1922 сыллаахха Саха сирин Наркомпроһа оччолорго үлэлии турар Бүлүү оскуолатын олохтоох нэһилиэнньэттэн учууталлары бэлэмнээһин хайысхатын тутуһуннарар дьаһалы таһаарбыта. Маннык быһаарыныы үөрэхтээһин эйгэтигэр үйэни уҥуордаан көрүллүбүт кэскиллээх дьаһал буолан, күн бүгүҥҥэ дылы тиийэн кэллэ. Бүлүү үөрэҕин кыһата 7 кэрдиис кэмнэри ааһан, уларыйан-тэлэрийэн, бириэмэ ирдэбиллэригэр үлэтин, сыалын-соругун сөпкө тэринэн, сайдан, үүнэн, кэккэтэ хаҥаан, 100 сыл тухары сүрүн соругун — учууталлары бэлэмнээһини чиэстээхтик толорор. Бүгүн Бүлүү түөлбэтэ үөрэхтээһин, култуура, чэбдик өй-санаа киинэ буолар. Ол туоһутунан Бүлүү түөлбэтэ ыччаты иитиигэ-үөрэтиигэ уһулуччу ситиһиилэрдээхулуу-чулуу учууталларынан тумус туттар, кинилэри муударай сүбэһит, олох оскуолата оҥостор. Киэн тутта ааттыыбыт норуодунай учууталлары — Михаил Андреевич Алексеевы, Виктор Филиппович Потаповы, ВасилийСофронович Долгунову, Николай Иванович Афанасьевы. Бараммат-хороммот баай ис хоһоонноох олохторун, тыырбыт ыллыктарын, сураҕырар ааттарын тустарынан сурукка-бичиккэ тиһиллэр, үөрэх кыһатын историята салҕанар, көлүөнэлэр ситимнэһэллэр.
Дойду президенэ В.В.Путин “Аныгы оскуола!”, “Кэлэр кэм учуутала”, “Эдэр профессионаллар” о.д.а. национальнай бырайыактар чэрчилэрин көҕүлээн, үөрэхтээһин тиһигэр оскуоланы саҥардыы, саҥатытыы, аан дойду таһымыгар таһаарыы ситимнээх үлэтэ ыытылла турар. 2023 сыл уһуйааччыга уонна настаабынньыкка анаммыта үөрэх кыһаларыгар сэргэхсийиини олоҕурта.
Бу күннэргэ Бүлүүтээҕи Н.Г.Чернышевскай аатынан колледжка “Учуутал уонна аҕа сүбэһит” күрэххэ 12 кыттааччы күөн көрсүстүлэр. Усулуобуйа быһыытынан эдэр специалистары кытары балайда уопуттаах настаабынньыктар үлэлэстилэр. Күрэх 2 күн тиргиччи уонна 3 сүрүн түһүмэхтэрдээх аттарылынна. Бастатан туран, настаабынньыктар маастар — кылаас, онтон икки буолан кыттыгас уруоктара.Үһүс түһүмэххэ эдэр уһуйуллааччы устудьуоннары аһаҕас кэпсэтиигэ ыҥырда.
Александра Тутукарова, экспертнай хамыыһыйа салайааччыта.
Информатика салаатыттан Алексеев Александр Васильевич уонна Алексеев Антон Анатольевич кичэйэн туран бэлэмнэммиттэрэ хайҕаллаах.
Биһиги уруокпут “Заполнение контента интернет-магазина с помощью нейросети” диэн. Нейросеть-бу билиҥҥи бириэмэҕэ олус туттуллар бэйэтэ бэйэтиттэн уонна тулалыыр эйгэттэн кэҥиир, информация ылар ситим күүстээх көрүҥэ, туһанарга табыгастаах, түргэн дьайыылаах, бу искусственнай өйү аныгы ыччат чорботон туттар.
Устудьуоннар актыыбынайдык үлэлэспиттэринэн сыаналаатахха, уруокпут табылынна диэххэ сөп.
Александр Алексеев.
Алын сүһүөх кылаастар учууталларын бэлэмниир салааттан Назарова Валентина Максимовна, Варламова Сахая Мироновна кытыннылар.
Төрөөбүт төрүт тылбыт сайыннын, сахабыт тыла сатараатын” диэнтус-туспа эйгэлэри тэҥнии тутан, физиология, анатомия уонна ааҕыы тиэмэлэрин холбоон, үөрэтэн холонон көрдүбүт. Уруокпутун олоҥхо тылы-гар-өһүгэр анаатыбыт, айымньы бу улуу көрүҥэ бу төрүт тылбытын кэбэҕэстик уонна судургутук ылынарга тирэх буоллун диэн сыал-сорук туруоран үлэлээтибит. Уруокпут ис хоһооно барыта күннээҕи олохпутугар сахалыы ийэ тылбытын ыраастык туттарга интэриэһи көбүтүүгэ туһуланна. Холобура, киһи бэйэтин уорганнарын, эттиктэрин ааттарын сахалыытын төһө билэрин тургутан ыллыбыт. Ол тыллар олоҥхоҕо көстүүлэрин уонна туттуллууларын ырытыыны устудьуоннар сонуннук ылыннылар, олус сэргээтилэр.
Устудьуоннары кытары кэпсэтиибин “Мин орто анал үөрэх кыһатын устудьуонабын” диэн ааттаабытым. Оҕолор “Колледж инникитэ», “Аныгы кэм учуутала” бырайыактарын көмүскээтилэр,бэйэлэрин санааларын толору этиннилэр.
Сахаайа Варламова.
Итиэннэ нуучча тылын учууталлара Калачикова Туяра Спиридоновна, Софронова Валентина Васильевна ааҕыы ньымаларын уустаан-ураннаан көрдөрдүлэр, иһитиннэрдилэр. Настаабынньык Калачикова Т.С. «В мире сказок и рассказов с использованием платформы google” диэн маастар-кылааһы ыытта, иккиэ буолан кыттыгас уруоктара — “Детская литература с практикумом по выразительному чтению. В.А.Осеева.” Волшебное слово” уонна эдэр учуутал Софронова В.В. устудьуоннары “Читать или не читать?” диэн билиҥҥи бириэмэҕэ лаппа тирээн турар боппуруоска киэҥ кэпсэтии таһаарда.
Оскуола иннинээҕи саастаах оҕолор иитээччилэрин уһуйар салааттан Борисова Зоя Николаевна, Петрова Айталина Кононовна кыттыгас дьарыктарын В.Воскобович технологиятын туһанан, оонньуу нөҥүө үөрэттилэр, “Коврограф-ларчик” диэн суоттуур сатабылы сайыннарар бэрт интэриэһинэй уруогу бэлэмнээбиттэр.Маны таһынан, сингапурскай технологиянан бөлөҕүнэн үлэни табыгастаахтык тэрийбиттэр. Айталина Кононовна “Советскай Союз Героя Зоя Космодемьянская — эһиги биир саастыылааххыт” диэн тиэмэҕэ тирэҕирэн, ыччаты кытары үлэҕэ дойдуга бэриниилээх буолууну тоһоҕолоото. Зоя Николаевна маастар-кылааһыгар чинчийэр үлэни хайдах тэрийиэххэ, дьарыктаныахха, салайыахха сөбүн истээччигэ тиийимтиэ гына тириэртэ.
Прикладной информатика салаатыттан математиктар Степанова Анна Иннокентьевна, Попова Клавдия Юрьевна ситиһиилээх буоллулар. Анна Степановна настаабынньык эдэр педагог сайдыытыгар, идэтигэр уһуйуллуутун суолтатыгар тохтоото. Холбоһук уруоктара — “Знакомство с ментальной арифметикой”. Клавдия Юрьевна Россия улуу математиктарын олохторун, үлэлэрин холобурдаан дойдуга, норуокка туһаны аҕалыы, махталлаах буолуу тула кэпсэтиитэ сэҥээриини ылыан ылла.
Научнай-методическай отделтан Волчок Татьяна Ивановнаҕа, Васильева Надежда Владимировнаҕа чиэс тигистэ. Татьяна Ивановна устудьуон науканан утумнаахтык дьарыктанарыгар, Надежда Владимировна интернет нөҥүө албыннааһыҥҥа киирбэт туһугар тугу билиэххэ нааданый диэн сүбэ биэрдилэр, үөрэх ыыттылар.
Экспертнай комиссия 2 бөлөххө хайдыһан дьүүллээтэ уонна күрэхүрдүк профессиональнай таһымҥа ааспытын, кыттааччылар былааннаабыттарын толороллоругар тэрийээччилэр бары усулуобуйаны олохтообуттарын бэлиэтээтэ.
2 күннээх профессиональнай тургутуһуу түмүгүнэн кыттааччылар анал ааттарга, харчынан бириэмийэҕэ тигистилэр. оттон күрэх муҥутуур кыайыылааҕынан научнай-методическай отделтан Волчок Татьяна Ивановна, Васильева Надежда Владимировна ааттаннылар.
Салгыы ахсынньы бастакы күннэригэр республика таһымыгар эмиэ бу курдук ааттаах күрэххэ Назарова В.М. уонна Варламова С.М., Алексеев А.А. уонна Алексеев А.В. кыттыыны ылыахтара.
Светлана Мытник.