Ытыс тыаһа, үөрүү-көтүү, ыһыы-хаһыы биир кэм ньиргийэн олордо, саала иһэ олох ураты күүстээх эйгэҕэ куустарда
М.Н. Жирков аатынан култуура Дыбарыаһыгар ахсынньы 2 күнүгэр киэһэ 8 чаастан сахалыы тыыннаах доҕуһуолунан музыка кэрэ эйгэтигэр дохсуннук киирэн, ураты суолу-ииһи хаалларбыт, үтүө өйдөбүл буолан саха дьонугар-сэргэтигэр мэлдьи ахтыллар, кэрэхсэнэр мааны куоластаах, дэгэрэҥ үктэллээх ырыаһыт бэрдэ Геннадий Семенов-Урааҥхай сырдык кэриэһигэр бииргэ алтыспыт доҕотторо бары түмсэн, музыка алыптаах дорҕоонугар уйдаран тыыннаах доҕуһуолунан омуна суох 4 чаас кэриҥэ күүстээх эйгэлээх, уйулҕаны хамсатар, сүргэни көтөҕөр, дууһаны уоскутар, сүрэҕи үөрдэр хаһан да хатыламмат олус бэртээхэй кэнсиэри Бүлүү куоратын олохтоохторугар көрдөрдүлэр.
Геннадий Оярович Семенов, норуокка биллибитинэн тапталлаах аата Урааҥхай, хатыҥ мастаах Халбаакы нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, “СӨ норуотун уус-уран айымньытын сайыннарыыга кылаатын иһин”, “Саха сирин Арктикатын уонна Хотугу норуоттар сайдыыларыгар кылаатын иһин” анал бэлиэлэр хаһаайыннара, ырыаһын, мелодист, билигин баара буоллар, 65 сааһын туолуохтаах этэ.
Сахалыы ырыаны Аан дойду үрдүнэн иһитиннэрбит улахан ааттаах-суоллаах “Ай-Тал” бөлөх Сунтаартан кэлэн тыыннаах доҕуһуолунан ыллаан-туойан көрөөччүлэригэр эмиэ үтүө өйдөбүлү хаалларда. Көрөөччүлэр Александр Спиридонов, Сиэн Тиитэп толорууларын дохсун ытыс тыаһынан көрүстүлэр. Итини сэргэ Саха сиригэр тыыннаах доҕуһуолу киэҥ эйгэҕэ тарҕатар, сайыннарар Бүлүү бөлөҕүн вокальнай-инструментальнай ансаамбыллара: Үөһээ Бүлүүттэн “Үргэл” бөлөхтөн ырыаһын Дьуурай, “Тэргэн ый”, Сунтаартан “Хаһыы” бөлөх, Бүлүүттэн VZD, Халбаакыттан “Түмэн” бөлөх уонна Халбаакы кулуубугар дириэктэринэн үлэлии сылдьыбыт София Вилюйская, Геннадий Семенов оҕо сааһын доҕоро, мелодист, ырыаһын Николай Пономарев, Халбаакыттан Адексей Васильев, Бүлүү к. Василий Мандаров уо.д.а. ылбаҕай ырыаларын анаатылар, көрөөччүлэр биһирэбиллэрин ыллылар.
1980-с сыллардаахха Халбаакы кулуубугар “Диалог” диэн ВИА тэриллэн кэнсиэртэргэ ыллаан-туойан көрөөччү биһирэбилин ылбыт кэмнэрэ бааллара. Ол ансаамбл сөргүтүллэр, билигин ыллыы-туойа сылдьар убайдыы-бырааттыы Юрий, Владимир Сутукановтар, музыкант Михаил Перетертов уо.д.а. састааптаах “Түмэн” диэн бөлөх тэриллиитигэр Геннадий Оярович сүбэ-ама, күүс-көмө буолбута диэн халбаакылар махтана ахталлар.
Маны таһынан Бүлүүттэн саҥа тахсан эрэр кэскиллээх VZD бөлөх аны саас Сунтаарга буолар тыыннаах доҕуһуолунан ырыа куонкуруһугар кыттарга ыҥырыы тутта.
Бу бэртээхэй кэнсиэри уран тыл маастара, ырыаһыт Мэхээс Сэмэнэп иилээн-саҕалаан бэрт сэргэхтик ыытта. Түмүккэ Халбаакы “Эр хоһуун” бөлөҕүн үҥкүүһүттэрин толорууларын көҕүлээн, кэлбит дьон бары бииргэ илии-илииттэн ылсыһан Урааҥхай матыыбыгар оүуокайдаан ойдулар, эһиэкэйдээн тэйдилэр.
“Көҥүл норуот оҕото Урааҥхайбыт биһиэнэ умнуллуо суоҕа, эн ырыаҕ ыллана туруо!” диэн тыыннаах доҕуһуол ырыаһыттарын барыларын биир сомоҕо түмпүт Геннадий Семенов-Урааҥхай үтүө аатыгар ыытыллыбыт кэнсиэрт көрөөччүлэргэ өтөрүнэн умнуллубат өйдөбүлү хаалларбыта саарбаҕа суох.
Араас уустуктары, баар кыһалҕалары кыайа тутан, бу тэрээһини үрдүк таһымҥа ыыппыт Халбаакы нэһилиэгин дьаһалтатыгар баһылык А.И. Васильевка уонна “Тускул” норуот айымньытын дьиэтин салайааччытыгар Е. Эверстоваҕа, бары үлэһиттэригэр инникитин даҕаны ылсыбыккыт ыпсан истин, туппуккут тупса турдун диэн алгыс уонна барҕа махтал тылларын Бүлүү к. көрөөччүлэрин аатыттан этэбит.
Муза Федорова,
Николай Федоров.