Олунньу 17 күнүгэр Саха сиригэр пионерия тэриллибитэ 100 сылыгар аналлаах тэрээһини Чочутааҕы И.М.Гоголев — Кындыл аатынан олохтоох музей үлэһиттэрэ бэрт сэргэхтик тэрийэн ыыттылар.
Тэрээһиҥҥэ 60,70,80, 90-нус сыллар пионердара, Чочутааҕы Н.С.Гоголев аатынан профилакторий сынньанаачччылара биирдии хамаанда туруоран, горн, барабаан тыаһын ньиргиэринэн көхтөөх күрэхтэһиигэ кытыннылар. Оччотооҕу пионер сааспытын ахтан – санаан, ол кэмнэргэ тиийэн оҕолуу үөрдүбүт-көттүбүт .Пионерияҕа сыһыаннаах викториналары таайдыбыт, оонньуулары оонньоотубут.
Профилакторий үлэһитэ, бастакы хамаанда сүрүн тэрийээччитэ Оксана Прокопьевна Никитина күндүлээбит минньигэс тортаах, итии чэйдээх остуол тула олорон ирэ-хоро сэһэргэстибит.
Бу бэлиэ дьоро күнү бэлэхтээбит музей үлэһиттэригэр Галина Николаевна Алексееваҕа, Мария Геннадьевна Лыткинаҕа, нэһилиэк бэтэрээннэрин Сэбиэтин бэрэссэдээтэлигэр, иккис хамаанда сүрүн тэрийээччитэ Галина Алексеевна Гоголеваҕа барҕа махталбытын тиэрдэбит. Бу курдук үлэҕит дьон болҕомтотун өрүү тарда турдун, ситиһии сиэттистин, табыллыы таарыйдын, туппуккут тупса турдун!
Мария Буслаева,
Чочу.
Фото Санаайа Томская.