Чочуга биллиилээх олоҥхоһут Семен Ивановка пааматынньык арылынна

Бүгүн Чочу нэһилиэгэр айылҕаттан айдарыылаах оһуохайдьыт, олоҥхоһут Чочу Сэмэнин аатыгар пааматынньык арылынна.

Бэс ыйын 23 күнүгэр Үрүҥ Тунах ыһыаҕын кэмигэр чочулар киэн туттар биллиилээх биир дойдулаахтара Семен Иннокентьевич Ивановка анаммыт пааматынньык үөрүүлээх арыллыыта буолла. Быйылгы ыһыах Чочуга дьиэ кэргэн уонна оҕо сылыгар,  Аан Дархан оһуохайдьыт, олоҥхоһут, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Бүлүү улууһун, Чочу нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо С.И.Иванов — Чочу Сэмэнэ  төрөөбүтэ 90 сылыгар, Иванов Василий Давыдович үйэлээх үбүлүөйүгэр ананна.
Олоҥхоһут мөссүөнүн скульптор Николай Николаевич Степанов чочуйан оҥордо. Пааматынньык «Үрүҥ Уолан» сынньалаҥ киинин иннитигэр үөрүүлээх быһыыга-майгыга арылынна.
Маны сэргэ ыһыах кэмигэр нэһилиэк олохтоохторо Чочу Сэмэнэ «Куула хара тыаны кутуругунан булкуйа оонньуур кулан кугас аттаах Киис Бэргэн Бухатыыр» олоҥхотун толордулар.
«Олох суола».