Чочу профилакторийыгар сэргэх тэрээһин

Бу күннэргэ Кырдьаҕастар күннэрин чэрчитинэн Чочутааҕы профилакторийга сэргэх тэрээһиҥэ кыттыыны ыллым. Ол курдук манна сынньанар, эмтэнэр дьоҥҥо нэһилиэкпит туһунан кэпсээтим, бэйэм оҥорбут 36 планшеппын тачканан соһон таһааран, “Экология тиэргэнтэн саҕаланар”  диэн бэсиэдэ оҥордум, маны таһынан туттуллубут матырыйаалтан оҥоһуктарбынан быыстапка туруоран, хайдах оҥорор туһунан кэпсээтим, бэйэҕэ наскы оҥорорго маастар-кылаас ыыттым, быыкарайкаларын биэртэлээтим.

Аҕам саастаах дьоммутугар сиэннэр оонньууларын ыытан бары олус астыннылар, бэйэлэрэ оҕо буолан ыллыллар.

Салгыы культорганизатор Галина Федоровна Егорова салайыытынан бэлэнэннилэр уонна миэхэ ырыа бэлэхтээн үөртүлэр.

Бука бары этэҥҥэ буолуҥ диэн диэн алгыспын ыытабын.

Федора Николаева,

Чочу.