Чочулар «Бүлүү улууһа эһигинниин бииргэ» акцияҕа кытынныбыт

Чочу нэһилиэгин аатыттан «Утум  ситимэ» түмсүү чилиэннэрэ СВО-ҕа сылдьар уолаттарбытыгар анаан тэриллибит “Сылаас  таҥас”  акцияҕа эмиэ көхтөөхтүк кытынныбыт. Ол курдук 21 мөһөөччүккэ кытыан уо.д.а. эмтээх оттортон  чэй, дэйбиирчик, туос, сиэл тус-туспа пакеттаан уктубут. Ону сэргэ 14 халыҥ наскы,13 сиэлтэн оҥоһуллубут угунньа, шерстяной тобукка кэтэри уо.д.а. оҥорон ыыттыбыт. Харысхал буоллун диэн барытыгар этиҥ түспүт маһын уктубут.

Салайааччыбыт Петрова Зинаида Егоровна куоракка балаҕаҥҥа киллэрэн итини барытын туттарда. Балаҕан иһигэр киһи толору эбит, сиэккэ өрөөччү, баһыылка тутааччы диэн кэпсиир кини.

Улуустааҕы быыстапка саалатыгар Сыроватская Сардана Иннокентьевна “Улуу Кыайыы 55сылынан” диэн быыстапкатыгар биһиги урут СВО-ҕа оҥорбут үлэлэрбитинэн коллаж оҥорторон кытынныбыт. Нэһилиэк далбардарын мунньан, СВО-ҕа сылдьар уолаттарга ичигэс сиэл угунньалары, сиэккэлэри оҥорторон Галина Алексеевна Гоголева куоракка “Харысхал” пуунугар туттарбыта, ол хаартыскаларын оҥорторон быыстапкаҕа кыттыбыта.

СВО-ҕа сылдьар уолаттарбытыгар  дойдугут сылаас таҥаһа сылааһынан угуттаатын, этэҥҥэ эрэ буолуҥ, кыайыы кынаттаах дойдугутугар кэлиҥ диэн алгыспытын ыытабыт.

Федора Николаева,

фото Степанида Трофимова.

 

Читайте дальше