Улуус хоту уһугар сытар II Күүлэт нэһилиэгэ быйыл төрүттэммитэ 130 сылыгар аналлаах тэрээһиннэр Бүлүү куоратыгар сэтинньи 21 күнүгэр М.Н.Жирков аатынан култуура Дыбарыаһыгар ыытылыннылар.
Күн иккис аҥарын саҕаланыыта култуура Дыбарыаһын иннигэр иккис күүлэттэр атыы-эргиэн дьаарбаҥкалара тэрилиннэ. Куорат олохтоохторо быйыл Бүлүүгэ бастакы тэриллибит дьаарбаҥкаҕа эмис сылгы, ынах этин, мас көтөрүн, сир аһын, үрүҥ аһы хамаҕатык атыылаһан хаһааннылар.
Дыбарыас бастакы мэндиэмэнин киирии саалатыгар дьон болҕомтотун тардар II Күүлэт талааннаахтарын дьаарбаҥка-быыстапкалара тэрилиннэ.
Иккис мэндиэмэн конференц-саалатыгар АГАТУ астааһын технологиятын кафедратын профессора, Саха Өрөспүүбүлүкэтин наукатын үтүөлээх диэйэтэлэ, наука дуоктара Константин Степанов саха аһын астааһын көрүҥнэрин билиһиннэриигэ маастар-кылааһы ыытта. Кыттыбыт дьон саха аһын иҥэмтэтин, туһатын, ханнык ньыманан астыыры иһиттилэр, биллилэр.
Киэһэ 18 чаастан тэрийээччилэр куорат олохтоохторун уонна ыалдьыттарын «II Күүлэт ыччата туойарыгын сөбүлүүр» диэн кэнсиэрт көрдөрдүлэр.
Биһиги II Күүлэт нэһилиэгин баһылыгын Юрий Спиридоновы көрсөн кэпсэттибит. Кини үбүлүөй тэрээһиннэрин бу курдук билиһиннэрдэ:
— Быйылгы сылга нэһилиэкпит төрүттэммитэ 130 сылын туоларын архыыптан булан бигэргэппиппит. II Күүлэт нэһилиэгэ төрүттэммитэ 130 сылыгар былаан оҥостоммут сыл устата араас тэрээһиннэри ыыттыбыт.
«Торуой Күүлэттэр» диэн 2 томнаах кинигэ бэчээттэттибит, бөһүөлэкпитин тупсарыыга үлэлэстибит, уулуссаларбытын оҥоһуннубут, сайыҥҥы суолга үлэ ыыттыбыт. Бүлүү куоратыгар II Күүлэт күнүн ыытабыт. Сэтинньи 30 күнүгэр дойдубутугар нэһилиэкпит үбүлүөйдээх тэрээһиннэрин ыытыахпыт.
Бүгүҥҥү күҥҥэ нэһилиэккэ 400 тахса киһи олорор, дьон 520 тахса ынах сүөһүнү, 300-чэ сылгыны ииттэллэр. Биһиэхэ суотабай сибээс 5 провайдера үлэлииллэр, 4 G сибээһинэн туһанабыт. Онон, биһиэхэ киһи олорор, үлэлиир усулуобуйата баар.
Ити курдук, Бүлүү куоратыгар II Күүлэт күнэ бэрт сэргэхтик ааста.
Николай Куприянов.