Дьалхааннаах сылларга улуукан учуутал Бүлүүгэ олоҕуттан

Саҥа ХХ үйэ киирбиитигэр   Германияҕа  84%, Англияҕа 81% оскуола саастаах оҕолоро үөрэнэр эрдэхтэринэ, ол Россияҕа 15% эрэ эбит! Саха уобалаһыгар  бу өссө кыра.1 тыһ. нэһилиэннньэҕэ  7 эрэ оҕо үөрэнэрэ бэлиэтэммит. Ити кэмтэн  Россия бүттүүн началынай үөрэххэ көһөр. Үөрэхтээх дьоно  оччоҕо Саха сиригэр  4% эрэ эбит буоллаҕына,  Бүлүү уокуругар ол 1% – ны да кыайбата, бу чахчы да түҥкэтэх дойдутун көрдөрөр. Дьэ, итинник сиргэ П.Х.Староватов 4 сыл үчүгэйдик Бүлүү куорат училищетыгар  учууталлаан,  1897 с.  Иркутскай генерал-губернатор үрүҥ көмүс чаһыытынан наҕараадаланар.

Петр Хрисанфович  Сибиир араас хаһыаттарыгар Бүлүү туһунан элбэхтик суруйар. Иркутскай магнито-метеорологическай обсерватория сорудаҕынан бу кэмнэртэн күнү-дьылы кэтээн көрөр.1898с. норуот саҥа библиотекатыгар үлэлэһэр. Эһиилигэр кини көҕүлээһининэн оҕолорго бастакы харыйаны симииллэр.1905с.ыам ыйын 30к. ыраахтааҕыны утары аһаҕастык саҥарбытын иһин учууталыттан уураталлар .Онон 1905-1907 сс. чааһынай уруоктары  биэрэр, мировой судьуйаҕа суруксуттуур.

П.Х.Староватов өрөбүлүүссүйэ, былаас былдьаһыытыгар кыттыыта бу. Арассыыйаҕа 1917 с. олунньутааҕы революция  Николай II ыраахтааҕыны суулларар. Тута  кулун тутар 4к. Дьокуускай к. саҥа былаас олохтонор . Ол курдук “комитет общественной безопасности”  (КОБ) тэриллэр. Онно 3-түү большевик,меньшевик уонна эсер киһи киирэллэр .Маны бассабыык Г.И.Петровскай ыам ыйыгар диэри салайар. Салгыы тутатына Бүлүү уокуругар кулун тутар 7 КОБ бэрэстээтэлинэн П.Х.Староватов талыллар. Былаас саҥа тэрилтэтэ тэриллэр. Дьэ, ол аата Петр Хрисанфович  саҥа уларыйыыны  уруйдуу көрсөр,өссө бэйэтэ бу былааһы олохтуурга ылсар.Ол курдук кулун тутар 21 к. уокуруктааҕы 21 КОБ –куораттан  табаары таһаарыыны бобор. Бары атыы тэрилтэлэригэр 8 чаастаах үлэ күнүн олохтуур. Бүлүүгэ ыспыраабынньыгы тохтотор,эргэ былааны тосту уларытар .

Муус устар 9 күнүгэр Орто Бүлүү улууһугар мунньахтаан, КОБ тэринэллэр.Онно 2 саҥа Бороҕон уонна Хаҕын нэһилиэктэрэ үөскүүллэр .Бу ый 11-16 күннэригэр уокурук КОБ 1 сессиятын ыытар .Онно доруобуйа ,кооперация ,нэһилиэнньэни аһылыгынан хааччыйыы  боппуруостара көрүллэр. Манна П.Х.Староватов –учууталын үлэтин сүрүн үлэ оҥостунан,саҥа салалта  КОБ салайарыттан аккаастанан,  бэйэтин этиитинэн ,аһылык  хамыыһыйатыгар  аллараа көһөр.Бу да оччоҕо улахан суолталаах хардыы этэ. Ол дьалхааннаах, былаас былдьаһыыта ,улахан уларыйыы  кэмигэр аһылык саамай тутаах  буоларын өйдөөбүтэ — оборуонаҕа тиийэ туһалыыр.

Ол КОБ уурааҕынан 1917с.ыам ыйын 23к. Бүлүүгэ кини этиитинэн музейы арыттарбыта, бу Саха сиригэр бастакы оройуоннааҕы  түмэл буолар.Онтон ити иннэ муус устар 25 күнүгэр үөрэппит уолун С.М.Аржаковы кытта “Бүлүүгэ хара үлэһиттэр уонна болуотунньуктар Сойуустарын” тэрийэллэр.  Петр Хрисанфович  Сэбиэскэй былааһы  Бүлүү уокуругар олохтуурга улаханнык туруулаһар. Ол курдук 1918 с. Бүлүү түлэьит депутаттарын чилиэнинэн  талыллар. Колчак былааһын утарсар.1920 с. бассабыык баартыйаҕа киирэр. Бу барытыгар учууталыттан уурайбакка, онтун өрүү өрө тута сылдьан, олох охсуһуутугар кыттар дии!

1922 сыл кулун тутар 26-29 күннэригэр Тулагы Киллэмҥэ 620 киһилээх, 3 Георгиевскай кириэстээх С.Г. Канин И.Я. Строд сэриитигэр хотторон, Намынан, Кэбээйинэн, Орто Бүлүүнэн кэлэн, бастаан Хампаҕа тохтуур.  Бу ыраахтааҕы  эпписиэрэ 300-тан тахса сэрииһиттээх Чуондулуга  ыстааптанар. Куораты “хаардыы хааман, хайаан да ылардыы” үс хас хайысханан муус устар 25 түүнүттэн алдьархайдык атаакалыыр . Итиннэ көмүскээччилэр күүстээх күргүөмнээх  ытыыларыттан 8 бастаанньаһыты  сүтэрэн, төттөрү түһэн, чугуйаллар. Маны Староватов мындырдаан, маннааҕы мастарыскыайга кумах киэпкэ  куттарбыт ботуруоннара дэлэйэ бэрдэ –   “буулдьа ардаҕын  ыһаннар”кимэн  киирбиттэри чахчы салыннараллар. Бу буулдьа туспа остуоруйалаах.Ол Дьааҥы руднигыттан элбэх көһөҥөннөн сибиниэһи А.Е. Кугаевскай хамандыырдаах  Верхоянскай 12 коммунардара төгүрүктээһинтэн төлө көтөн, бандьыыттартан муус устарга куотан Балаҕаччынан киирэллэригэр ыга тиэйэн аҕалаллар. Аара Халбаакыга Маахардар олохторугар сирдьиттэрин  “таһаҕаспыт ыарахана бэрдиттэн табаларбыт кыайбакка  эһиннилэр” – диэннэр, өр уһун суолга үс эйэлээх  дьону өлөрбүттэрин курдук, Дьоохуттан Добдуй уола Н.Николаевы             “тоҥуһу куоттардын”- диэн таһааран ытан кэбиһэллэр. “Хор оннук  киһи дуу, сибиниэс дуу” – диэн ол охсуһуулаах хонуктарга дьон  олоҕун дьылҕатын  кытта быһаараллара  кыһыылаах. Бу туох да буруйа суох дьону  суута –сокуона  суох дьакыйбыт кыһыллары сэмэлээбиттэр эрэ. Сибиниэһинэн куоһурданан  куотуммуттарын ылыммыттар быһыылаах. Сибиниэс сэкириэтин этиэхтэрэ диэн сэрэммиттэр диэн сэрэйэллэрэ үһү…

Кыргыһыыга  оборуона дьонуттан учуутал кыра уолун соҕотох Илья Староватовы –сэрииһиттэр сэбиэдиссэйдэрэ, комсомол кэскиллээх киһитин  бандьыыт буулдьата табар. Арааһа өстөөхтөр онно ахтыбыыс бэрдэ сүүрэн- көтөн, хамаандалаһа –дьаһайса сылдьар  уолун соруйан бултаспыттар быһыылаах.  Бу үйэ анараа ааспытын анааран, санаан ахтан аастахха ол хайдаҕай! Куораппыт урусхалланарын утары сырдык тыынын уурбут  20-чэлээх эрэ уолбут кэриэһигэр  кыра мас өйдөбүнньүк Орджоникидзе уулуссаҕа  таптарбыт сирин таһыгар турарын саҥардыахха  баара. Итинэн эмиэ Илья Староватов аатын үйэтитэр үлэни сөргүтүөххэ сөп.

Петр Хрисанфович инчэҕэй кумахтаах дьааһыкка кумаахынан оҥкучах форма оҥорор. Онно көһөҥө сибиниэһи уулларан, 20 үлэһит мастарыскыайга күнүстэри-түүннэри үлэлээн, түргэнник 20 тыһ. буулдьаны  куталлар. Бу буулдьаттан куттанан үрүҥнэр атаакалыыр санааларын тохтотон, хас да ый куораты ыга төгүрүйэллэр. Хотуттан хомуллубут, Булуҥтан булсубут, Дьааҥыттан ааҥнаан кэлбит өрүс уҥуоргу өрө турааччылар Чуондулуга ааһаллар. Сорохторо Тойон Хонууга, Тоһууга хаалаллар. Онно сорох киэһэ оһуохайдаан ойоллор. Бүлүү өрүскэ киирэн үксүлэрэ доруоп саанан ытыалаан доргуталлар. Ону оборуона дьоно: “Мутук буулдьалаахтар, муҥнанымаҥ! Муммуттар, дойдугутугар тарҕаһыҥ!”, — диэн хаһыытаат: “Бу баар дии дьиҥнээх сибиниэс эйиэхэ!”, — диэн утары ытыалаан кууһурҕатан, олус салыннараллар.

Онтон 1922 с. от ыйын 1 күнүгэр Дьокуускайтан сорох “Диктатор” диир, чуолкайдаммытынан “Республиканец” куйахтаах пароходунан айаннаан, 7 “Максим” пулеметтаах 215 сэрииһиттээх И.Я.Строд этэрээтэ 8-ка Бүлүүнү босхолуур. Бу куорат босхолонуута быйыл сайын оруобуна 101 сылын туолла! Тойон Хонууга  хорҕойбутттары 3 дюймалаах буусканан ытан бурҕатан бурайтыыр. Үрүҥнэр бары үрүө-тараа  ыһыллаллар. Онон Бүлүү куоратын 101 күннээх осадатын көтүрэр. Бу борохуотунан САССР уполномоченнайа И.Н.Барахов кэлэр. Строд салгыы от ыйын 14-гэр Сунтаары сэриитэ суох ылар. Семен Канин Верхоянскай уокуругар куотар.

Дьэ, бу күн бүгүнүгэр диэри история тыыннаах, Сибиир биир кырдьаҕас куоратын көмүскээн, чөл хаалларбыт оборуона кыттыылаахтарыгар, чуолаан П.Х.Староватовка, аһынан-үөлүнэн, буулдьанан хааччыйан чахчы быыһаабыкка,  билиҥҥи дьон –сэргэ махтала муҥура суох!

Бу суруйуубар “История Якутии” диэн Новосибирскай к. 2021 с. тахсыбыт профессор А.Н.Алексеев редакциялаабыт үс кинигэтинэн сирдэтэн үлэлээтим.

Анатолий Петров- Уу Туолата,

РФ суруналыыстарын Союһун чилиэнэ.