Бүгүн, балаҕан ыйын 27 күнүгэр, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн Судаарыстыбаннас күнүн бэлиэтиир тэрээһиннэр киэҥ далааһыннаахтык ыытылла тураллар. Бүлүү куоратыгар бу бэлиэ күҥҥэ киэн туттар биир дойдулаахпыт, судаарыстыбаннай, политическай диэйэтэл, Саха сиригэр Сэбиэскэй былааһы олохтооччулартан биирдэстэрэ, Саха сирин автономиятын оҥорсубут, норуотун кэскилин түстэспит, саргытын салайсыбыт Степан Максимович Аржаков скверигэр үгэс быһыытынан сибэкки дьөрбөтүн уурдулар.
Үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ СӨ Бырабыыталыстыбатын уонна дьаһалтатын салайааччыта Георгий Михайлов, Бүлүү улууһун баһылыга Сергей Винокуров, Ил Түмэн депутата, «Сахатранснефтегаз» кылаабынай инженерэ Александр Гоголев, Оройуон Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Гаврил Корякин, СӨ Общественнай палататын чилиэнэ, Ил Түмэн Ыччат Парламенын бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччыта Айтал Керемясов эҕэрдэ тылын эттилэр, Степан Аржаков үлэтин, норуотугар анаабыт чаҕылхай олоҕун ахтан-санаан аастылар. Георгий Николаевич тыл этэригэр биир дойдулаахпыт, СӨ Ыччат министиринэн үлэлии сылдьан баҕа өттүнэн дойдутун көмүскүү сылдьар Петр Шамаев: «Улууспут, өрөспүүбүлүкэбит, дойдубут туһугар түмсүөххэ, бииргэ сомоҕолоһон үлэлиэххэ» диэн эппитин уонна Судаарыстыбаннас күнүнэн биир дойдулаахтарыгар истиҥ эҕэрдэтин ыыппытын тириэртэ.
Быйыл Степан Аржаков төрөөбүтэ 125 сылыгар анаммыт тэрээһиннэр тиһиктээхтик ыытыллан, бүлүүлэр Саха сирин историятыгар биллэр–көстөр суолу хаалларбыт биир дойдулаахтарын аатын үйэтитиигэ, кини холобур буолар дьоһун олоҕун ыччат дьоҥҥо тиэрдиигэ күүскэ үлэлииллэр.
Галина Долгунова.