Чочуга “Үрүҥ Уолан” сынньалаҥ киинигэр быйыл Саха сиригэр Пионерия төрүттэммитэ 100 сылыгар аналлаах “Хор күрэҕэ” буолан ааста. Маннык бырайыагы Чочу орто оскуолатын ырыа абылаҥар уһуйааччы Егорова Галина Фёдоровна салайан ыыппыта 15 сылын туолла. Тэрээһини Мария уонна Василий Лыткиннар иилээн-саҕалаан ыыттылар.
Алын кылаастан саҕалаан үрдүкү кылаас оҕолоро күөн көрүстүлэр. Төрөппүттэрин, учууталларын кытта кыһыл хаалтыстара тэлимнээн Пионерияҕа аналлаах нууччалыы, сахалыы ырыалары үрдүк таһымҥа толордулар. Үс киһиттэн састааптаах дьүүллүүр сүбэ бастыҥнары быһаарарыгар уустук соҕус буолла. Кыайыылаахтар Грамоталарынан наҕараадаланан үөрүү өрөгөйүн биллилэр.
Пионерияны баттаспыт, кини тыыныгар иитиллибит аҕа саастаах киһи хас биирдии ырыаны ыллаһа олордум, оччотооҕу кэмҥэ оҕо сааспар кыл түгэнэ тиийэн ыллым. Баһаатайбытын Бандерова Раиса Михайловнаны, долгуйан туран кыһыл хаалтыс бааммыппын, көхтөөх субуотунньуктары, үөрүүлээх линейкалары, горн, барабаан тыаһын умнубаппын. Оччолорго Сэбиэскэй сойуус хайа баҕарар муннугар оҕолор 9 саастарыттан пионер кэккэтигэр киирэллэрэ, кыһыл хаалтыс бааналлара. Туохха барытыгар инники, оскуола олоҕор, билии кыһатыгар Ийэ дойдуну көмүскүүргэ бэлэмнээх ыччаттар иитиллэн тахсаллара. Пионерия кэлиҥҥи сылларга быдан суолталанан, сөргүтүллэн иһэрэ үөрүүлээх. Бу көлүөнэлэри ситимниир, биир өйгө — санааҕа түмэр, урукку олорон ааспыт көлүөнэҕэ ытыктабыллаах сыһыан баарын көрдөрөр. Айылҕаттан бэриллибит талааннаах , ырыа куттаах салайааччы Галина Фёдоровна үгүс сылларга үөрэппит оҕолоро пионердыы өйгө — санааҕа иитиллэллэрин саарбахтаабаппын.
Итини этэн туран, айар үлэҕэр ситиһиилэри, үөрэнээччилэриҥ, төрөппүттэриҥ махталларынан кынаттанан үрдүк чыпчааллары дабайаргар баҕарабын .
Мария Буслаева.