Чурапчыга аҕам саастаах дьоҥҥо аналлаах лааҕырга дуоһуйа сынньанан кэллибит

Саха Өрөспүүбүлүкэтин  үлэ уонна социальнай сайдыы министиэристибэтин иһинэн үлэлиир “Кыайыы” со­циальнай харысхал  ресурснай киинэ тэрийиитинэн, Чурапчытааҕы Судаарыстыбаннай физическэй култуура уонна успуорт институтун баазатыгар 60-тан үөһэ аҕам саастаах дьоҥҥо анал­лаах «Үрүҥ көмүс сынньалаҥ» диэн лааҕыр от ыйын 6 күнүттэн 13 күнүгэр диэри үлэлээтэ. Лааҕырга өрөспүүбүлүкэбит  19 улууһуттан 100 аҕам саас­таах дьон кэлэн сынньанан барда.

Былырыын Үөһээ Бүлүүгэ “Вместе к активному долголетию 55+” диэн бырайыак чэрчитинэн Бүлүү бөлөх улуустарын икки ардыларыгар аҕам саастаах дьоннорго аналлаах улахан тэрээһиҥҥэ,  “Кыайыы” социальнай харысхал  ресурснай киинин сүрүннүүр исписэлииһэ, «Үрүҥ көмүс сынньалаҥ» лааҕыр бырайыак ааптара Наталья Ксенофонтовна Васильева  Ньурба, Сунтаар, Үөһээ Бүлүү, Бүлүү  “Үрүҥ көмүс” волонтердарын, бу лааҕырга сынньанарбытыгар босхо путевканан наҕараадалаабыта.  Бүлүүттэн 4 киһи  наҕа­раадаламмыта — “Алаһа” түмсүү салайааччыта  Екатерина Герасимовна Алексеева, 1 Күүлэт бэтэрээннэрин Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ  Клара Петровна Васильева, Кыадаҥдаттан “Күндэли” түмсүү салайааччыта  Валентина Васильевна Томская,  Бүлүү улууһун уопсастыбаннай түмсүүлэрин, “Үрүҥ көмүс” волонтердарын  сала­йааччыта Мария Петровна Томская. Ол путевкабытынан босхо Бүлүүттэн 4 буолан Чурапчыга баран дуоһуйа сынньанан кэллибит.

Дьокуускай куораттан от ыйын 6 күнүгэр ресурснай киинтэн 3 автобуһунан  бары бииргэ айаннаан, эбэни паруомунан туораан, тоҕус томтордоох, хатыҥ чараҥнардаах  Чурапчы сиригэр-уотугар  тиийдибит. Аан аартыкка улуус  баһылыгын  социальнай боппуруостарга солбуйааччы Мария Филипповна Кронникова, Бэтэрээн Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Матрена Николаевна Матвеева уонна култуура управлениетын үлэһиттэрэ сахалыы  сиэринэн кыынньа сылдьар кымыһынан, арыылаах алаадьынан айах тутан көрүстүлэр. Салгыы айаннаан Чурапчытааҕы Судаарыстыбаннай физическэй култуура уонна успуорт институутун  уопсай дьиэтигэр түстүбүт, үлэһиттэр биһигини үөрэ-көтө көрүстүлэр, хосторунан олохтоо­тулар. Түспүт хосторбут барылара аныгылыы хааччыллыылаах, остолобуойа  иккис этээскэ баара наһаа үчүгэй,  күҥҥэ түөртэ аһаталлар.

Эбиэт  кэннэ устудьуоннар үөрэнэр куорпустарыгар муньахтаатыбыт. 5 этэрээтинэн араҕыстыбыт: “Победа”, “Олимпиец”, “Добровольцы”, “Наставники” уонна “Ударник” диэннэргэ, хас биирдии этэрээккэ өҥ­нөрүнэн  анал былааттары биэртэлээтилэр. Биһиги этэрээппит “Победа” диэн  буолла уонна бары розовай былаат ыллыбыт, бэйэбит испитигэр “Розовая чайка” диэн группа тэриннибит.

Иккис күммүтүгэр лааҕыр үөрүүлээх аһыл­лыыта 5 этэрээт  параадынан саҕа­ланна, хас биирдии  этэ­рээт хамандыырдара парад иннигэр тахсан лааҕыр салайааччытыгар Матрена Николаевна Матвееваҕа араапарт биэрдибит, девизпытын эттибит, ырыа ыллаатыбыт.

Салгыы СӨ үлэ уонна социальнай сайдыы миниистирин солбуйааччы Афанасий Васильевич Постников эҕэрдэлээтэ уонна  аҕа саастаах көлүөнэҕэ маннык туһалаах сайыҥҥы сынньалаҥ көрүҥүн салгыы сайыннарыахпыт, улуустар баһылыктарын кытта бииргэ үлэлэһиэхпит диэтэ. Чурапчы улууһун баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччы Мария Филипповна Кронникова, Чурапчытааҕы Судаарыстыбаннай физическэй култуура уонна успуорт институутун  ректора Иннокентий Иннокентьевич Готовцев, лааҕыр салайааччыта Матрена Николаевна Матвеева эҕэрдэлээтилэр.  Ол кэннэ  Чурапчы улууһун олохтоохторун кэнсиэрин дуоһуйа көрдүбүт. Салгыы бары илии-илиибититтэн тутуһан оһуохайдаатыбыт, оһуохай тылын Бүлүү куоратын бочуоттаах олохтооҕо, СӨ бочуоттаах бэтэрээнэ Екатерина Герасимовна Алексеева таһаарда.

Киэһэ 8 чаастан Мария Николаевна Антонова “Школа здоровья” диэн семинары ыытта, стадиоҥҥа шашкаҕа уонна кэрэккиигэ күрэхтэр буоллулар. Күн аайы сарсыарда 7:30-8:00 диэри сэрээккэ, 8 ч. сарсыардааҥы аһылык, 9 ч. үҥкүү, 10 ч.  куруһуоктар, маастар кылаастар саҕаланаллар. Биһиги саха балаҕаныгар 12 буоламмыт норуот айымньытын маастарыгар Николай Романович Дьячковскайга үөрэннибит,  2 эр киһи уонна хаһан да уһамматах 10 Далбардар күөрчэх ытыгын уонна муос ытыгы оҥостон бэйэбит да соһуйдубут сөхтүбүт.

Балаҕаҥҥа кыл-сиэл оҥоһукка пенсионерка Жанна Иннокентьена Васильева үөрэттэ, ситии хатарга үөрэннибит, сорохтор угунньу  оҥоһуннулар, уруһуйга Анастасия Васильевна Собакинаҕа хайдах өҥү дьүөрэлииргэ үөрэнэн на­һаа үчүгэй хартыыналары уруһуй­даабыттар, ырыаҕа култуура үтүөлээх үлэһитэ, култуура туйгуна, Елена Александровна Кутукова үөрэттэ кэнсиэркэ кыттан икки ырыаны ыллаатыбыт, байааҥҥа доҕуһуоллаата биһиги биир дойдулаахпыт Павел Павлович Евдокимов, хомуска Дария Кононовна Кузьминаҕа үөрэнэн кэнсиэркэ хомустаан дьиэрэттилэр, РФ, СӨ үтүөлээх артыыһа, СӨ народнай артыыһа Афанасий Дмитриевич Афанасьев  лааҕыр дьонун барыбытын үҥкүүгэ үөрэтэн лааҕыр сабыллыытыгар ол үҥкүүлэри барытын үҥкүүлээтибит. Валяниеҕа учуутал Елена Петровна Корякина үөрэттэ, сылдьыбыттар бары сэлээппэ, үтүлүк оҥоһуннулар. Харысхал оҥоһуутугар норуот айымньытын маастара Татьяна Петровна Бушкова маастар кылааһыгар  сылдьан үчүгэйкээн харысхалы оҥорор буоллубут.

Үһүс күммүтүгэр Чурапчы улууһун 375 сылыгар аналлаах тэрээһиҥҥэ, кыраһыабай тутуулардаах ыһыахтыыр сиригэ “Маҕаайы” алааһыгар сырыттыбыт. Тэрээһини алгысчыт Күөгэйэ Хатыҥ алгыһынан арыйда. Чурапчы биллиилээх дьоннорун кытары көрсүстүбүт, ирэ-хоро кэпсэттибит, Чурапчы чулуу спортсменнарын туһунан элбэҕи биллибит. Киэһэ арочнай заалга ырыаҕа, үҥкүүгэ, хоһооҥҥо күрэхтэр буоллулар.

4 күммүтүгэр Чөркөөх историческай-мемориальнай музейыгар экскурсияҕа сырыттыбыт, баай историялаах музей экспонаттарын сөҕө-махтайа, кэрэхсии көрдүбүт. Киэһэ стадиоҥҥа «Скандинавская ходьба – путь к здоровью» семинары Матвей Лыткин кэлэн ыытта, маастар-кылаас көрдөрдө.

5 күммүтүгэр Дьокуускайтан быраастар кэлэннэр доруобу­йабытын бэрэбиэркэлээтилэр, анализ ыллылар, УЗИ, ЭКГ түһэрдилэр.

6 күммүтүгэр Саха АССР оскуолаларын үтүөлээх учуутала, Саха АССР, РСФСР уонна ССРС үтүөлээх тренерэ, Бочуот Знага итиэннэ Октябрьскай революция орденнар кавалердара Дмитрий Коркин төрөөбүтэ 95 сылыгар аналлаах этэрээттэр икки ардыбытыгар  спартакиада буолла.

Күндү хаһыат ааҕааччыларыгар “Победа”- «Розовая чайка» этэрээт туһунан кылгастык билиһиннэрэбин. Этэрээппитигэр 21 буолан биир дьиэ кэргэн курдук эйэ-дэмнээхтик сырыттыбыт. Этэрээт хамандыырынан Мария Петровна Томская (Бүлүү), солбуйааччынан  Клавдия Степановна Романова (Дьокуускай), казначей Акулина Степановна Наумова (Амма), спортивнай салайааччы Данил Семенович Аргунов (Покровскай).Туох баар ыытыллар араас тэрээһиннэргэ, маастар-кылаас­тарга барытыгар көхтөөхтүк кытынныбыт дуоһуйа сынньанныбыт, элбэххэ үөрэннибит.

Ол курдук кэрэккиигэ Анатолий Иванович Лебедев (Мохсоҕоллоох) бастакы миэстэ, туоһапканан ытыыга Николай Владимирович Саввинов (Өймөкөөн) иккис миэстэ, дартска Иннокентий Михайлович Осипов (Сунтаар) бастакы миэстэ, Данил Семенович Аргунов (Покровскай) үһүс миэстэ, теннискэ Татьяна Гаврильевна Павлуцкая (Чурапчы) иккис миэстэ, Акулина Степановна Наумова (Амма) үһүс миэстэ, саахымакка Светлана Николаевна Собакина (Таатта) төрдүс миэстэ, ытыыга Валентина Васильевна Томская (Бүлүү) төрдүс миэстэ, Марина Семеновна Иванова бэһис миэстэ, Нина Ивановна Турнина, Татьяна Гаврильевна Огонерова (Таатта), Клара Петровна Васильева (Бүлүү) араас күрэхтэргэ кыттаннар бастакы-иккис миэстэ буолбуттара.

Уопсай күрэх түмүгүнэн “Победа” этэрээт иккис миэстэ буолан дипломунан уонна минньигэс бирииһинэн наҕараадаламмыппыт.Ол киэһэ “Быара суохтар” кэнсиэртэригэр Бүлүүлэр Чурапчыга олорор биир дойдулаахпыт, биһиги этэрээппит далбара Татьяна Гаврильевна Павлуцкая восточнай икки үҥкүүнү үҥкүүлээн соһутта. Маннык күүстээх хамаандабынан, туохха барытыгар дэгиттэр талааҥҥытынан киэн туттан тураммын, күндү дьоннорбор барҕа махталбын тиэрдэбин.

Түгэнинэн туһанан, “Победа” этэрээт -“Розовая Чайка” аҕам саастаах дьоннорун ааттарыттан, сэттэ күнү быһа биһигини арыаллаан, араас сэргэх  тэ­рээһиннэри, күрэхтэри, сын­ньалаҥ биэчэрдэри тэрийэн  бииргэ сылдьыбыт тэрийээччилэрбитигэр, бу бырайыак ааптарыгар Наталья Ксенофонтовна Васильеваҕа, лааҕыр сала­йааччытыгар  Матрена Николаевна Матвееваҕа, Саха сирин кэскилин түстүүр Чурапчытааҕы спортивнай институут үлэ­һиттэригэр, ректорыгар Иннокентий Иннокентьевич Готовцевка, түүннэри-күнүстэри биһиги доруобуйабытын бэрэбиэркэлээн, хас сарсыарда аайы доруобуйаны чэбдигирдэр гимнастикалары оҥорторбут бырааспытыгар Мария Николаевна Антоноваҕа,  Вера Дмитриевна Яковлеваҕа, дэлэй, минньигэс  астаах-үөллээх институут остолобуойун үлэһиттэригэр, сэбиэдиссэй Надежда Романовна Борисоваҕа, сарсыарда аайы үҥкүүнү үөрэппит Афанасий Дмитриевич Афанасьевка уонна маастар-кылаас ыыппыт дьоннорбутугар уонна хас хардыыбытын барытын хаартыскаҕа түһэрэн, видеоҕа устан биһиэхэ бэлэх ууммут Эдуард Макаровка, бары тэрийсибит дьоннорго бука барыгытыгар улахан махталбытын тиэрдэбит. Баҕарабыт эһиэхэ саха аламааһыныы кытаанах доруобуйаны, аҕам саастаах дьоннорго күүс-көмө буолар, араас тэрээһиннэри тэрийэр түбүктээх үлэҕит үтүө түмүктээх буоллун.

(Хаартыскаҕа Бүлүүттэн төрүттээхтэр)

Биһиги Бүлүүбүт куоратыгар толору хааччыллыылаах уопсайдаах, успуорт саалалаах Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи  профессиональнай-педагогическай колледж баар, онон аҕам саастаах дьоннорбутугар 10 хонуктаах сайыҥҥы лааҕыры тэрийиэхпитин сөп эбит дии санаатым.

Мария Томская,

Бүлүү куоратын  Бочуоттаах олохтооҕо, өрөспүүбүлүкэтээҕи  “Утум уопсастыбаннай тэрилтэ Бүлүүтээҕи салаатын дириэктэрэ, Бүлүү улууһун уопсастыбаннай түмсүүлэрин, “Үрүҥ көмүс”  волонтердарын  салайааччыта.