердар Аман Иванов уонна Айал Поскачин 50 тыһ. солк. суумалаах сертификаттарынан бэлиэтэммиттэрэ.

Даҕатан эттэххэ, 81 мэтээллээх Саха сирин хамаандата үһүс миэстэни ылбыт Белоруссия спортсменнарыттан бэрт кыранан хаалбыта. Быйылгы оонньууларга 24 көрүҥҥэ күрэхтэһии олус тыҥааһыннаахтык барбытын, 4 федеральнай уокурук, Киин Азия дойдулара күүстээх хамаандалары аҕалбыттарын бэлиэтиэххэ сөп.

Саха сирин, Бүлүү спордун историятыгар киирбит оонньуулар кыайыылаахтарын, кыттааччыларын чиэстээһиҥҥэ улуус баһылыга Сергей Винокуров Бүлүү элбэҕи эрэннэрэр кэскиллээх спортсменнара эдэр ыччакка үтүө холобур буолалларын, кинилэр кыайыылара олимпийскай чыпчаалы дабайыыга бастакы хардыы буоларын бэлиэтээн истиҥник эҕэрдэлээтэ.

Кини «Азия оҕолоро» VIII аан дойдутааҕы спортивнай оонньуулар кикбоксиҥҥа чемпионнарыгар Аман Ивановка, Айал Поскачиҥҥа 50-нуу тыһ. солк, сүүрүүгэ үрүҥ көмүс призер Владислав Даниловка 35 тыһ. солк, көҥүл тустууга, буулдьалаах саанан ытыыга, мас-рестлиҥҥэ боруонса мэтээллэри ылары ситиспит Пантелеймон Софронеевка, Афанасий Егоровка, Рашид Мусиҥҥа 25-тии тыһ. солк суумалаах сертификаттары, Бочуоттаах кырааматалары туттарда.

«Азия оҕолоро» VIII аан дойдутааҕы спортивнай оонньууларга кыттыбыт Ренат Николаевка, Самсон Спиридоновка, Андрей Буслаевка, Рудольф Дорофеевка харчынан сертификаттары, Бочуоттаах кырааматалары туттарда.

«Азия оҕолоро» оонньууларга кыттыы чиэс, спортсменнар хас да сыллаах дьулуурдаах, тулуурдаах үлэлэрин түмүгэ буолар.

Итини сэргэ Сергей Винокуров быйылгы сылга буулдьалаах саанан уонна оҕунан ытыыга дьоһун ситиһиилэрдээх Вячеслав Ивановка, Али Лобашевка 20-лии тыһ. солк, миксфайт көрүҥэр Арассыыйа чемпионугар Марк Николаевка 50 тыһ. солк. суумалаах сертификаттары туттарда.

Бүлүү куорат баһылыга Ян Попов эдэр спортсменнары өрөгөйдөөх ситиһиилэринэн эҕэрдэлээтэ, көмө салгыы баар буолуоҕар бары бииргэ үлэлиэхтэрин билиһиннэрдэ. Кини «Азия оҕолоро» VIII аан дойдутааҕы спортивнай оонньуулар кыайыылаахтарыгар, призердарыгар Бочуоттаах кырааматалары туттарда. Мас-рестлиҥҥэ боруонса призер Рашид Мусиҥҥа 10 тыһ. солк., буулдьалаах саанан ытыыга Арассыыйа чемпионатыгар иккис миэстэлээх Вячеслав Ивановка 10 тыһ. солк., оҕунан ытыыга Арассыыйа чемпионатыгар иккис миэстэлээх Али Лобашевка 5 тыһ. солк. суумалаах сертификаты туттарда.

Бу дьоро күн элбэх үтүө тыл этилиннэ, улуус бастыҥ спортсменнарыгар, тириэньэрдэргэ харчынан сертификаттар туттарылыннылар.

Үөрэх управлениета, В.Г.Румянцев аатынан оҕо спортивнай оскуолата, Г.И Чиряев аатынан 1 №-дээх оскуола уо.д.а. тэрилтэлэр, биирдиилээн дьон «Азия оҕолоро» VIII аан дойдутааҕы спортивнай оонньуулар кыайыылаахтарыгар, призердарыгар харчынан сертификатттары туттардылар.

Халбаакы нэһилиэгин баһылыга Алексей Васильев «Азия оҕолоро» оонньууларга кикбоксиҥҥа чемпиона, Халбаакыттан төрүттээх Аман Ивановка, тириэньэрэ Артур Васильевка убаһа сертификаттарын туттарда.

Улуус баһылыга Сергей Винокуров быйылгы сылга спорт араас көрүҥнэригэр элбэх ситиһиилээх спортсменнарга харчынан сертификаттары, Махтал суруктары туттарда. Бу дьоро киэһэ тириэньэрдэргэ, ол иһигэр «Азия оҕолоро» VIII аан дойдутааҕы спортивнай оонньуулар чемпионнарын, призердарын, өрөспүүбүлүкэ күүстээх спортсменнарын бэлэмнээбит Георгий Халабышевка, Артур Васильевка, Туяра Рожинаҕа, Анна Ивановаҕа, Артем Харлампьевка, Георгий Борисовка элбэх суумалаах харчынан сертификаттары туттарда.

Эдэр кэскиллээх спортсменнарбыт салгыы ситиһиилээхтик спорт үрдүк чыпчаалларын дабайыахтара, кинилэр ааттарын Саха сирин, Арассыыйа, аан дойду таһымыгар истиэхпит, киэн туттуохпут диэн эрэниэххэ.

Николай Куприянов.

Читайте дальше