Чочуга “Комсомол – мин дьолум” тэрээһин

Чочуга комсомол төрүттэммитэ 105 сылыгар анаан “Комсомол — мин дьолум” диэн тэрээһиҥҥэ сылдьан сэргэхсийэн, сүргэлиин көтөҕүллэн тарҕастыбыт.

Комсомол сыллардааҕы хаартыскалары көрөн ахтыы аана аһылынна. Үгүс сыллары уҥуордаан бүгүҥҥү күҥҥэ тиийэн кэлбит хаартыскалар элбэҕи кэпсээтилэр, эдэр сааспытын эргиттилэр, алтыһан ааспыт үөлээннээхтэрбитин, аҕа саастаах дьоммутун санаттылар. Кырдьык даҕаны, биһиги саастаах көлүөнэҕэ комсомол оруола сүдү, үлэҕэ, үөрэххэ көҕүлүүр, ситиһиигэ сирдиир ыҥырар сырдык сулус этэ. Комсомол путёвкатынан оскуоланы саҥа бүтэрбит эдэркээн оҕолор  “Оскуола -производство — үрдүк үөрэх” диэн ыҥырыынан совхозпуругар сүөһү үлэтигэр таһаарыылаахтык үлэлээбиппит, сэмэй кылааппытын киллэрбиппит, олох киэҥ аартыгар үктэммиппит. Билигин саныахха үчүгэйин эбитин…

Комсомолга аналлаах викториналары таайдыбыт, ол саҕанааҕы ырыалары ыллаатыбыт. Хас биирдиибит сүрэҕэр сөҥмүт умнуллубат кэмнэрбитин, өрө көтөҕүллэн олорон истиҥ-иһирэх тылларынан ахтан-санаан аастыбыт. Бу үөрүүлээх күнү өйдөбүнньүккэ хаалларар хаартыскаҕа түстүбүт, дуоһуйа сынньанныбыт, сэһэргэһэн үөрдүбүт- көттүбүт.

Тэрээһини тэрийбит И.М. Гоголев аатынан Чочутааҕы музей үлэһиттэригэр Николаева Клавдия Николаевнаҕа, Алексеева Галина Николаевнаҕа махталбын биллэрэбин. Бу курдук дьоҥҥут-сэргэҕит махталынан кынаттанан, үлэҕит мэлдьи ситиһиилээх, үйэлэри уҥуордуур кэрэһит буоллун.

Мария Буслаева, Сыдыбыл.