Сэтинньи 25 күнэ — Олоҥхо күнэ. Өкүндү оскуолатыгар бу күн саха норуотун киэн туттуутун, сүдү баайын — олоҥхону харыстыахха, сайыннарыахха диэн санаанан оҕолорго Олоҥхо күнүн тэрийэн ыыттыбыт.
Бүлүү улууһун олоҥхоһуттарын, чуолаан төрөппүт аҕам Василий Осипович Каратаев олоҕун, олорон ааспыт кэмнэрин, үлэтин- хамнаһын, олоҥхолорун билиһиннэрдим. Былыргы дьыллары нөҥүөлээн көрүү, олоҥхо ис туругар киирии, олоҥхолоон доллоһутуу киһи аайы бэриллибэт талаан. Оччолорго мин аҕам олоҥхотун суруйан, ыллыыр- туойар талааннаах дьоннору мунньан бэйэтин «Модун Эр Соҕотох» олоҥхотун үөрэппитэ. Ол кэмҥэ олоҥхо, оһуокай, тойук улаханнык биһирэммэт кэмнэрэ этилэр. Ону ол диэбэккэ «Олоҥхо, оһуокай, тойук тиллэн, саха дьонун биһирэбилин, дьон — сэргэ сэҥээриитин ылыаҕа» диэбитэ оруннаах буолан таҕыста. Күн бүгүн эдэр оҕолор олоҥхолуур, тойуктуур буоллулар. Сылтан сыл саҥаттан саҥа талааннар арылла турдуннар. Олоҥхобут, тойукпут сайда, кэрэхсэбили ыла турдун.
Бүгүҥҥү күн биир улахан үөрүүтүнэн уонна ситиһиитинэн 8-с кылаас үөрэнээччитэ Марсель Петров бэйэтэ туруорбут үҥкүүтүн дьон биһирэбилигэр таһаарбыта буолла. Киһи көрөн үөрэр үчүгэй үҥкүүтүн көрөн үөрдүбүт уонна астынныбыт. Марсельга инникитин улахан ситиһиилэри баҕарабыт.
Анна Мандарова, Өкүндү.