Тылга болҕомто – кэскиллээх үлэ. Олох ханнык баҕарар араҥата төрөөбүт тылга сыһыантан быһаччы тутулуктаах. Онуоха дьон олоҕун укулаата, күннэтэ туттар, кэпсэтэр тылбыт-өспүт сүҥкэн тирэх буолар. Ону саҥа көлүөнэ улаатан тахсан истэҕин аайы үөрэтэр, чинчийэр уонна сурукка киллэрэн, саҥа сайдар суоллары тыырар ытык иэстээхпит. «2020-2024 сс. Cаха Өрөспүүбүлүкэтигэр судаарыстыбаннай уонна дьиҥ таһымнаах тыллары харыстааһын уонна сайыннарыы» диэн бырагыраама чэрчитинэн түөлбэ тылын чинчийэр эспэдииссийэлэр тэриллибиттэрэ. 2022 с. Тааттаҕа, Уус Алдаҥҥа, Аммаҕа, Мэҥэ Хаҥаласка, Сунтаарга айан буолбута. Быйыл, 2023 сылга, эспэдииссийэ Нам, Өймөкөөн уонна Бүлүү улуустарыгар үлэлээтэ.
Урукку кэмҥэ Бүлүү түбэтин тылын (вилюйский говор) диалектологтар М.С. Воронкин, С.А. Иванов чинчийбиттэрэ. Бүлүү түбэтин тыла өлүөхүмэ-ленскэй түөлбэ тылын (олекмо-вилюйская диалектная зона) улуустарыгар киирсэр, онон куруук Ньурба, Үөһээ Бүлүү, Сунтаар, Өлүөхүмэ, Ленскэй уонна Мииринэй улуустарын кытта тэҥҥэ хабыллан чинчийиллэр. 1950-1980-с сылларга ыытыллыбыт уонтан тахса эспэдииссийэ түмүгүнэн «Вилюйская группа говоров якутского языка, в котором дано систематическое описание сунтарского, нюрбинского и собственно вилюйского говоров» диэн монографияны М.С. Воронкин бэлэмнээбитэ, Гуманитарнай чинчийии институт Архыыбыгар хараллан сытар – бэчээттэнэ илик. Сүрүн дааннайдара түөлбэ тылын тылдьыттарыгар (1976, 1995 сс.), түөлбэ тылын аатыластарыгар (2004, 2010 сс.) киирбиттэрэ.
Быйыл олунньу-кулун тутар ыйдарга Бүлүү улууһугар Үгүлээт, Тиэрбэс, Халбаакы, Чочу, Бөкчөҥөө, Чернышевскай нэһилиэктэригэр уонна Бүлүү куоратыгар тыл матырыйаала хомулунна. 40-ча киһи саҥата (разговорная речь) диктофоҥҥа уһулунна. Урукку өттүгэр чинчиллибит чахчылар хаттаан бигэргэннилэр, холобур, сүрүннээн, окоойдоон саҥарыы, дэҥҥэ аакайдааһын (холобур, халбый ‘снимать сливки’) көстөр; уһатыылаах аһаҕас дорҕоону киэҥник туттуу (чаай, баайтаһын, табаах, туораах, чаһыы, барыыс, аҕабыыт, о.д.а.); тыл саҕаланыытыгар б/м дорҕооннору солбуһуннара саҥарыы (буоһа/муоһа, баарыын/маарыын, мааҕын, ис муотараҕа, о.д.а.); туттуу түһүккэ бүтэй дорҕоону хоһулаһыннаран саҥарыы (ууннан, тыыннан, тыаннан; ону сэргэ: диэки/диэкки), о.д.а. Тыл баайыгар балачча элбэх матырыйаал хомулунна (300-тэн тахса түөлбэ тыла: ол иһигэр саҥа тыллар, арыый атын суолталаах түөлбэлии өйдөбүллээх тыллар). Үгүлээт уонна Халбаакы үөрэнээччилэрин кытта көрсүһүү элбэх санааны сахта. Холобур, саха тыла туттуллар эйгэтэ төрүт дьарыгы (сүөһүнү, сылгыны иитии, от-мас үлэтэ, иис-уус, төрүт ас, о.д.а.) кытта ыкса ситимнээҕэ өссө төгүл бигэргэннэ. Оскуолаларга сахалыы ааттаах оҕо элбээбитэ норуот сахатыгар тардыһара күүһүрбүтүн көрдөрөр.
Эспэдииссийэ нэһилиэктэр түмэллэригэр эмиэ болҕомтотун уурда. Бөтүҥ, Халбаакы, Чочу түмэллэригэр мээнэ көстүбэт экспонаттар бааллар эбит (холобур: суорат сиидэтэ, балык үүрэр мас, араас кээмэйдээх чабычахтар). Ол гынан баран, араас төрүөттэн сылтаан сөптөөх көрүү-истии, үбүлээһин суох түгэнигэр, бу күндү баайбыт кылгас кэмҥэ симэлийэн хаалар, туһаттан тахсар кутталлаах.
Эспэдииссийэ сүрүн соруга – саха билиҥҥи тылын хомуйуу. Бу улахан суолталаах үлэҕэ көмө-ньыма буолбут – хоннорбут, аһаппыт-сиэппит, тиэйбит-таспыт, информация биэрбит, кэпсэппит – Бүлүү улууһун дьонугар-сэргэтигэр барҕа махталбын биллэрэбин. Тылы чинчийэр айаннар тохтооботтор. Кэнэҕэһин атын нэһилиэктэргэ эмиэ сылдьар сорук турар. Саха тылын харыстааҥ, ытыктааҥ, киэҥник туһаныҥ!
Егор Николаев, тыл билимин хандьыдаата,
Гуманитарнай чинчийии уонна аҕыйах ахсааннаах
хотугу омуктар кыһалҕаларын институтун
саха тылын салаатын үлэһитэ.