Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн, өрөспүүбүлүкэҕэ Оҕо саас, Чочу нэһилиэгэр Дьиэ кэргэн уонна оҕо саас сылларын чэрчитинэн, Чочуга «Ойор күннээх оҕо саас» фестиваль ыытылынна. Бу туһунан «Чочу нэһилиэгэ» МТ баһылыгын солбуйааччы Надежда Евсеева кэпсээтэ:
— Оҕо саас сырдык бырааһынньыга «Күнчээн» оҕо садыгар саҥа оонньуур былаһаакканы үөрүүлээхтик арыйыыттан саҕаланна. Кырачааннарбыт тупсаҕай оҥоһуулаах саҥа оонньуур сирдэммиттэрэ бэртээхэй бэлэҕинэн буолла.
Салгыы И.М. Гоголев — Кындыл музейын тиэргэнигэр Иван Гоголев «Хара кыталык» романын геройдара Хабырыыс уонна Хобороос арт-скульптуралара арылынна. Бу — талааннаах скульптор Афанасий Егорович Иванов эмиэ биир чаҕылхай үлэтэ. Тэрээһиҥҥэ ыалдьыппыт Иван Дьячковскай — Кыталык Уйбаан кыттыыны ылла.
Эбиэт кэннэ спорт былаһааккатыгар фестиваль үөрүүлээх чааһа олус элбэх кыттааччыны түмптэ. Эҕэрдэ кэнсиэрт, спортивнай оонньуулар, аттракцион, батут, көтөр змейдэри ыытыы, атыы-кутуу тэрилиннэ. Манна П.Х. Староватов аатынан Бүлүүтээҕи кыраайы үөрэтэр музей үлэһиттэрэ тахсан араас оонньуулары ыыттылар. Олохтоох Ипларбыт — Кыадаҥдатааҕы «Кынат» ферма (Иванова М.М.) ас арааһын атыылаата, көтөр быыстапкатын туруорда. Быыстапканы олус сэргээн көрдүлэр.
Ити курдук ойор күннээх оҕо саас бырааһынньыга олус үчүгэйдик, сэргэхтик ыытылынна. Оҕолор үөрэн-көтөн тарҕастылар.
Олох суола.