Бүлүү үбүлүөйдээх ыһыаҕын ат сүүрдүүтүгэр…

Бэс ыйын 14-15 күннэригэр Бүлүү куоратыгар ыытыллар үбүлүөйдээх «Ытык Бүлүү алгыстаах ыһыаҕын» биир дьон болҕомтотун тардар тэрээһининэн ат сүүрдүүтэ буолла.

Тоҕо үбүлүөйдээх диэтэххэ, быйыл Уһук Илин биир кырдьаҕас куората – Бүлүү төрүттэммитэ 390, биллиилээх судаарыстыбаннай, бэлитиичэскэй диэйэтэл, саха автономиятын быһаччы төрүттэспит Степан Максимович Аржаков төрөөбүтэ 125 сыллара бэлиэтэнэр.

Ат сүүрдүүтэ – ыһыах киэргэлэ. Улахан тэрээһин сахалыы сиэри-туому тутуһууттан саҕаланна. Алгысчыт Владимир Николаев үөһээҥи айыылартан барыта этэҥҥэ буоларыгар уот оттон, айах тутан алгыс түһэрэн көрдөстө. Урутаан эттэххэ, улахан күрэхтэһиигэ аттар да, сүүрдээччилэр да оһолломмокко, охтубакка, барыта этэҥҥэ ааста. Халлааммыт да туран биэрдэ, сөрүүтүйдэ, ардаабата.

Үбүлүөйгэ ситимнээн уруккута Степан Аржаков аатынан аатырбыт сопхуос кииниттэн «Кыталык» култуура киинэ кэнсиэри, үҥкүүлэри таһымнаахтык туруорбутун, тэрээһини Чернышевскай нэһилиэгин баһылыга Антон Амбросьев салайбытын бэлиэтиэххэ сөп.

Улуустааҕы ат сүүрдүүтүн федерациятын бэрэссэдээтэлэ, тыа хаһаайыстыбатын департаменын салайааччы Павел Иннокентьев үбүлүөйдээх ыһыах ат сүүрдүүтүнэн ипподромҥа кэлбит ат спордун сүгүрүйээччилэргэ истиҥ эҕэрдэ тыллары анаата, улуус,куорат дьаһалталара, тэрилтэлэр, урбаанньыттар барыта 1,3 мөл. солк. суумалаах бириис туруорбуттарыниһитиннэрдэ.

Быйылгы ат сүүрдүүтүгэр «Дьөһөгөй оҕото» ипподромҥа кылаабынай судьуйа Владимир Афанасьев күрэхтэһии иннинэ6 дистанцияҕа 23 сүүрүүк ат күүстэрин холоһуохтара диэн билиһиннэрдэ. Бүлүү улууһуттан 13 түөрэм туйахтаах сүүрүүк ат, ол иһигэр, Дьөккөнтөн – 6, Тааһаҕартан – 7, Үөһээ Бүлүүттэн – 5, ол иһигэр, Тамалакаантан – 2, Ороһуттан – 3, Ньурбаттан – 1, Дьокуускайтан – 4 аттар сүүрэллэрэ иһитиннэрилиннэ.

Күрэхтэһиини бүлүүлэр кэтэһэр комментатордара Гаврил Евсеев иһитиннэрэн-биллэрэн, кэпсээн-ипсээн киэргэттэ. Кини көрөөччүлэри күллэртээн, хаһыытаан-ыһыытаан күрэхтэһии үгэнин туругар киллэрэр көҕүлүүр дьоҕурдаах.

Тыа хаһаайыстыбатын департаменын үлэһиттэрэ ат сүүрдүүтэ мөккүөрэсуох таһымнаахтык тэрийэн ыыталларын бэлиэтиэххэ сөп. Күрэхтэһии судьуйата Эдуард Михайлов аттары сүүрдүүнү көрөн-истэн быһаччы салайар.

Бастакы 1200 муһуҥҥа сиэнчэр аттар сүүрүүлэригэр тааһаҕардар Ленкалара, МЧС-ра уонна дьөккөннөр Чаҕылҕааналара түстүлэр. Биэтэккэ бастакынан Чаҕылҕаана кэлэн дьөккөннөрү уруйдатта. Бу дистанцияҕа Бүлүү аттарын эрэ сүүртүлэр.

1600 м уһуҥҥа эмиэ сиэнчэрдэргэ Тамалакаан агро-оскуолатын Чыпчаал, Ороһуттан Бэлэх, Дьөккөнтөн Сулустаан уонна Сатал сүүрдүлэр. Бастакынан Чыпчаал, иккиһинэн-үсүһүнэн Сатал, Сулустаан кэллилэр.

1600 мдистанцияҕа саха аттарын сүүртүлэр. Үөһээ Бүлүү ааттаахтарын Уолчааны уонна Ураайканы кытта тааһаҕардар Кустуктара илин-кэлин түһүстүлэр. Кустук биэтэккэ бастакынан кэллэ, иккис-үһүс Уолчаан уонна Ураайка буоллулар.

3200 муһуҥҥа чиптээх аттар сүүрүүлэригэр дистанцияҕа4 ат сүүрдэ. Бастакынан ньурбалар соҕотох аттара – Мохсоҕол кэллэ, Дьокуускайдар Уолчааннара иккис, үһүс тамалакааннар Сүүтүктэрэ кэллилэр.

1600 мдистанцияҕа саха аттарыгар сүүрэр суолга тааһаҕардар уонна дьөккөннөр 6 аттара таҕыстылар. Бу дистанция эмиэ Бүлүү аттарыгар ананна. Сүүрдүү түмүгүнэн дьөккөннөр аттара иннилэрин биэрбэтилэр: Ыас Харалара бастаата, Бэлиэлэрэ иккис, Бастыҥнара үһүс кэллилэр.

2400 м уһуҥҥа дьөккөннөр аттара Сатал, Элэккэй, Сулустаан сүүрдүлэр. Элэккэй биэтэккэ бастакынан кэллэ, иккис — Сатал, үһүс — Элэккэй.

Комментатор Гаврил Евсеев биллэрбитинэн, урут элбэхтик кыайбыт, массыына «бэлэхтээбит» 11 саастаах Сатал быйыл бүтэһик сүүрүүтэ буолбут. Көрөөччүлэр Саталы уруйдаан-айхаллаан атаардылар.

Бүтэһик дистанция кыайыылаахтарыгар харчынан бириистэри Бүлүү куорат баһылыга Ян Попов туттарда.

Быйылгы ат сүүрдүүтэ ити курдук ааста. Ыаллыы сытар улуустар, Дьокуускайтан «Сахатент» тэрилтэ аттара күрэхтэһиини сытыырхаттылар, киэргэттилэр. Хас биирдии дистанция кыайыылааҕар 60 тыһ. солк., иккискэ – 40 тыһ. солк., үһүскэ – 30 тыһ. солк., эбии бириистэр, элбэх номинацияларга эмиэ сыаналаах бириистэр тууттарылыннылар. Бириистэр сүүрдүү кэннэ тутатына туттарыллар буолан, күрэхтэһии уһаабакка-тэнийбэккэ ааста.

Билигин Бүлүү улууһугар сүүрүүк аттары баайыынан Дьөккөҥҥө уонна Тааһаҕарга эрэ дьарыктаналлар. Ат спордун энтузиастара Дьөккөҥҥө Сидор, Иван Ионовтар, Тааһаҕарга Иннокентий Павлов дьарык оҥостоллорунан диэххэ сөп, ат спорда Бүлүүгэ тыыннаах, ат сүүрдүүтэ ыытыллар.

Урут ат сүүрдүүтүгэр Халбаакы, Бөтүҥ, Балаҕаччы, Чочу аттара күннүүр этилэр. Билигин ити нэһилиэктэргэ ат баайар дьарыктаах дьон хаалбата да быһыылаах. Ол иһин, ат спордун энтузиастарын, баҕалаахтары туох кыалларынан өйүөххэ, өрө тутуохха, элбэх күрэхтэһиини ыытыахха, үптээх буолар соруктан тотализаторы киллэриэххэ наада.

Түмүккэ комментатор Гаврил Евсеев быйылгы ат сүүрдүүтүттэн санааларын билиһиннэриэм.

Ат сүүрдүүтүн тэрээһинэ олох үчүгэй, көрөөччү да элбэх, күммүт-дьылбыт туран биэрдэ, кумаар да суох.

Быйыл Тамалакаан агро-оскуолатын аттара Бүлүүгэ кэлэн сүүрдүлэр, биир ат дистанциятыгар кыайда.Ол эбэтэр, агро-оскуолаларга аттары тутуохха баара. Аны сүүрдээччилэри ыллахха, биһиэхэ сүүрдээччи да аҕыйах. Бастаабыт Тамалакаан сүүрдээччитэ Арылхан Саввинов ат үрдүгэр улааппыт,аты кыра оҕо эрдэҕиттэн сүүрдүбүт эбит. Оҕолору кыраларыттан үөрэтэр сөптөөҕүн ити холобур көрдөрөр.

Бары кэрдиискэ болҕомто ууран ат сүүрдүүтүн спордун ситимнээхтик сайыннардахха эрэ түмүк баар буолуо

Улууска ат спордун сайыннарыыга билигин дьарыктана сылдьар энтузиастары, атын нэһилиэктэргэ ат сүүрдүүтүн сөргүтээччилэри күүскэ өйүөххэ наада. Сотору кэминэн дьөккөннөр өрөспүүбүлүкэ ипподромнарыгар былырыын күһүн миэстэлэспит Тойон уонна Төлөн аттарын ааттарын истиэхпит турдаҕа. Билигин Сидор Ионов сүүрүүк аттарын улахан күрэхтэһиилэргэ бэлэмнии сылдьар.

Быйылгы ат сүүрдүүтэ бэркэ ааста, — диэн Гаврил Евсеев санаатын үллэһиннэ.

Ити этиини кытта сөбүлэһиэххэ эрэ сөп.

 Николай Куприянов.

Читайте дальше