Дьөккөҥҥө Ионовтар 100 тыһыынча мүөттээх ыҥырыаны туталлар

Бүлүү улууһун Дьөккөн бөһүөлэгиттэн 5 км тэйиччи турар «Лүксүгүн» сайылыгар олохсуйан үлэлиир Сидор уонна Иван Ионовтар бөдөҥ бааһынай хаһаайыстыбаларыгар соторутааҕыта Татарстантан аҕалыллыбыт 100 тыһыынча мүөттээх ыҥырыаны туталлар, көрөллөр-истэллэр.

Ааспыт сэрэдэҕэ Бүлүү улууһун баһылыга Сергей Винокуров, депутаттар оройуоннааҕы Сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлэ Гаврил Корякин, тыа хаһаайыстыбатын департаменын салайааччы Павел Иннокентьев, өр сылларга улуус тыатын хаһаайыстыбатын, депутаттар оройуоннааҕы Сэбиэттэрин салайбыт Тимофей Иванов Дьөккөҥҥө анаан-минээн тахсан Сидор уонна Иван Ионовтар бааһынай хаһаайыстыбаларын үлэлэрин тэрээһинин, соторутааҕыта Татарстантан сиринэн аҕалыллыбыт 100 тыһыынча мүөттээх ыҥырыаны хайдах туталларын-көрөллөрүн билистилэр.

Бастатан туран, ат спордун сайыннарыытынан утумнаахтык дьарыктанар Сидор Ионович улуус салалтатын Дьөккөн кытыытыгар турар күрүөлээх-хаһаалаах, дьиэлээх-уоттаах, сүүрүүк аттары тутар сирин илдьэн көрдөрдө, улууска ат спордун сайыннарыыга кэпсэттэ, үлэлэрин түмүктэрин билиһиннэрдэ, санааларын үллэһиннэ уонна…улуус ыраас хааннаах сүүрүүк аты ыларыгар этии киллэрдэ. Билигин өрөспүүбүлүкэ ипподромугар илин-кэлин түсүһэн сүүрэр кыахтаах ыраас хааннаах аттар бары улуустарга барыларыгар бааллар диэххэ сөп. Сидор Ионов уонна көмөлөһөөччүлэрин үтүөлэринэн кэлиҥҥи сылларга Дьөккөн сүүрүүк аттара киэҥник биллэр, улуустааҕы ат сүүрдүүтүгэр иннилэрин биэрбэт буоллулар.

Улууска биир бастыҥ үлэлээх уонна бөдөҥ бааһынай хаһаайыстыба Лүксүгүн диэн сиргэ сылгытын, ынах сүөһүтүн, мүөттээх ыҥырыаларын, индюктарын көрөр-истэр элбэх тутуулах, күрүөлээх-хаһаалаах, тиэхиньикэлээх, маһы таҥастыыр пилорамалаах.

Иван Ионович ыалдьыттарга хаһаайыстыбаларыгар тутар саха ынаҕын боруодатын оҕуһун, ынахтарын анаан-минээн көрдөрдө. Сүрэхтээх-бэлэстээх, туруу үлэһит дьон Ионовтар хаһаайыстыба тэринэн атахтарыгар бигэтик туран салгыы сайыннарары толкуйдууллар, саҥаны түргэнник ылыналлар, сарсыҥҥыны эрэллээхтик көрөллөр.

Өр сылларга нэһилиэк баһылыгынан, улуус баһылыгын социальнай эйгэҕэ солбуйааччынан үлэлээбит Альбина Ионовна бырааттарыгар сүбэлээн-амалаан күүс-көмө буолар. Кини толкуйунан Лүксүгүн сайылыгар кэлин биһирэбили ылан эрэр агро-туризм курдук хайысха сайдан эрэр. Былырыын харчы төлөөн туран сайылык үлэтин билсэ 500 киһи сылдьыбыта элбэҕи этэр. Хаһаайыстыба быйыл агро-туризм Арассыйатааҕы гран куонкурсугар бырайыагын ыытан кыттыыны ыла сылдьар.

Хаһаайыстыба биир сүрүн дьарыктанар хайысхатынан – мүөттээх ыҥырыаны иитии, тарҕатыы буолла. Ионовтар 2016 сылтан мүөттээх ыҥырыаны иитиинэн дьарыктаммыт уопуттаахтар, кинилэр минньигэс мүөттэрин амтанын Бүлүүгэ, Дьокуускайга бэркэ билэллэр.

Билигин сорук арыый атын уонна эппиэтинэстээх – мүөттээх ыҥырыаны улууска, Бүлүү бөлөх улуустарыгар, Горнай улууһугар тарҕатарга анаан Татарстан аҕалтарбыт Орто Арассыйатааҕы боруода 100 тыһ мүөттээх ыҥырыаларын өссө элбэтиэхтээхтэр. Билигин мүөттээх ыҥырыанан дьарыктаныан баҕалаахтар Татарстантан биир уйаны 30 тыһ. солк. аҕалтараллар, Ионовтар хаһаайыстыбалара кэлэр өттүгэр 7-10 тыһ. солк. атыылыахтаах диэн суоттууллар, улуус олохтоохторугар өссө намыһах сыанаҕа батарыахтаах.

Улуус дьаһалтата 10 мөл. солк. үбүлээһин көрөн мүөттээх ыҥырыалар, мүөт сүүрдэргэ аналлаах араас тэриллэр атыылаһылыннылар. Сидор Ионов хаһаайыстыба күүһүнэн омшаник диэн ыҥырыа кыстыыр дьиэтин тутан бэлэмнээтэ. Мүөттээх ыҥырыа кыһын 0 кыраадыстан 5 кыраадыс сылааска эрэ диэри үчүгэйдик кыстыыр эбит. Билигин омшаникка суоталары араарар, мүөт сүүрдэр, ыраастыыр тэриллэр таҥыллан үлэлииргэ бэлэм тураллар.

Орто Арассыйатааҕы боруода уратыта диэн атыттарга холоотоххо быдан уһуннук кыстыыр, ол аата өлбөт үөстээх, тулуйумтуо уонна бөҕө боруода эбит. Ити туоһутунан

8 тыһ. км ыраах сиртэн 100 тыһ. мүөттээх ыҥырыа улаханнык өлбөккө-сүппэккэ кэлбитэ да туоһулуур. Казань мүөттээх ыҥырыаны иитээччилэрин уопсастыбатын салайааччыта Рустем Гилязов суоппар Алексей Казанцевтыын 100 уйаны Дьөккөҥҥө диэри 16 хонук устата айаннаан аҕалбыттар. Кини мүөттээх ыҥырыа охсуулаах суолга өлөрүн, билигин ахсааннара чөлүгэр түһэн эрэрин билиһиннэрдэ, туруктара үчүгэй, туох баар докумуоннарын, ирдэнэр сертификаттарын аҕаллыбыт диэн кэпсээтэ. Быйылгы сайыннааҕы соруктара – мүөттээх ыҥырыаны олохсутуу, мүөт ылыыта буолар.

Сидор Ионов билиһиннэрбитинэн, мүөттээх ыҥырыаны иитиигэ баай уопуттаах, элбэх билиилээх-көрүүлээх Рустем Рафкатович пасекаҕа сарсыарда эрдэттэн киэһэ хойукка диэри сылдьар, кини Лүксүгүҥҥэ күһүн хойукка диэри үлэлиэхтээх.

Улуус баһылыга Сергей Винокуров Бүлүү улууһугар мүөттээх ыҥырыаны үрдүк кэрдиискэ таһааран иитиинэн дьарыктаныы улуус Татарстаҥҥа сырыыларын, Арскай оройуону кытта бииргэ үлэлэһэрин түмүгэ буоларын, улуус Саха сириттэн бастакынан сайдыылаах Татарстаны кытта сыһыан олохтообутун бэлиэтээтэ.

Тыа хаһаайыстыбатын департаменын салайааччы Павел Иннокентьев Бороҕон нэһилиэгин баһылыгынан үлэлии сылдьан улуус мүөттээх ыҥырыаны сайыннарыыга көрбүт 200 тыһ. солк. үбүнэн омшаник туттаран улууска бастакынан олохтоох мүөтү атыыга таһаарбыт үтүөлээх.

Билигин кини Саха сиригэр биир кэскиллээх хайысханы таба үктэнэн улууска мүөттээх ыҥырыа салаатын сайыннарыыны өссө үрдүк таһымҥа таһаарда, улуус көрөр үбэ быдан элбээтэ. Бүлүү улууһа билиҥҥитэ Саха сиригэр итиччэ элбэх мүөттээх ыҥырыаны аҕалтарбыт, көрө-истэр соҕотох улуус буолар.

Сидор уонна Иван Ионов хаһаайыстыбаларыгар минньигэс мүөттээх ыҥырыа салаатын сайыннаралларыгар, элбэх мүөтү ылалларыгар эрэл улахан!

Николай Куприянов.