Балаҕан ыйын 8, 9 уонна 10 күннэригэр ыытыллар быыбардарга Бүлүү улууһун олохтохторо быыбардыыр учаастактарга 5 бүлүтүөнү, Кыһыл Сыыр, Тыымпы уонна Өкүндү олохтоохторо 6 бүлүтүөнү ылыахтара.
Бүлүү улууһун быыбардааччылара Ил Дарханы талыахтара, Ил Түмэн уонна оройуон Сэбиэтин депутаттарын баартыйалартан уонна биирдии мандаттаах уокуруктартан быыбардыахтара.
Кыһыл Сыыр олохтоохторо эбии быыбарга бөһүөлэк Сэбиэтин депутатын, Тыымпы уонна Өкүндү олохтоохторо нэһилиэктэрин баһылыктарын быыбардыахтара.
Бүлүү улууһуттан Ил Түмэҥҥэ биир мандаттаах 12 Бүлүүтээҕи быыбардыыр уокурукка депутакка хандьытааттарынан “Биир ньыгыл Арассыыйа” баартыйаттан Егор Григорьев, “Справедливай Арассыыйа – Патриоттар- Кырдьык иһин” баартыйаттан байыаннай Иван Кириллин, “Саҥа дьон” баартыйаттан Алексей Эверстов бигэргэннилэр. Айаал Петров эмиэ бу уокурукка бэйэтин туруорунан хамыыһыйанан бигэргэннэ.
Быйыл күһүн оройуон Сэбиэтигэр 25 депутаты талыахпыт, ол иһигэр, баартыйалартан 15, биирдии мандаттаах уокуруктартан 10 депутаты быыбардыахпыт.
Улуус быыбардааччылара оройуон Сэбиэтигэр “Биир ньыгыл Арассыыйа”, “Справедливай Арассыыйа – Патриоттар- Кырдьык иһин”, “Саҥа дьон”, КПРФ уонна ЛДПР баартыйалартан депутаттары талыахтара.
Биирдии мандаттаах 10 уокурук тэрилиннэ. Улууска үлэлиир 34 учаастактааҕы быыбар хамыыһыйалара 10 уокурук иһигэр киирэн уруккуларын курдук үлэлиэхтэрэ.
Бүлүү куоратыгар оройуон Сэбиэтин быыбарыгар биир мандаттаах 4 уокурук бигэргэммитэ.
1 №-дээх “Хотугу” уокурукка депутакка хандьытааттарынан “Справедливай Арассыыйа – Патриоттар- Кырдьык иһин” баартыйаттан Александр Григорьев, КПРФ-тан Святослав Васильев, “Биир ньыгыл Арассыыйаттан” Марианна Спиридонова турдулар.
2 №-дээх “Соҕуруу” уокурукка депутакка хандьытааттарынан Анна Егорова, Ольга Калачикова-Яковлева, байыаннай Юлиан Кононов бэйэлэрин туруоруннулар уонна “Биир ньыгыл Арассыыйа”баартыйаттан Анна Лущевская турда.
3 №-дээх “Илин” уокурукка — “Биир ньыгыл Арассыыйа” баартыйаттан Матрена Гаврильева уонна Иван Майоров, Иван Сыромятников бэйэлэрин туруоруннулар.
4 №-дээх “Арҕаа” уокурукка “Биир ньыгыл Арассыыйа” баартыйаттан Иван Алексеев, “Справедливай Арассыыйа – Патриоттар- Кырдьык иһин” баартыйаттанВалентин Иванов, КПРФ-тан Айал Харлампьев уонна байыаннай Иван Степанов турдулар.
5 №-дээх “Кыһыл Сыыр” уокуругар Иван Кайкы бэйэтин туруорунна, “Биир ньыгыл Арассыыйа” баартыйаттан Дмитрий Карачев, КПРФ-тан Айар Максимов турдулар.
6 №-дээх Хампаны, Тыымпыны, Бороҕону түмэр “Орто Бүлүү” уокуругар КПРФ-тан Александр Евсеев, “Биир ньыгыл Арассыыйаттан” Георгий Осипов уонна Савва Семенов бэйэтин туруорунна.
7 №-дээх Баппаҕаайы, Лөкөчөөн, Дьөккөн, Бөкчөҥөө нэһилиэктэрдээх “Бүлүүтээҕи” уокурукка “Биир ньыгыл Арассыыйа” баартыйаттан Егор Константинов, “Справедливай Арассыыйа – Патриоттар- Кырдьык иһин” баартыйаттан Виктор Платонов уонна бэйэтин Реворий Григорьев туруорунна.
8 №-дээх Өкүндү, Чинэкэ, Чочу, Кыадаҥда бөһүөлэктэрэ киирэр “Аржаков” уокуругар “Биир ньыгыл Арассыыйа” баартыйаттан Прокопий Протопопов, байыаннай Дмитрий Павлов турдулар.
9 №-дээх I уонна II Күүлэттэр, Тылгыны, Үгүлээт нэһилиэктэрэ киирэр “Күүлэт” уокуругар Айан Алексеев бэйэтин туруорунна, “Биир ньыгыл Арассыыйа” баартыйаттан Александра Егорова, КПРФ-тан Каролина Харлампьева турдулар.
10 №-дээх Халбаакы, Тоҕус, Кыргыдай, Хаҕын нэһилиэктэрин түмэр “Мастаах” уокуругар “Биир ньыгыл Арассыыйа” баартыйаттан Сергей Львов, КПРФ-тан Николай Николаев турдулар, Василий Мандаров бэйэтин туруорунна.
Ити курдук, хандьытааттары туруоруу, бигэргэтии түмүктэнэн, билигин хандьытааттарга биир саамай эппиэттээх аҕытаассыйа кэмэ саҕаланна. Атырдьах ыйын 12 күнүттэн бары таһымнаах быыбардарга бигэргэммит хандьытааттарга СМИ-гэ аҕытаассыйа ыыталлара көҥүллэммитэ. СМИ-гэ аҕытаассыйаны ыытыы балаҕан ыйын 8 күнүгэр түүн 00 чааска түмүктэниэхтээх.
Бары депутакка хандьытааттар аҕытаассыйаларын сокуоннары, сиэри-майгыны тутуһан ыытыахтаахтарын туһунан улуустааҕы быыбар хамыыһыйата өссө биирдэ санатар.
Николай Куприянов.