Киһи барахсан Орто дойдуга кэлэн баран, төрөөбүт дойдутугар туһалаах, бэриниилээх буола улаатарыгар, туох-ханнык идэлээх үлэһит буолара улахан оруоллаах. Онуоха биһиги кырдьаҕас Бүлүүбүт куоратыгар 1987 сыллаахха куорат үөрэҕин тэрилтэлэриттэн – орто оскуолалартан, производствоҕа үөрэтэр салааларын түмэн, биир учебнай комбинат, уруккута Бүлүүтээҕи аҕыс кылаастаах оскуола дьиэтигэр арыллан (“Хатыҥнаах оскуола”), тэриллибитэ. Олох сайдыытын тэтимигэр сөп түбэһиннэрэн, 1990 сыллаахха Үөһээ Бүлүүтээҕи СПТУ 10-ус нүөмэрдээх филиалын быһыытынан, онтон 1992 сылтан бэйэтэ туспа 31 нүөмэрдээх ПТУ, онтон 2020 сылга дылы Бүлүүтээҕи техникум буола сайдыбыта. Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн үөрэх тэрилтэлэрин бөдөҥсүтүү бырагыраама чэрчитинэн ити сыл Бүлүүтээҕи Н.Г.Чернышевскай аатынан педагогическай колледжка икки техническай отделениеларынан холбоһуу буолбута. Онон билигин эдэр ыччаты производствоҕа үөрэтэр үлэтин салҕаан, Бүлүүтээҕи Н.Г.Чернышевскай аатынан профессиональнай педагогическай колледжка “Тырааныспар уонна энэргиэтикэ” салаатын хайысхатынан 4-үс сылын үрдүк таһаарыылаахтык үлэлиир.
Бу салааҕа, РФ алын идэлээх үөрэхтээһинин Бочуоттаах үлэһитэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бэрэсидьиэнин Гранын хаһаайката, Саха Өрөспүүбүлүкэтин алын идэлээх үөрэхтээһинин туйгуна Фекла Васильевна Каратаева салайааччылаах быйылгы үөрэх дьылыгар 7 группанан 150 устудьуон үөрэнэр, айар-тутар. Манна Сахабыт сирин араас муннугуттан Анаабыр, Өлүөхүмэ, Муома курдук ыраах сиртэн, Илин эҥэр улуустарыттан кэлэн идэҕэ уһуйулла, үөрэнэ сылдьаллара колледжка үөрэтэр идэлэр олоххо ураты наадалаахтарын көрдөрөр.
Бу салаа уратыта диэн эдэр ыччаты техническай хайысхаҕа уһуйар буолан, устудьуоннар баһыйар өттүлэрэ — уол оҕо. Уһуйааччылар уол оҕо – норуот кэскилэ буоларыгар тирэх оҥостон, үлэлэригэр улахан болҕомтону уол оҕону иитиигэ, сайыннарыыга уураллар. Онуоха, иитэр-үөрэтэр бырагыраама сүрүн хайысхата – уол оҕо айылҕатыгар сөп түбэһиннэрэн, норуот педагогикатыгар олоҕуран, дьулуурдаах, тулуурдаах, чөл куттаах – сүрдээх олохтоох, ыраас өйдөөх санаалаах, эт-сиин өттүнэн буспут-хаппыт, чэгиэн, олоххо бэлэмнээх буолуулара буолар. Оннук иитэргэ уһуйааччылар төрөөбүт айылҕабытын кытта ыкса алтыһыннаран, өбүгэлэрбит айылҕаҕа төрут сыһыаннарын, сүгүрүүйүүлэригэр тирэҕирэн, түргэн тэтимнээх, ураты сайдыылаах аныгы олох тастан киирэр мөкү дьайыыларыттан сэрэтэн, тэйитэн, сөптөөхтүк сыаналыырга, иитэргэ соруктаналлар. Онуоха анал тосхоллору, бырайыактары уол оҕону дьиҥнээх эр киһилии иитэргэ дьулуhаллар. Кэнники 3 сылга устудьуоннар олорор, үөрэнэр усулуобуйалара тупсан, үөрэтии хаачыстыбата үрдээн, ааспыт үөрэх дьылыгар 17 выпускник үөрэхтэрин 100% хаачыстыбаҕа бүтэрбитэ үгүһү туоһулуур.
Үтүө үгэскэ кубулуйан, хас үөрэх сылын аайы үөрэххэ, общественнай олоххо, спорка, уһулуччу көрдөрүүлээх устудьуоннарга анал сипендиялар олохтоммуттара. Бу тэрээһин үөрэххэ, талан ылбыт идэлэригэр бэриниилээх буоларга, производствоҕа, техническай хайысхаҕа үөрэппит наставник, бэтэрээн учууталларын ааттарын үйэтитэр, холобур оҥостор, кинилэр дьыалаларын эрэллээхтик салҕыырга анаммыта ураты суолталаах. Ол курдук Бүлүүтээҕи ДЭС (дизельнай электростанция) 1962 сылтан 1987 сылга диэри салайбыт, Бүлүү улууһун электрификациятын сайдыытыгар сүдү кылааты киллэрбит Кузьма Ильич Михайлов уонна Василий Спиридонович Протопопов производственнай үөрэхтээһини Бүлүү оскуолаларыгар бастакынан киллэрсибит, 1972 сылтан 1989 сылга диэри 700-тэн тахса улахан кылаас уолаттарын суоппар идэтигэр уһуйбут, училище директорын солбуйааччытын ааттарын үйэтитэн, анал стипендия хамыыһыйа быһаарыытынан бастыҥ устудьуонарга ананар.
Ол курдук, быйылгы үөрэх дьылын түмүгүнэн В.С.Протопопов аатынан анал стипендияны 342 группаны бүтэрэр выпускникка Юрий Мыреевка, онтон 332 группа выпускнигар Кирилл Ивановка К.И.Михайлов анал стипендията үөрүүлээх быһыыга-майгыга туттарылынна. Маны таһынан дириэктэр Иван Иванович Алексеев анал стипендиятын 491 группа выпускнигар Семен Прокопьевка туттарда. Бу алын куурус устудьуоннарыгар үөрэххэ тардыһыыга, идэни баһылыырга үтүө холобур буолара саарбаҕа суох.
Үөрэх хаачыстыбата үрдүүрүгэр бу салааҕа үлэлиир уһуйааччылар да, производственнай үөрэхтээһин маастардара да араас таһымнаах педагогическай ааҕыыларга, куонкурустарга, олимпиадаларга бастыҥнарынан ааҕыллан, үөрэтэр устудьуоннара кыайыылаах тахсаллара, бириистээх миэстэлэри ылаллара да туоһулуур.
М.Н. Жирков аатынан оройуоннааҕы Култуура дыбарыаһыгар сыл түмүктэрин таһаарар “ДОБУН” аан маҥнайгытын ыытыллар бастыҥнары чиэстиир үөрүүлээх тэрээһин буолан ааста.
Бу салааттан икки уһуйааччы бастыҥнарынан ааттанан, «Добун суругунан» бэлиэтэннилэр. Ол курдук Мария Викторовна Львова “Уол оҕону иитии” бырайыагынан, Николай Николаевич Семенов Өрөспүүбүлүкэтээҕи «Лучший мастер СПО РС (Я) – 2024» күрэххэ «Техническое обслуживание и ремонт автомобиля» компетенцияҕа I истиэпэннээх лауреат аатын ылары ситиһэн! Үөһээ- Бүлүүтээҕи техникум 50 сыллаах үбүлүөйүн чэрчитинэн ыытыллыбыт “DRAG RACING” күрэххэ Н.Н.Семенов биир бастыҥнарынан буолбута үөрэтии-иитии бу салааҕа үрдүк таһымҥа ыытыллара көстөр. Учууталлар ситиһиилэрин үрдүк үөрэхтээх, Үөрэҕирии туйгуннара, «Надежда Якутии” бэлиэлэр киэргэтэллэр.
М.В.Львова салайар группата сыллата ыытыллар колледж иһинэн көрүүгэ 2 төгүл «Бастыҥ куратор» үрдүк аатын сүгэр, Москва куоракка “Кылаас салайааччыларын” форумугар ситиһиилээхтик кыттыбыта. Н.Н.Семенов–IX аһаҕас «Молодые профессионалы» (WSR) – 2021 РС (Я), чемпионакка, НПК-аҕа үрдүк таһымнаахтык кыттан РФ уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕириигэ уонна наукаҕа идэлээх сойуустарын кэмитиэттэрин Махтал суругунан бэлиэтэннэ. Эдэр уһуйааччылар ортолоругар Сергей Гаврильевич Петров «Педагогическая надежда» номинация кыайыылааҕа, колледж дириэктэрин Махтал суругунан наҕараадаламмыта үрдүккэ кынаттыыр. «Транспортные системы и дорожная инфраструктура Крайнего Севера» норуоттар икки ардыларынааҕы НПК-аҕа Геннадий Эдуардович Протопопов «Мастер года» номинацияҕа бастыҥынан ааттаммыта да элбэҕи эрэннэрэр. Владимир Владимирович Анисимов эмиэ бу конференцияҕа кыттан Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕириигэ уонна наукаҕа Министиэристибэтин Бочуоттаах Грамотатынан наҕараадаламмыта. Николай Николаевич Софронеев бу кэмпириэнсийэҕэ саҕалаан эрэр үлэтин уопутун сырдатта.
Салаа учууталларыттан устудьуоннар хаалсыбаттар. Онуоха быйылгы үөрэх дьылыгар сэттэ куратордар таһаарыылаах үөрэтэр-иитэр үлэлэрэ үчүгэй ситиһиилэри Мария Павловна Большакова, Владимир Владимирович Анисимов, Николай Николаевич Семенов, Сергей Гаврильевич Петров, Азалия Валерьевна Корякина, Михаил Анатольевич Николаев, Мария Викторовна Львова үтүө холобуру көрдөрөллөр. 2024 сылга ыытыллыбыт Бүтүн Россиятааҕы устудьуоннар олимпиадаларыгар Ксенофонтов Вадим 3 бочуоттаах миэстэни ылары ситистэ. 2023 сыллааҕы Өрөспүүбүлүкэтээҕи аһаҕас куонкуруска профессиональнай маастырыстыбаны көрүүгэ “Электромонтаж” компетенцияҕа Филиппов Евгений 3 миэстэни ылан, уһуйуллар идэтигэр үрдүк таһымы көрдөрбүтэ. Ити сыл Тарасов Юрий Бүтүн Россиятааҕы «Актуальные вопросы естественно-математических, гуманитарных и социально-экономических дисциплин» кэмпириэнсийэҕэ кыттан, IV истиэпэннээх дипломунан наҕараадаламмыта. Фёдоров Тит Саха Өрөспүүбүлүкэтин Орто Анал Үөрэх тэрилтэлэрин хапсаҕайдаһан тустууга абсолютнай чемпион аатын ылан, 20 тыһыынчанан наҕараадаламмыта.
Үөрэҕи, спорду, общественнай үлэни салгыы сайыннарар сыаллаах араас хайысхалаах иитэр үлэ былааннаахтык ыытыллар. Ол курдук, колледжка тырааныспар уонна энэргиэтикэ салаатын нэдиэлэтэ бу дьыл муус устар 22 күнүттэн 27 күнүгэр дылы былааннанан, үрдүк таһымҥа ааспытын бэлиэтиир тоҕоостоох. Нэдиэлэ устата устудьуоннар араас тэрээһиннэргэ кыттан, бэйэлэрэ тэрийсэн ыытан, үөрэнэр кэмнэригэр ылбыт билиилэрин, уһуйуллубут дьоҕурдарын көрдөрдүлэр.
Нэдиэлэ Анал байыаннай дьайыыга сырдык тыына быстыбыт, геройдуу быһыытын иһин “Хорсун быһыы уордьанынан” наҕараадаламмыт выпускникпыт Степан Каратаев сырдык кэриэһигэр анаммыт “Суол быраабылатыгар” ыытыллыбыт олимпиадататтан саҕаланна. Манна оҕолор суол быраабылатын хайдах таһымҥа билэллэригэр илин-кэлин түсүһэн, үчүгэй көрдөрүүнү ситистилэр. «Вокруг света» олимпиадаҕа колледж отделениеларыттан 3-түү устудьуон кыттан, Анал байыаннай дьайыыга сырдык тыына быстыбыт, геройдуу быһыытын иһин “Хорсун быһыы уордьанынан” наҕараадаламмыт выпускникпыт Валерий Сивцев сырдык кэриэһигэр анаммыт анал бириистэр иһин күрэхтэһии үрдүк таһымҥа ааста. Маны таһынан “Построй башню” дьыалабыай оонньуу, “Сила тока” диэн аралдьытыылаах тэрээһин, “Эр хоһуун” куонкурус, Бүлүү куората төрүттэммитэ 390 сылыгар анаан АвтоКвест “VIL-390” киэҥ далааһыннаахтык, дириҥ ис хоһоонноохтук ыытылыннылар. Манна уһуйааччылар үлэлэрин түмүгэ, устудьуоннар көхтөөх кыттыылара, эдэр ыччаттарбыт түмсүүлээх буолуулара кыайыыга-хотууга, ситиһиигэ тиэрдэрин дьиҥ чахчы биллилэр, учууталлар, устудьуоннар көрөн, дуоһуйууну ыллылар. Ханнык баҕарар күрэхтэһии кыайыылаахтары, бастыҥнары чиэстииригэр дипломнарынан, сертификаттарынан уонна сыаналаах бириистэринэн наҕараадалыырга, тырааныспар уонна энэргиэтикэ салаатын сэбиэдиссэйэ Каратаева Ф.В., учууталлара куорат тэрилтэлэрин, үөрэппит выпускниктарын кытта ыкса сибээстээхтик үлэлииллэрин туоһута буолла. Ол курдук устудьуоннар ситиһиилэрин, кыайыыларын өрө тутан, идэ ылбыт, үөрэммит тэрилтэлэригэр махталларын биллэрэн, киэн туттар выпускник-урбаанньыттарбыт – Тимофеев Юрий Николаевич (2005с.), Мандаров Константин Константинович (2013с.), Павлов Денис Муртазалиевич (2018с.), сыаналаах бэлэхтэринэн өйөөтүлэр. Социальнай партнердар “ИП Кириллин Степан Степанович”, “ИП Буслаев Александр Ильич”, МУП “Вилюит” дириэктэрэ Степанов Егор Иванович көмөлөрүнэн, төрөппүт — Прокопьев Семен Иннокентьевич, Бүлүү улууһун МТ хонтуруоллуур-суоттуур палататын бэрэссэдээтэлэ Каратаева Наталья Алимпиевна, колледж остолобуойун сэбиэдиссэйэ Федоров Айаал Эрэлович туора турбакка, тус көмөлөрүнэн кыайыылаахтар, устудьуоннар үөрүүлэрин үксэттилэр.
Колледжка ыытыллар үөрэтии-иитии үлэтин-хамнаһын биһирээн, устудьуоннар көхтөөх олохторун, үүнүүгэ-сайдыыга, инникигэ эрэллээхтэриттэн чахчы дуоһуйан, Өрөспүүбүлүкэбит эдэр ыччатын кырдьаҕас Бүлүү куоратыгар, биир үйэ устата учуутал, орто сүһүөх испэсилиистэрин идэтигэр уһуйбут, кынат үүннэрэн, улахан олох суолугар алҕаан атаарбыт, Н.Г.Чернышевскай аатын чиэстээхтик сүгэр, Бүлүүтээҕи профессиональнай педагогическай колледжка 2024-2025 үөрэх дьылыгар маннык идэни баһылыырга үөрэххэ ыҥырабыт:
- Үөрэххэ киириигэ докумуоннары тутуу хамыыһыйата бу дьыл бэс ыйын 20 күнүттэн үлэтин саҕалыыр
- 01.17 “Мастер по ремонту и обслуживанию автомобилей», 9 кылаас кэнниттэн (очно) –бюджет миэстэтэ — 15
- 01.31 “Электромонтажник электрических сетей и электрооборудования”, 11 кылаас кэнниттэн (очно) –бюджет миэстэтэ — 20
- Хамыыһыйа салайааччыта- Семенова Уйгулаана Иннокентьевна, 89141158993, vpk_priem@mail.ru
Түмүкпэр, Мария Викторовна Львова “Уол оҕону иитии” бырайыагыттан быһа тардан бэлиэтиэҕи баҕарыллар: “Тырааныспар уонна эниэргиэтикэ” салаатын бүгүҥҥү устудьуоннара сиэр – майгы өттүнэн иитиллиилээх, төрөөбүт дойдутугар чахчы бэриниилээх, төрүт айылҕатын дьиҥнээхтии таптыыр, сүгүрүйэр, харыстыыр, ханна да буоллар тулалыыр дьоҥҥо үтүө сыһыаннаах, аһыныгас майгылаах, үтүө үгэстэрдээх норуот инникитэ, кэскилэ буолан иитиллэн тахсалларыгар бигэ эрэллээхпит”.
Матрена Саввинова,
Бүлүүтээҕи профессиональнай педагогическай колледж «Учуутал түмэлин» сэбиэдиссэйэ,
СӨ үөрэҕириитин туйгуна.