Дьоллоох дьоннор кырдьаллар, дьоһун сааска тиийэллэр…

Тылгыныга «Түһүлгэ» сынньалаҥ киинигэр нэһилиэкпит Аҕам саастаах дьонноругар анаан олус истиҥ тэрээһин буолан ааста. Аҕам саастаах дьоммут, норуоппут муудараһын, өбүгэлэрбит туһунан үтүө өйдөбүлү илдьэ сылдьар баар-суох ситиммит буолаллар. Ол иһин даҕаны, норуот өс хоһоонугар «Кырдьаҕаһы хааһахха сүгэ сылдьан сүбэлэт» диэн этиллэр.

Ытык-мааны дьоммутугар анаммыт күммүт сахалыы астаах мааны сандалы тула олорууттан саҕаланна. Хаһыс да сылларын, баһылык Егор Иванов салалтатынан, нэһилиэкпит эр дьонноро аҕам саастаахтар бырааһынньыктааҕы остуолларыгар анаан эрдэттэн тэринэн, бултаан-алтаан, мас көтөрдөөн, куобахтаан, булт астарынан остуол хотойорунан күндүлүүр буолбуттара үтүө үгэскэ кубулуйбута олус үчүгэй. Нэһилиэкпит эр дьонугар махталбыт муҥура суох.

Нэһилиэкпит баһылыга Е.А. Иванов бырааһынньыгынан мустан олорор аҕам саастаах дьоммутун эҕэрдэлээтэ, чэгиэн доруобуйаны баҕарда, биһиги кырдьаҕас дьоннорбут үтүө сүбэһиттэрбит буолаллар диэтэ. Үбүлүөйдээх дьоммутугар тэрилтэлэр кыттыһан оҥорбут бэлэхтэрин, олохтоох дьаһалта специалиһин А.И.Васильеваны кытта үөрүүлээх быһыыга-майгыга туттардылар.

«Түһүлгэ»сынньалаҥ киин үлэһиттэрэ дьахталларга тэрийбит «Эдэр сааспын санатар күндү киэргэллэрим» диэн киэргэл күрэҕэр 4 кыттааччы кытынна. Чахчыта даҕаны, олус да кэрэ киэргэллэри биһиги аҕам саастаах кэрэ аҥардарбыт кэппит эбиттэр. Күрэх түмүгүнэн 3 миэстэни А.П. Матвеева,  2 миэстэни А.Н.Васильева, 1 миэстэни А.Т. Николаева ыллылар уонна Добун суруктарынан, бириистэринэн наҕараадаланнылар.

Эр дьоҥҥо «Эдэр сааһым күөгэйэр күннэрэ»диэн хаартыска күрэҕэр эмиэ 4 кыттааччы кытынна. Түмүккэ 3 миэстэни В.И.Максимов, 2 миэстэни И.Н.Доранов, 1 миэстэни А.Н. Поскачин ылан эмиэ Добун суруктарынан, бириистэринэн наҕараадаланнылар. Күрэххэ кыттыбыт ытык дьоммутугар барҕа махтал буолуохтун.

Бу тэрээһиҥҥэ элбэх көрдөөх, сонун , толкуйдатар оонньууларга аҕам саастаах дьоммут үөрэ-көтө оонньоотулар, оҕо буолан мэниктээн ыллылар.

Дьоро күҥҥэ элбэх эҕэрдэ тыллар этилиннилэр, Тылгынытааҕы участковай балыыһа кылаабынай бырааһа Л.А.Алексеева, оҕо тэрилтэтин үлэһитэ И.Н. Доранов, «Түһүлгэ»сынньалаҥ киин үлэһиттэрэ Р.Н.Иванова, М.М. Иванова, А.И. Кылабысов ылбаҕай ырыаларын бар дьонноругар бэлэх ууннулар. Сахалыы астаах мааны сандалы остуолу нэһилиэкпит тэрилтэлэрин үлэһиттэрин, «Кийииттэр» түмсүүлэрин күүһүнэн тэрийдибит. Бары ас астаабыт, остуол тэрийсибит кэрэ аҥардарга тэрийээччилэр ааттарыттан махталбытын тиэрдэбит.

Бу ураты суолталаах күн биһиги аҕам саастаах дьоммутугар төрөөбүт дойдугут сайдыытыгар сүҥкэн кылаакккыт, албан ааттаах үлэҕит, эстибэт эрчимҥит уонна дойду,норуот туһугар бэриниигит иһин истиҥ махтал тылларын аныыбыт. Эһиэхэ кытаанах доруобуйаны, уһун дьоллоох олоҕу баҕарабыт.

Виталина Григорьева.