Бэҕэһээ улуус дьаһалтатын кыра саалатыгар Бүлүү улууһун дьаһалтатын уонна депутаттар оройуоннаҕы Сэбиэттэрин салалталара Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Федеральнай Собраниеҕа, Госдума депутаттарыгар уонна Арассыыйа норуотугар Туһаайан этиитин бары бииргэ мустан иһиттибит.
Владимир Путин 2 чаастан ордук дириҥ ис хоһоонноох, туох баар бары эйгэни барытын хабар этиини оҥордо. Арассыыйа эйэлээх судаарыстыба, атын дойдуларга сэриинэн саба түһэр санаата суох, ол эрэн, Арассыыйабэйэтин суверенитетын көмүскүүр, көмүскүүр кыахтаах уонна көмүскүөҕэ дэн этиитин сөбүлүү иһиттим.
Мин биһирээбитим диэн, дьиэ кэргэни, үүнэн эрэр көлүөнэни, ыччаты, саастаах дьону өйүүргэ туһаайан элбэх этиини оҥордо.
Бары национальнай бырайыактар 2030 сылга диэри үлэлиэхтэрин, эбии 4 саҥа национальнай бырагыраамалар олоххо киирэллэрин иһитиннэрдэ.
Биир бэйэм өбүгэлэрбит үйэлэри уҥуордаан илдьэ кэлбит сыаннастарын, өйдөрүн-санааларын, этикаларын харыстааһын салгыы сайдарга тирэх буолар диэн эппитин сэргээтим.
Бүлүү куоратыгар чопчу сыһыаннаах былыргы дьиэлэри харыстааһыҥҥа элбэхтик толкуйдаппыт биир кыһалҕалаахпыт. Владимир Путин куораттар былыргы дьиэлэрин харыстааһыны бэйэтин этиитигэр таарыйда. Туспа бырагыраама оҥоруохпут, үбүлээһинин көрүөхпүт, саҥа көрүүлэр баар буолуохтара диэн этиитэ биһигини үөрдэр.