Чочуга олорон ааспыт уһун үйэлээх дьон

Сыл-хонук дииллэрэ кырдьык. Киһи барахсан орто туруу-бараан дойдуга түргэнник да олорон ааһаахтыыр… Биһиги иннибитигэр төһөлөөх киһи олорон ааспыта буолуой! Ким эрэ үйэ саас тухары аатын-суолун хаалларан, ким эрэ төрүкү биллибэккэ-көстүбэккэ. Билигин мин билиһиннэриэхтээх дьоннорум айылҕа биэрбит уһун үйэлээхтэрэ Чочу сиригэр эмиэ төрөөн-ууһаан олох олорон ааспыттара.

Иванов Илья Иванович (Таһыы) – 1881 сыллаахха дьадаҥы дьиэ кэргэҥҥэ төрөөбүтэ. Дьиҥнээх араспаанньата Ильин диэн. Дьонноро эрдэ өлөн сүөһүлэрин, дьиэлэрин Иванов Уйбаан диэн киһи ылар уонна уолу иитэр. Онон кини Иванов буолбута. Хара кыратыттан ииппит дьоно үлэҕэ илии-атах оҥостоллоро. Кэлин улаатыар диэри нуучча таҥаһын таҥныбатах. Үксүн тарбыйах, убаһа тириитинэн тигиллибит таҥастааҕа. Сайынын атах сыгынньах сылдьара. Үксүн үүт, эт аһылыгынан аһаабыт. Кыһынын эти дэлэйдик сиирэ үһү. Сайынын бултаан кус, куобах, тайах этэ аһылыктаах олорбут. Саамай күндү астара мунду буолара. Мундуну илдьирийиэр диэри буһаран хааһы курдук сииллэрэ. 21 сааһыгар Мотуруона диэн кыыһы кэргэн ылбыта. Миша диэн уол оҕоломмуттара. Онтон ордук оҕоломмотохторо. Мотуруона 1946 сыллаахха сөтөл буолан өлбүтэ. Сэрии саҕаламмытыгар 60-наах эбит. Оҕону, дьахтары кытта «Кыайыы туһа» диэн күүстээх үлэнэн кыайыыны уһансыбыта. Максим Горькай аатынан колхозка үлэлээн сэрии кэнниттэн мэтээлин инникинэн ылбыта. Сэрииттэн уола кэлэн баран, Покровскайга олохсуйбута. Онтон аҕатын кэлэн илдьэ барар уонна Илья Иванович өлүөр диэри онно олорор. Таһыы оҕонньор табаҕы тардыбатах, табах сытын абааһы көрөр эбит. Арыгыны биир үрүүмкэттэн ордугу испэт. 114 сааһыгар хараҕа сытыытык көрөр үһү. Кини 115 сааһыгар Покровскайга олорон өлбүтэ.

Иванов Илья Иванович-Таһыы оҕонньору илэ хараҕынан көрөн, бииргэ алтыһан ааспыт Николаев Константин Михайлович кини туһунан маннык ахтара: «Таһыы оҕонньор аҕата Мусук диэн эсэһит, тайахсыт ааттаах булчут, сытыы-хотуу киһи эбит. Оҕолорун иитээри Өлүөхүмэттэн салаасканан бурдук соһон кэлэрэ эбитэ үһү. Биир ыанар ынахтаах, дьадаҥы киһи эбит, үксүн үлэнэн кыайар эрдэҕиттэн баайдарга хамначчытынан сылдьыбыт. Таһыы кыра эрдэҕинэ ийэтэ, аҕата эрдэ өлбүттэр. Онон тулаайах уолу Чолоот диэн киһи оҕолоругар эбии ылан иитэн улаатыннарбыт. Таһыы сүрдээх балыыҥка, дьээбэ тыллаах-өстөөх оҕонньор этэ. Сайын этэрбэһин кэппэт, атах сыгынньах сайылыыр. Кини халтан танаһынан тоҥмокко кыстыыра. Кини ыарыйда диэн истибэтэхпит, оннук доруобай киһи этэ. Былыргы кырдьаҕастар этэллэринэн, эстэн бүтэн эрэр аҕа ууһугар хаалбыт киһи уһун үйэлэнэр диэн кэпсииллэрин истэр буоларым».

Илья, Максим Горькай аатынан колхоз тутаах үлэһитэ, долгучуок маһы 40-50 оҕус сыарҕатын кэрдэр эбит. Хараҕа мөлтөх да буоллар саамай ааттаах ытааччы, көтөн иһэр куһу сыыспат. Хору хорооччу, бүтэй тутааччы, отчут бастыҥа, от тиэйээччи, туохха барытыгар дьоҕурдаах үлэһит этэ. Ааттаах түүлээхчит, булчут. Туу өрөөччү бастыҥа.


Иванов Николай Иванович
(дьоҥҥо биллэринэн Киис оҕонньор) чуолкайа суох дааннайынан 1838 сыллаахха Бүлүү бастакы Чочу нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Ампаардаах диэн алааска олохсуйан, уутуйан олорон ааспыта. Эдэригэр Корякина Татьяна диэн Бүлүү куоратын бааһынай кыыһын кэргэн ылбыта. Бу кэргэнин кытта 50-ча сыл бииргэ олорбуттара. Кинилэр барыта алта оҕоломмуттар, биэс уол, биир кыыс. Сэбиэскэй былаас буолбутун иннинэн ылынан, бастакынан колхозка киирбитэ. Артыал ыарахан үлэтиттэн толлон турбатаҕа, колхоз биир бэриниилээх үлэһитэ буолбута. Оччотооҕу дьон сиэринэн булдунан, этинэн, үрүҥ аһынан аһаан-сиэн олорбуттара. Бүлүү куоракка киирэр суол аартыгар олорор буолан, дьон кэлэ-бара сылдьар, чэйдээн ааһар ыала эбиттэр. Ыраас хааннаах, олус ыалдьытымсах, бэрт элбэх сэһэннээх, сүрдээх киэҥ, дириҥ өйдөөх-санаалаах киһи эбитэ үһү. Сэрии уоттаах сылларыгар Киис оҕонньор уолаттара үһүөн тыыннарын толук уурбуттара. Соҕотох кыыһын кэргэнэ эмиэ. Кинилэр көмүс уҥуохтара Россия араас муннуктарыгар хаалбыттара. Маны кэриэстээн Иванов Петр Егорович өтөхтөрүгэр пааматынньык бэлиэ туруортарбыта. Дьиктитэ баар, сиҥнэн түспүт ампаар оҥкучаҕын омоонуттан үс хатыҥ үүнэн силигилээн тахсыбыт. Киис оҕонньор 114 сааһыгар тэп курдук сылдьара, мас хайытар кыахтааҕа. Кини 1952 сыллаахха кыра уолугар Өлүөхүмэҕэ олорон өлбүтэ. Киис оҕонньор ыччаттара, халыҥ аймахтар. Манна Бастакы Чочуга элбэх сиэннэрэ, хос сиэннэрэ ыал буолан олороллор.


Федотов Григорий Алексеевич
1867 сыллаахха Төҥүргэстээх нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Үйэтин тухары колхозка үлэлээбитэ. Сайынын от хомуйуутугар, күһүнүн бурдук быһыытыгар, кыһынын от тиэйиитигэр, оттук маһы кэрдиигэ, сааһын бурдук ыһыытыгар хоһууннук, хотуулаахтык үлэлээбитэ. Сэрии сылларыгар тыылга бэйэтин харыстаабакка үлэлээбитэ уонна Улуу Кыайыыны уһансан 1946 сыллаахха тохсунньу 5 кунугэр Сталин төбөлөөх мэтээлинэн наҕараадаламмыта. Кини биэс оҕолооҕо. Улахан уола Яков Григорьевич 2 Күүлэккэ олорон өлбүтэ. Кыра уол Михаил Дьокуускайга партийнай оскуолаҕа, Нам, Мэҥэ-Хаҥалас, Амма оройуонун райкомун секретарынан уонна да атын дуоһунастарга үлэлээбитэ. Матрена, Мария Бүлүү куоратыгар олорбуттара. Григорий оҕонньор эдэр сааһыгар куруук бултуура. Ол иһин сүрүн аһылыга балык, кус этэ, эт, үрүҥ ас. Олорбутун тухары биирдэ да табаҕы тардыбатаҕа, арыгыны испэтэҕэ. Үйэтин тухары режими тутуһан, биир бириэмэҕэ аһаан, биир бириэмэҕэ утуйан, туран сылдьыбыта. Григорий Алексеевич тыыннааҕар Чочуга эрэ буолбакка, Бүлүү оройуонугар, Саха сирин үрдүнэн уһун үйэлээх киһитэ буола сылдьыбыта. Кини 40 сиэннээх, 100-чэкэ хос сиэннээх этэ өлөрүгэр. Федотов Григорий 1972 сыллаахха өлбүтэ. Өлөрүгэр иккиһин кыра тиис үүммүтэ диэн кэпсииллэр. Татьяна Прокопьева Аммосова Улуу Кыайыы 50 сылын көрсө “Олохпут аартыгын арыйсыбыта” диэн 1994 сыллаахха атырдьах ыйын 9 кунугэр суруйбут ыстатыйатыттан: “Сэрии иннигэр уонна сэрии ыар кэмнэригэр күндү түүлээҕи бултааһынынан бэйэтин сэмэй кылаатын киллэрсибит, тыылга кыайыыны уһансыбыт киһи буолар мин эһэм Федотов Григорий Алексеевич. Эһэбит норуот эмчитэ буолуоҕун оччотооҕу суол-иис мэһэйдээтэҕэ буолуо. Хас биирдии үүнээйи, от-мас эмиэ дууһалаах, бары кэпсэтэ-ипсэтэ тураллар, көтөр-сүүрэр эмиэ саҥалаах буолбаат, син ол курдук…. оту-маһы мээнэ алдьатымаҥ, харыстыыр буолуҥ” диэн биһигини такайара. Григорий Алексеевич ойуунумсуйбата, ичээнимсийбэтэ. Эһэбит олус сэмэй, бэйэтин дьоҕурун кистии саба кэпсэнэрэ. Олус мындыр өйдөөҕө, эһэбит улахан хаанньыт этэ. Кыайан хаампат, саҥарбат буолбут олоҥхоһут Захар Павловы эһэм хааннаан үтүөрдүбүтэ. Эһэбит түөнньүтүнэн сураҕырара. Элбэх киһиэхэ түөн уурбута. Ыалдьар сирдэрин бэрт түргэнник булара. Түөнү тымныппаттарын, аа-дьуо оһороллорун ирдиирэ, сэтэрииттэн сэрэтэрэ. Тымныйыыттан сыыстаран ыалдьыбыт дьону иннэлиир этэ. Иннэнэн кэйиэлээн эмтииригэр олус сэрэхтээхтик сыһыаннаһара, ньиэрбэтин таарыйыам диэн олус кэчэһэрэ. Григорий Алексеевич күн-дьыл уларыйыытын эндэппэккэ билэрэ. Маһынан баскаал оҥосторо. От-мас үлэтигэр сүбэлэтэллэрэ, кус-балык булда хайдах буолуоҕун эндэппэккэ билэрэ. Кини төһө да сааһырдар бэйэтин элбэхтик эрчийэрэ, сүүһүттэн тахсан баран олороорон мас хайытара. Сарсыарда тымныы уунан моонньун, көхсүн, илиитин суунар идэлээҕэ, көхсүн мэлдьи көнөтүк тута сылдьарга кыһанара, аһы да кэмнээн, сөбүн көрөн аһыыра. Бэйэтин организмын уратытын олус билэрэ.

Чочу Иван Гоголев музей архыыбыттан.

«Чочу нэһилиэгэ» (II  кинигэ).

Читайте дальше