Бүлүү улууһун Халбаакы нэһилиэгэр Саха сиригэр бастакытын ыыттыллар «Тукулан рейсинг — 2023» массыыналар күрэхтэһиилэрэ буолла. Күрэхтэһии атырдьах ыйын 20-22 күннэригэр Оройуон Сэбиэтин депутата Василий Мандаров, Халбаакы нэһилиэгин, «Бүлүү улууһа» муниципальнай оройуон дьаһалталарын тэрийиилэринэн ыытылынна.
Дьокуускайтан, Намтан, Тааттаттан, Бүлүүттэн, Ньурбаттан, Сунтаартан уопсайа 17 массыына кэлбититтэн 13 экипаж кытынна.
Сонун уонна сэргэх күрэхтэһии туһунан Василий Николаевич Мандаров кэпсиир:
— Бу маннык массыына кумаҕынан айаныгар күрэхтэһии ыытарга ыра санаа оҥостубуппут уонча сыл буолла. Сыл аайы кыра-кыралаан эбиллэн, биир санаалаах дьон мустан, быйыл үлэбит түмүктээх буолла. Биһиги бу күрэхтэһиини тэрийбит сүрүн сыалбыт — Бүлүү кумахтарын, тукулааннары киэҥ эйгэҕэ таһаарыы, билиһиннэрии, пропагандалааһын. Биһиги тукулааммыт ыллыыр кумах киэҥ куйаара, айылҕабыт ханна да хатыламмат биир дьикти көстүүтэ буолар. Тукулааннар усулуобуйаларыгар биһиги тимир көлөлөрбүтүн, суоппардарбыт кылаастарын тургутан көрдүбүт. Күрэхпит тэрээһиннээхтик, умсугутуулаахтык ааста. Инникитин бу күрэхтэһии таһымын өссө үрдэтэн, эбии түһүмэхтэри толкуйдаан, уустугурдан биэрэн өссө да тэрийэр санаалаахпыт. Спонсордарбытыгар олус диэн махтанабыт. Кинилэр көмөлөрө суох тэрээһимммит кыаллара саарбах буолуо этэ.
«Тукулан рейсинг — 2023″ спонсордарынан “Сахатранснефтегаз” АО, Дьокуускай к. Аҕа Сүбэтэ, «РИК Автодор» АО, “Бадаар” булт маҕаһыына, ИП Васильев А.В. “Металлсервис”, ИП Тимофеев Ю.Н., ООО “Булт-Тур”, ИП Егорова Р.Н. “Ткани у Розы”, ИП Николаев Ф.Н. “Эгэлгэ”, Бүлүү оройуонун Сэбиэтин депутаттара, ИП Егоров К.Х. “Байылыат”, ИП Мандаров К.К. “Теплогаз”, ООО “Сигма”, ИП Иванов И.И. “Табун”, ИП Герасимов П.М. “MACPHERSON 14” буоллулар.
3 түһүмэхтээх, 3 күннээх тыҥааһыннаах күрэхтэһии түмүгүнэн:
“GPS-ориентирование” түһүмэххэ 1 миэстэ –Дьокуускайтан «Тигра» хамаанда, 2-с – Ньурба улууһуттан«Адреналин», 3-с – Ньурбаттан «Череп» буоллулар.
“Стандарт GPS-ориентирование”: 1-кы миэстэҕэ – Халбаакы хамаандата “Хотой”, 2-кэ – “Хищник”, 3-с – Намтан “К-2” таҕыстылар.
“Синхроннай спринт”: 1-кы миэстэҕэ – «Череп», 2-кэ«Тигра», 3-кэ Ньурбаттан «Адреналин» хамаандалар таҕыстылар.
“Круговой заезд”: 1-кы – Намтан «Вулкан», 2-с – Бүлүү улууһуттан «Хищник», 3-с – Бүлүү «Бродяга».
Уопсай түмүккэ бастакы миэстэни Ньурбаттан «Навигатор-1» хамаанда ситистэ, кинилэргэ “Сахатранснефтегаз” АО 100000 солк. сертификат туттарда, иккискэ – “Мастаах-Балаҕаччы” хамаанда («Халбаакы» МТ дьаһалтата 50000 солк. сертификат туттарда), үһүскэ –Намтан “К-2” хамаанда (Бүлүү улууһун дьаһалтата 350000 солк. сертификат биэрдэ) таҕыстылар.
Елизавета Эверстова видеота, хаартыскаҕа түһэриилэрэ, Изольда Загитова хаартыскаҕа түһэриитэ.