Самаан сайыны көрсөр сэргэх тэрээһини Чочубут нэһилиэгин салалтатын, И.М. Гоголев — Кындыл аатынан музей, «Үрүҥ уолан», «Күндэ» сынньалаҥ киинин үлэһиттэрин, нэһилиэк бэтэрээннэрин Сэбиэтэ кыттыылаах, бүтүн хамаанда тэрийэн ыыттылар.
Чочу — Кыадаҥда аҕам саастаахтарыгар анаан үгэскэ кубулуйбут «Сайылыкка тахсыы» үөрүүлээх күнүгэр муһуннубут. Бу тэрээһини түмэл үлэһиттэрэ Г.Н. Алексеева уонна М.Г.Лыткина иилээн — саҕалаан ыыттылар. Тэлгэһэҕэ толору астаах, кус мииннээх онтон да атын сахалыы аһынан хотойор сандалы тула олорон үөрэн — көтөн, кэпсэтэн астынныбыт. Тэрээһин үөрүүлээх түгэнинэн нэһилиэк бэтэрээннэрин Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Г.А.Гоголева үбүлүөйдээхтэргэ бэлэхтэри, П.В. Руфовка улуус Бочуоттаах бэтэрээнин лиэнтэтин, түөскэ иилинэр бэлиэтин туттарыыта буолла. Сайылыгы санатар наҕыл холку эҕэрдэ ырыалар дьиэрэйдилэр. Көрдөөх оонньууларга, тэтимнээх үҥкүүлэргэ тэҥнээхтэрин булбатах кыттааччылар бириистэри тутан үөрүүлэрэ үрдээтэ. Тэрээһин оһуокайынан, хаартыскаҕа түһүүнэн түмүктэннэ.
Анаабыт курдук күн чаҕылыччы тыган, куйаас сатыылаата. Маннык кэрэ түгэни бэлэхтээбит, сүүрбүт — көппүт бары үлэһиттэргэ Махтал!
Мария Буслаева.
Мария Лыткина фотота.