Сахалыы тыыннаах кырдьаҕас «Чолбон» сурунаал кулун тутар 4 күнүттэн дьиэ кэргэнинэн ааҕыыны көҕүлүүр сыаллаах өрөспүүбүлүкэтээҕи «Чолбон өй күрэһэ. Улахан оонньуу» бастакы түһүмэҕин саҕалыыр. Сахалыы ааҕарын таптыыр дьиэ кэргэттэри өрө тутар сыаллаах оонньуу өрөспүүбүлүкэ 12 улуустарын уонна Дьокуускай куораты хабан кулун тутар 22 күнүгэр диэри буолар. Бүлүү куоракка кулун тутар 15 күнүгэр Ыччат библиотекатыгар ыытыллыа.
Тэрээһин быйыл Россияҕа Дьиэ кэргэн, өрөспүүбүлүкэбитигэр Оҕо саас сылыгар ананар. «Чолбон» бырайыагын СӨ култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга министиэристибэтэ, «Сахабэчээт» СӨ судаарыстыба автономиялаах тэрилтэтэ өйүүр.
Оонньууга орто уонна үрдүкү кылаастарга үөрэнэр оҕолор төрөппүттэрин уонна эбэлэрин, эһэлэрин кытта, ол эбэтэр үс көлүөнэ сахалыы айымньылары, суруйааччылар олохторун билиигэ күрэхтэһиэхтэрэ. Маны таһынан сурунаал ааҕааччылары кытта көрсүһүүлэри ыытыаҕа.
Улууска кыайбыт хамаанда өрөспүүбүлүкэтээҕи түһүмэххэ Дьокуускай куоракка кыттар кыахтаныа. Финал «Саха» НКИХ ханаалыгар көстүөҕэ. Бастаабыт хамаанда Өлүөнэ очуостарыгар сынньанар путевканан наҕараадаланыаҕа.
Кыттыан баҕалаахтар +7 914 103-21-47 телефонунан суруттарыаххытын сөп. Кытаатыҥ, сахалыы литератураны сэҥэрээччилэр, билиигитин тургутуҥ, дьиэ кэргэнинэн бириэмэни туһалаахтык атааран бэйэ бэйэҕитигэр умнуллубат түгэннэри бэлэхтээҥ!