Бүлүүгэ улуустааҕы «Тыл хонуута» оонньуу бэһис төгүлүн ыытылынна

М.Н.Жирков аатынан оройуоннааҕы култуура Дыбарыаһыгар Төрөөбүт төрүт тыл, сурук-бичик күнүгэр уонна Бүлүү куората төрүттэммитэ 390 сылыгар аналлаах оскуола оҕолоругар улуустааҕы «Тыл хонуута» күрэс 5 төгүлүн үрдүк таһымнаахтык ыытылынна.  

Манна 5 хамаанда кыттыыны ылла. Оҕолор 6 түһүмэххэ күөн көрүстүлэр. Ол курдук бэйэни билиһиннэрии, тыл суолталарын быһаарыы, тылтан тыллары таһаарыы, өркөн өй, өс хоһооннору сахалыы тылбаастааһын уонна уус-уран ааҕыы. Кыттааччы оҕолор бары үчүгэй бэлэмнээхтэрэ, төрөөбүт тылларын билэллэрэ көһүннэ. 

Уопсай түмүккэ кыайыылаах үрдүк аатын ылла 1 Күүлэт орто оскуолатын «Сайдыс» хамаандата, иккис миэстэҕэ Хаҕын орто оскуолатын «Кэнчээри» хамаандата таҕыста, үһүс миэстэҕэ — Бүлүүтээҕи Г.С.Донской аатынан 2 нүөмэрдээх оскуола «Дьүкээбил» хамаандата. Кыайыылаахтар көһө сылдьар кубогынан, сыаналаах бириистэринэн наҕараадаланнылар, бары кыттааччыларга туоһу суруктары туттардылар. 

Василина Татаринова.

Читайте дальше