Бүлүү улууһун хамаандата «Дьулуур» спартакиадаҕа үһүс миэстэни ылла.
Улуус спорка кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Гаврил Евсеев судьуйалар түмүктүүр мунньахтарын кэннэ Бүлүү улууһун хамаандата «Дьулуур» XIV спартакиадаҕа ситиһиилээхтик кыттыбытын, бэйэтин бөлөҕөр Дьокуускай куорат уонна Мэҥэ-Хаҥалас улууһун кэннэ үһүс миэстэни ылбытын туһунан үөрүүлээх сонуну иһитиннэрдэ.
Ааспыт «Манчаары оонньууларыгар» Хаҥалас хамаандатын кытта очуоканан тэҥнэһэн баран хаачыстыбанан эрэ 4 миэстэни ылбыппыт.
«Дьулуур» спартакиадаҕа Бүлүү спортсменнара хаҥаластары ырааҕынан хааллардылар.
Кыһыл көмүс мэтээллэри уонна чемпион үрдүк аатын Татьяна Манжурьева уонна Айгимар Нифонов ыллылар. Бүлүү хамаандатын спортсменнара 2 кыһыл көмүс, 9 үрүҥ көмүс уонна 4 боруонса мэтээллэри тыҥааһыннаах киирсиигэ ылбыттарын бэлиэтиэххэ сөп.
Николай Куприянов.