Дьылҕа күндү бэлэҕэ

Мин бүгүн ааҕааччыларбар кэпсиир киһибин – Светлана Павловна Калачикованы Бүлүүгэ билбэт киһи суоҕа буолуо. Кини 1964 сыллаахха Степан Евсеевичтыын ыал буолан Ытык Бүлүү сиригэр аан бастаан үктэниэҕиттэн харыс да сири халбарыйбакка, дьиэ-уот тэринэн, оҕо-уруу төрөтөн, улаатыннаран, доруобуйа харыстабылын курдук улахан эппиэтинэстээх салааҕа өр сылларга үтүө суобастаахтык үлэлээн баран билигин оҕолорун, сиэннэрин, хос сиэннэрин тапталларынан кынаттанан бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор.

Светлана Павловна олоҕун устата аҥардас үлэтинэн, дьиэтин түбүгүнэн эрэ муҥурдаммакка, ис дууһатыттан общественнай үлэҕэ улахан көхтөөх киһи. Ол курдук Чочуга фельдшерскай-акушерскай пуун сэбиэдиссэйиттэн саҕалаан оройуон балыыһатын үлэһиттэрин профсоюһун өр сылларга салайбыта,  оҕо аймах доруобуйатын көрүүгэ-истиигэ эмиэ туох баар кыһамньытын, билиитин, сатабылын ууран туран үлэлээбитэ. Ол устатын тухары уопсай дьыала туһугар общественнай үлэ инники күөнүгэр сылдьыбыта, билигин да оннук. Кини  төһө да сынньалаҥҥа олордор, өр сылларга “Хаһаайыска” түмсүүнү салайан кэллэ, дьиэҕэ олорор аҕам саастаахтарын кытта ыкса сибээһи тутуһар, сөп буола-буола кинилэри кытта телефонунан кэпсэтэн, хайдах-туох олороллорун ыйыталаһара да тустаахха эмиэ үөрүүлээх буолааччы. Кэнники кэмҥэ СВО-ҕа маскировочнай сиэккэни оҥорууга Тамара Фомина салайааччылар “Харысхал” түмсүүгэ күүс-көмө буолар.

Светлана Павловна кэргэнинээн Степан Евсеевичтыын 57 сыл бииргэ эйэ-дэмнээхтик, дьоллоохтук олорбуттарын, оҕолорун, сиэннэрин, аймах-билэ дьоннорун кытта кыһыл көмүс сыбаайбаларын үөрүүтүн бииргэ үллэстибиттэрин чугас дьоно астына бэлиэтииллэр. Кинилэр 4 оҕону күн сирин көрдөрөн, биир оҕону иитэн, барыларын үөрэттэрэн, олохторун булуналларыгар, үтүө үлэһит дьон буолалларыгар кыһамньыларын уурбуттарын оҕолор, истиҥ тапталынан олус махтана ахталлар.

Светлана Павловна эдэр эрдэҕиттэн уус-уран самодеятельность активнай кыттыылааҕа, В.О. Каратаев аатынан олоҥхоһуттар уонна тойуксуттар норуодунай коллективтарын чилиэнэ, билигин даҕаны кинилэр араас тэрээһиннэригэр көхтөөхтүк кыттар.

Иван Гоголев-Кындыл аатынан Бүлүүтээҕи норуодунай театр режиссера, СӨ культуратын үтүөлээх үлэһитэ, Бүлүү куоратын уонна улууһун бочуоттаах олохтооҕо Маргарита Алексеевна Соколова Степан Евсеевич Калачиков туһунан ахтыытыгар маннык бэлиэтээбит: “Ситинник эмиэ, бэйэтин курдук сырдык киһи, Далбар Хотуна, олоҕун доҕоро, театр артыыската Светлана Павловна буолар. Дьиэ кэргэнинэн театрга оонньооччу тарбахха баттанарын кэриэтэ. Биллэн турар, дьиэ кэргэн истиҥ, иллээх-эйэлээх, культураҕа бэриниилээх уратын дьон буолаллар маннык дьон!” Бу тыллар Светлана Павловна норуодунай театр сыанатыгар өр сылларга араас оруоллары итэҕэтиилээхтик толорбутун туоһулууллар.

Калачиковтар дьиэ кэргэттэрэ өр сылларга бэйэлэрэ сүөһү иитэн, оҕуруот аһын арааһын олордон, сайыҥҥы былдьаһыктаах күннэргэ ходуһаҕа от үлэтигэр күргүөмүнэн киирэн, айылҕаҕа сир аһын хомуйан бары тутуспутунан сылдьыбыттарын оҕолоро, сиэннэрэ дьиэ кэргэн үтүө үгэһин быһыытынан астына бэлиэтииллэр. Бу ыалга киирбит киһини хайаан да чэйдэтэн, истиҥник кэпсэтэн-ипсэтэн ыыталларын оҕолор билиҥҥэ диэри наһаа үчүгэйдик саныыллар. “Саҥаһым барахсан аһа-үөлэ өрүү бэлэм буолааччы, остуол хотойорунан тардан кэбиһээччи уонна аа-дьуо дьиэ сонуннарыттан саҕалаан кэпсэтэн, киэһэ буолбутун өйдөөбөккө хаалар этибит”, — диэн чугас аймахтара Акулина Васильевна Калачикова истиҥник ахтар.

Биһиги дьоммут  үлэ –  үөрүү, үлэ – дьол диэн  санаанан салайтаран бэйэлэрин тустаах үлэлэринэн биһиэхэ үтүө холобур буолбуттара, үлэҕэ эппиэтинэстээх, туохха барытыгар бэрээдэктээх буоларга ииппиттэрэ. Дьиэ кэргэн үлэҕэ үгэстэриттэн ураты үөрүүлээх бэлиэ тэрээһиннэри чугас дьоннорун ыҥыран хайаан да бэлиэтиир, үөрүүнү үллэстэр үтүө үгэстэрэ эмиэ бааллар. Онон биһиги дьоммут холобурдарынан оҕолор ханнык да үрүҥ-хара үлэттэн иҥнибэккэ үлүһүйэн туран үлэлиибит, — диир улахан кыыстара Саргылана Степановна Александрова.
Олох – дьылҕа күндү бэлэҕэ диэн этээччилэр. Хас биирдии ыал олоҕо, биллэн турар, бэйэтэ туспа эйгэлээх, бэйэтэ туспа уратылаах диэн санаанан суруйуубун түмүктүүбүн.

Убаастабыллаах Светлана Павловнаны бу күннэргэ алгыстаах 85 сааһын томточчу туолбутунан истиҥник эҕэрдэлээн туран, киниэхэ кытаанах-чэгиэн доруобуйаны, куруутун үөрэ-көтө этэҥҥэ сылдьарыгар баҕарабыт.

Муза Федорова.