Егор Константинов: Сайдыыбыт – социальнай хайысхалаах

Бүлүү оройуоннааҕы электрическэй ситим тэрилтэтин салайааччыта, оройуон Сэбиэтин II, III, IV уонна V ыҥырыыларын депутата, былырыын күһүн биир мандаттаах уокурукка улуус биэс нэһилиэгин дьонун-сэргэтин итэҕэлин ылан депутатынан талыллыбыт, дойдутугар — Тааһаҕарга таас оскуола тутулларыгар быһаччы кылаатын киллэрбит, улууска энергетика ситимэ сайдарыгар туруулаһан үлэлиир Егор Константинов дойдубут сайдыытын туһунан бэйэтин санаатын үллэһиннэ.

Билигин аан дойдуга Владимир Путин аата-суола өссө үрдээтэ, киэҥ билиниини ылла. Кини ыытар бэлиитикэтин түмүгэр «глобальнай соҕуруу» диэн ааттанар судаарыстыбалар Арассыыйа диэки хайыһан эрэллэр. Билигин АХШ эрэ буолбакка, аан дойдуга хас да баһылыыр-көһүлүүр кииннэр үөскээтилэр. Ити иһигэр Арассыыйа эмиэ киирдэ. Ити барыта Владимир Путины кытта ыкса сыһыаннаах аан дойду бэрээдэгин уларытар, дойдулар бэйэ-бэйэлэригэр ытыктабыллаах сыһыаннарын олохтуур сүҥкэҥ «тектоническай» хамсааһын буолар.

Кулун тутар 15-17 күннэригэр буолуохтаах Арассыыйа Бэрэсидьиэнин быыбара атын быыбардартан бэйэтин суолтатынан чыҥха атына, уһулуччулааҕа көстөр.

Биһиги, Саха сирин олохтоохторо, дойдубут, Саха сирэ, улууспут төһө сайдан эрэрин бэйэбит билэ-көрө сылдьабыт.Арассыыйаҕа дьон олоҕун таһымын өрө көтөҕүүбиир сүрүн сорук буолла, сайдыыбытсоциальнай хайысхалаах.

Соторутааҕыта Владимир Путин Федеральнай Собраниеҕа, Госдума депутаттарыгар уонна Арассыыйа норуотугар Туһаайан этиитигэр социальнай сайдыыга триллионтан тахса солкуобай көрүллэрин, саҥа 5 национальнай бырайыактар үлэлиэхтэрин иһитиннэрбитэ. Ол иһигэр, дьиэ кэргэни, үгэс буолбут сыаннастары өрө тутуу киирбиттэрэ үөрдэр. Социальнай өйөбүл, экономиканы сайыннарыы түмүгэр кыра дохуоттаах дьон ахсаанын икки төгүл аҕыйатарга сыал-сорук туруорбута. Дойду 2030 сылга диэри ханнык суолунан сайдыахтааҕын чуолкайдаабыта.

Үгэс буолбут сыаннастары киэр илгэр, дойдубутун утарыбарар Европа бэйэтин сирэйин-хараҕын кэлиҥҥи сылларга арылхайдык көрдөрдө. Биһиги кэлэр сылларга тутулуга суох буоларга бэйэбит оҥорон таһаарыыбыт кээмэйин элбэтиэхпит уонна улаатыннарыахпыт диэн этиини кытта киһи сөбүлэһэр. Бэрэсидьиэн атын дойдулары кытта тэҥ сыһыаны олохтооһуну ыытарыгар арҕаа дойдулар хайдах туора тураллара, кинилэр эрэ баһылыыр оруоллаах буолар санаалаахтара көһүннэ.

Иккис болдьоҕор үлэлиир Айсен Николаев дойду Бэрэсидьиэнин хамаандатын киһитэ. Кини үлэлиир кэмигэр элбэх саҥа сүүрээн киирдэ: суоллар, муосталар, элбэх квартиралаах олорор дьиэлэр, оскуолалар, балыыһалар, спорт эбийиэктэрэ уо.д.а. балысханнык тутулуннуларӨлүөнэ эбэни туоруур муоста тутуллуо.

Бүлүүгэ да саҥа сүүрээн киирбитин эмиэ көрө-билэ, истэ сылдьабыт. Куоракка саҥа балыыһа комплекса, үстүү-иккилии мэндиэмэннээх элбэх квартиралаах таас дьиэлэр тутулуннулар, куорат киин уулуссаларыгар, федеральнайсуол сорҕотугар аспаал уурулуннаолохпут таһыма биллэ үрдээбитэ мэлдьэх буолбатах. Национальнай бырайыактар улууска күүскэ үлэлииллэр, өссө 5 бырайыак киириэ.

Биһиги олохпут тупсарыгар улууспут федеральнай, өрөспүүбүлүкэ сайдыы бырагыраамаларыгар кимиилээхтик киирэригэр күүс-көмө буолуохха. Олохпутун бэйэбит оҥостор түгэммитин мүлчү тутумуохха. Итинник эрэтүгэҥҥэ кыайыылаах-хотуулаах тахсыахпыт! Инникитэ, олоҕо суох кылгас санааҕа баһыйтарымыахха, ырааҕы киэҥник көрүөххэ. Сайдыы туһугар, Олох туһугар, Кыайыытуһугар!

Николай Куприянов.