Ыам ыйын 1 күнэ – Маай, Үлэ, Саас бырааһынньыга. Бүлүүгэ чаҕылхай күннээх, кыра тыаллаах сааскы күн. 11 чаас саҕана куорат уулуссалара ырааһырбыттара, онно-манна бөхтөөх кууллар чөмөхтөммүттэрэ харахха быраҕыллар…
Даҕатан эттэххэ, Ян Попов баһылыктаах куорат дьаһалтата, депутаттар кэлиҥҥи икки сылга суһал ыстаап тэрийэн сааһыары уулуссалартан элбэх хаары тастаран, «күөл»уонна «көлүкэ» буолар дириҥ уулары оботторон уулуссалар эрдэ куурар буолбуттарыгар куорат олохтоохторо махтаналлар, үтүө тылларынан ахталлар.
1 Маайга Саха сиринээҕи үлэ кэлэктииптэрин профсоюһун ыҥырыытынан, куорат дьаһалтатын уонна депутаттарын Сэбиэтин быһаарыыларынан Бүлүү куоратыгар субуотунньук тэрилиннэ. Үлэ кэлэктииптэрэ сыһыарыллыбыт уулуссаларын бөҕүн-сыыһын хомуйбуттарын түмүгэр Бүлүү ырааһыйа, киэркэйэ түстэ.
Биһиги Марк Жирков уулусса саҕаланыыта Степан Федоров салайааччылаах куорат спорка уонна физическэй култуураҕа управлениетын кэлэктиибэ субуотунньуктуу сырыттаҕына тиийдибит. Куорат спорка управлениетын испэсэлииһэ Василий Пестряков субуотунньук туһунан бу курдук билиһиннэрдэ:
— Куорат үрдүнэн биллэриллибит субуотунньукка көхтөөхтүк кытта сылдьабыт. Управление кэлэктиибэ 100 % таҕыста, уоппускаҕа сылдьааччылар кытта кэллилэр. Марк Жирков уулусса баһыттан атаҕар диэри бөҕүн-сыыһын хомуйдубут.
Барыгытын Маай бырааһынньыгынан эҕэрдэлиибит! Куораппыт 390 сыллаах үбүлүөйүн көрсө куорат олохтоохторун дьиэҕит таһын, уулусса өттүн ыраастык тутуҥ, көрө-истэ, хомуйа сылдьыҥ диэн ыҥырабын!
Николай Куприянов.