Бүлүүгэ саҥа киинэни астына көрдүбүт

Чочу нэһилиэгэр ыытылла турар аҕам саастаах дьоҥҥо аналлаах декада кэмигэр араас тэрээһиннэр буолаллар.
Биир оннук умнуллубат үөрүүлээх түгэнинэн олохтоох дьаһалта тэрийиитинэн (баһылык Петр Догоюсов) аҕам саастаах дьон Бүлүү куоратыгар киирэн, «Лоокуут уонна Ньургуһун» диэн саҥа киинэни астына- дуоһуйа көрбүттэрин туһунан Федора Иннокентьевна Николаева биһиэхэ маннык кэпсээтэ:

— Автобус сылдьыбат буолан куораппытыгар наадалаах дьон таксинан киирэбит, тахсабыт. Бу сырыыга олохтоох дьаһалтабыт босхо киллэрэн биһигини улаханнык үөртэ.
«Лоокуут уонна Ньургуһун» диэн наһаа үчүгэй киинэ эбит. Өссө биһиги, чочулар, бэйэбит уолбут Гаврил Менкяров оонньуур эбит, оруолун олус итэҕэтиилээхтик толорбутун астына, киэн тутта көрдүбүт.
Онон биһиги, аҕам саастаах дьон, биир күһүҥҥү үтүө күн куораппытыгар киирэн, К.Е.Тимофеев аатынан «Бүлүү» кинотеатрга Саха сирин үрдүнэн көрөөччү киэҥ биһирэбилин ылбыт саҥа киинэтин көрөммүт уонна биһиэхэ болҕомто уурулларыттан олус үөрдүбүт, тэрийээччилэрбитигэр махталбыт муҥура суох.
Муза Федорова.

Читайте дальше