Муус устар 26 күнүгэр М.Н.Жирков аатын Култуура дыбарыаһыгар Саха Өрөспүүбүлүкэтин күнүгэр аналлаах Бүлүү улууһун уопсастыбаннаһын үөрүүлээх мунньаҕа тэрилиннэ.
Урут саха автономиятын турууласпыт дьоннорунан Максим Аммосовы, Былатыан Ойуунускайы уонна Исидор Бараховы кэриэстиир буоллахтарына, кэлиҥҥи сылларга ол кэминээҕи история чахчыларын көрдөрөр элбэх үлэ түмүгэр Степан Аржаковы тэҥҥэ тутан ааттыыр буоллулар.
Саха сиригэр гражданскай сэрии кэмигэр эдэркээн саха чулуу уолаттарын туруорсууларынан 1922 сыллаахха муус устар 27 күнүгэр Саха АССР төрүттэнэригэр докумуон баттаммыта. 1992 сыллаахха муус устар 27 күнүгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин Төрүт сокуона ылыллыбыта. Ити кэмтэн ыла муус устар 27 күнэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин өрөгөйдөөх күнүнэн бэлиэтэнэр.
Бүлүүлэр бу күн биир дойдулаахтарын, судаарыстыбаннай диэйэтэллэри Степан Аржаковы, Степан Гоголевы, ССКП обкомун сэкиритээринэн 17 сыл үлэлээбит Гаврил Чиряевы ахтан-санаан ааһаллар.
Үөрүүлээх мунньахха президиумҥа Саха Өрөспүүбүлүкэтин Баһылыгын уонна Бырабыыталыстыбатын дьаһалтатын салайааччы Георгий Михайлов, Бүлүү улууһун баһылыга Сергей Винокуров, депутаттар оройуоннааҕы Сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлэ Гаврил Корякин, Бүлүү куоратын баһылыга Ян Попов, Чернышевскай нэһилиэгин баһылыга Антон Амбросьев, Степан Аржаков аатынан дьиэ кэргэҥҥэ иитиини өйүүр Бүлүүтээҕи киин дириэктэрэ Егор Дашевскай, Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай сулууспатын бэтэрээнэ Софья Саввинова, Н.Г.Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи профессиональнай-педагогическай кэллиэс алын сүһүөх учууталлары бэлэмниир салаа сэбиэдиссэйэ Сайаана Варламова таҕыстылар.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин күнүгэр аналлаах үөрүүлээх мунньахха улуус, куорат салалталара, нэһилиэктэр баһылыктара, Ил Түмэн депутата, оройуоннааҕы балыыһа кылаабынай бырааһа Егор Григорьев уо.д.а. кытыннылар.
Бүлүү улууһун уопсастыбаннаһын мунньаҕын депутаттар оройуоннааҕы Сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлэ Гаврил Корякин салайан ыытта уонна депутаттар ааттарыттан мустубут дьону Саха Өрөспүүбүлүкэтин күнүнэн истиҥник эҕэрдэлээтэ.
Бүлүү улууһун баһылыга Сергей Винокуров эҕэрдэ тылыгар докумуоннарга олоҕуран Степан Аржаков саха автономиятын төрүттэһэргэ, салгыы сайдарыгар ыыппыт үлэтин сиһилии итэҕэтиилээхтик ырытта:
— Дьадьаҥы дьиэ кэргэҥҥэ төрөөбүт Степан Аржаков приходской оскуоланы, үрдүкү начаалынай училищены бүтэрэн, 1915 сыллаахха учительскай семинарияҕа киирэнПлатон Ойуунускайы, Максим Аммосовы, Исидор Бараховы уо.д.а. кытта билсэр. 1917 сыллаахха Степан Аржаков большевиктар баартыйаларыгар киирэр. Үөрэҕин бүтэрбит эдэркээн уолу Бүлүүгэ сэбиэскэй былааһы олохтуу ыыталлар, кинини хамыһаарынан аныыллар. 1920 сыллаахха Москубаҕа сыл аҥардааҕы кууруска үөрэххэ сылдьан саха автономиятын олохтооччулартан биирдэстэринэн буолар.
Ити сыл ахсынньы ый бүтүүтэ Москубаҕа сылдьар Степан Аржаков, Георгий Ефимов, Георгий Беленский- Сибиряков аан бастаан саха автономиятын олохтуурга тыл көтөҕөллөр. Кинилэр Москубаттан Дьокуускайга Наркомнац сахалар автономияларын утарбатын туһунан телеграмманы ыыталлар. Киэҥ дьүүллэһии барар…
Степан Аржаков Наркомнацка саха отделын тэрийэргэ тыл көтөҕөр уонна Саха сирин бастакы сокуоннай бэрэстэбиитэлэ буолар. Саха автономиятын тэрийэргэ сорудахтанар, үлэлэһэр, дакылаат ааҕар. Түмүгэр, Москубаҕа Саха сиригэр автономия статуһа бэриллэригэр сөбүлэһэллэр.
Степан Аржаков ис дьыала бастакы, атыы-эргиэн, бырамыысаланнас, хааччыйыы, сири оҥоруу норуодунай хамыһаардарынан, иккитэ норуодунай хамыһаардар Сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлинэн үлэлиир. Дьоҕурдаах салайааччы Саха өрөспүүбүлүкэтэ сайдарыгар уһулуччу кылаатын киллэрбитэ.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Баһылыгын уонна Бырабыыталыстыбатын дьаһалтатын салайааччы Георгий Михайлов эҕэрдэ тылыгар саха автономиятын төрүттэспит чулуу уолаттары, ол иһигэр, Степан Аржаковы ахтан туран, Бүлүү билиҥҥи дьоҕурдаах дьоно-сэргэтэ биир дойдулаахтарын, саха бастакы композиторын М.Н.Жирков «Ньургун Боотур» норуодунай оператын туруорбуттарыгар ис сүрэҕиттэн махтанна уонна «Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын үтүөлээх үлэһитэ» бэлиэни хормейстер Ольга Корякинаҕа, «Гражданскай килбиэн» бэлиэни«Ампаардаах» хаһаайыстыба ветеринарыгар Николай Борисовка, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Баһылыгын уонна Бырабыыталыстыбатын дьаһалтатын Махтал Суруктарын Өкүндү баһылыгар Никифор Петровка, Лөкөчөөн баһылыгар Анна Доргоноваҕа туттарда.
Георгий Михайлов салгыы Саха Өрөспүүбүлүкэтин «Ийэ хапытаалын» сертификаттарын Сайыына уонна Анатолий Семеновтарга, Василиса уонна Олег Ксенофонтовтарга, «Бастакы холбоспут эдэр ыаллар» сертификаттарын Айиша уонна Николай Кононовтарга, «Үйэ оҕолоро» сертификаты Светлана уонна Егор Баишевтарга туттарда.
Улуус баһылыга Сергей Винокуров РФ олохтоох салайыныы ассоциациятын «Олохтоох бэйэни салайыныы сайдыытыгар киллэрбит кылаатын иһин» бэлиэтин I Күүлэт баһылыгар Айал Новиковка, РФ олохтоох салайыныы ассоциациятын Бочуоттаах Грамотатын Тааһаҕар баһылыгар Семен Каратаевка, баһаарга хорсун быһыытын иһин«Дьону быыһааһын иһин» бэлиэни Баппаҕаайы олохтооҕор Иван Ивановка, элбэх эдэр ыалларга дьиэ ылалларын хааччыйарга социальнай төлөбүр сибидиэтилистибэлэрин туттарда.
Бүлүү куорат баһылыга Ян Попов Саха Өрөспүүбүлүкэтин күнүнэн эҕэрдэлээн туран, Степан Аржаков автономияны төрүттэһиигэ уһулуччу кылаатын бэлиэтээтэ уонна «Бүлүү куоратыгар үтүөлэрин иһин» бэлиэни Людмила Ивановаҕа, Мария Васильева, Вера Атласова, «Бүлүү куората 390 сыла» үбүлүөйдээх бэлиэни элбэх үтүөлээх Маргарита Соколоваҕа, Софья Саввиноваҕа, Федор Николаевка, Ефросинья Петроваҕа, Татьяна Волчокка, Надежда Павловаҕа, Иван Волковка туттарда.
Н.Г.Чернышевскай аатынан БППК алын сүһүөх учууталларын бэлэмниир салаа сэбиэдиссэйэ Сахаайа Варламова мустубут дьону Саха Өрөспүүбүлүкэтин күнүнэн истиҥник эҕэрдэлээтэ.
Түмүккэ, оскуола оҕолоругар РФ гражданина буолбуттарын туоһулуур сүрүн докумуон – пааспар үөрүүлээх быһыыга-майгыга туттарылынна.
М.Н.Жирков аатынан култуура дыбарыаһыгар үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ мустубут дьон «Айылгы» үҥкүү ансаамбылын үҥкүүлэрин, фольклорнай ансаамбыл, ырыаһыттар ырыаларын-тойуктарын астына-дуоһуйа көрдүлэр.
Николай Куприянов.