Бүлүүгэ тимир уустарын Аан дойдутааҕы фестивала ыытылла турар

Бүлүү куората төрүттэммитэ 390 сылыгар, биллиилээх судаарыстыбаннай, бэлитиичэскэй диэйэтэл Степан Максимович Аржаков төрөөбүтэ 125 сылыгар анаммыт тимир уустарын аан дойдутааҕы фестивала атырдьах ыйын 20-23 күннэригэр Бүлүү куоратыгар ыытылла турар.

Бу иннинэ сахалыы үгэс быһыытынан тимир уустара уонна ыҥырыылаах ыалдьыттар Бүлүү эбэ Ахталдьыйаан диэн кэрэ айылҕалаах сиригэр сахалыы алгыска сырыттылар.

Фестиваль күндү ыалдьыттарын ортолоругар аатырбыт хомусчуттар, биир дойдулаахтарбыт  Иван Егорович Алексеев – Хомус Уйбаан, Альбина Михайловна Дегтярева, Россия уустарын Союһун Саха сиринээҕи региональнай отделениетын  Саха уустарын уонна металлурдарын Ассоциациятын президенэ Николай Николаевич Бурцев уо.д.а.бааллар.

Аан дойдутааҕы фестиваль үөрүүлээх аһыллыыта М.Н. Жирков аатынан култуура оройуоннааҕы Дыбарыаһыгар үрдүк таһымнаахтык ыытылынна, маастардар үлэлэрин быыстапката дьон-сэргэ биһирэбилин ылла. Аан дойдутааҕы фестиваль кыттыылаахтарын Бүлүү улууһун баһылыга Сергей Николаевич Винокуров истиҥник эҕэрдэлээтэ, ситиһиилэри баҕарда.

Өрөспүүбүлүкэ үгүс улуустарыттан бу аан дойдутааҕы фестивалга 14 хамаанда кэлэн кытта сылдьаллар. Бүлүү улууһуттан түөртүү киһилээх үс хамаанда кыттыыны ылар, олор истэригэр биллэр уустарбыт Николай Степанов, Егор Федоров, Семен Томскай бааллар. Итини сэргэ Россия, Беларусь Республикатыттан уо.д.а. куораттартан аатырбыт тимир уустара Бүлүү сиригэр кэлэн, аан дойдутааҕы фестивалга маастар-кылаастары ыыталлар.

Кэрэ айылҕалаах “Хомустаах” сиригэр улуустар уонна Россия араас регионнарыттын кэлбит тимир уустара, маастардар тимири уһаарыыга бэйэлэрин сатабылларын көрдөрөллөр.

Тимир уустарын Союһун  регионнар икки ардыларынааҕы общественнай тэрилтэтин уонна “Бүлүү улууһа (оройуона)” МО  икки ардыларыгар Сөбүлэһиигэ илии баттанна. Бу Сөбүлэһии инникитин тимир уустарын айар үлэлэригэр, баай уопуттарын атастаһыыга саҥа саҕахтары арыйыаҕа.

Фестиваль иккис күнүгэр  тимир уустарыгар уонна кыттааччыларга тэриллибит научнай-практическай конференцияҕа тимири уһаарыы кистэлэҥнэрин дьүүллэстилэр, уопуттарын атастастылар.

Тимири уһаарыыга олус интэриэһинэй күрэхтэһиилэр ыытыллаллар. Ол курдук бүгүн Хомустаахха Уустар түһүлгэлэригэр «Өбүгэ хомуһа», “Өбүгэ үгэһэ” күрэхтэр ыытыллыахтара. Аатырбыт уустарбыт Бүлүү – хомус биһигэ буоларын өссө төгүл бигэргэтиэхтэрэ.

Муза Федорова.

Хаартыскалар Бүлүү улууһун дьаһалтатын техническэй хааччыйыыга отделыттан, куорат дьаһалтатыттан,»Алгыс» СК уус-уран салайааччыта Августина Евсееватан.

Читайте дальше