Ааспыт өрөбүллэргэ ыллыыр ыраас кумахтаах Бүлүү Эбэбитигэр сынньана,күөгүлүү сылдьар дьон ууттан бэрт улахан кээмэйдээх былыргы кыыл төбөтүн уҥуоҕун булан ылбыттар.
Ол курдук бэйэлэрэ кэпсииллэринэн, бастаан көрөн баран мас быһыылаах дии санаабыттар. Онтон өрүс биэрэгин устун күөгүлүү сылдьан, син биир били сиэрэйдиҥи өҥнөөх улахан туох эрэ биллибэт эттик ууга көстө сытарын эмиэ иккиһин түбэһэ көрбүттэр. Ол иһин биирдэстэрэ илиитинэн тутан баран тардан ылбыт.Арай онтукатын оруобуна муоһуттан туппут эбит уонна итинник былыргы үйэтээҕи аарыма кыыл төбөтүн уҥуоҕа тахсан кэлбит.
Ити курдук айылҕа бэйэтэ бэрт дьиктини көрдөрөр да, булларар да буолар эбит.Биллэн турар,бу сэдэх булумньу сотору кэминэн туһааннаах миэстэтин булара буолуо диэн сабаҕалыахха сөп.
Муза Федорова.