Өкүндүлэр «Бүлүү улууһа эһигинниин бииргэ» ааксыйаҕа күүс-көмө буолаллар

Сэтинньи 19 күнүгэр Мария Томская салайааччылаах Бүлүү куоратын Саха балаҕаныгар үлэлиир байыаннай дьайыыга сылдьар биир дойдулаахтарбытыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр улуустааҕы көмөнү оҥорор пууҥҥа Өкүндү нэһилиэгин  бэтэрээннэрин Сэбиэтин иһинэн үлэлиир «Холумтан» диэн аҕам саастаахтар түмсүүлэрин эбээлэрэ Нина Иванова, Светлана Кузьмина, Ксения Семенова  салайааччыбытын Федосия Мандарованы кытары киирэн  таҕыстыбыт.

Байыаннай дьайыыга сылдьар уолаттарбытыгар оҕо садын  уонна оскуола оҕолоро байыастарга анаан баҕа санааларын суруйбут суруктарын,  харысхаллары, эмтээх оттору  мөһөөччүктэргэ уган, Любовь Корякина  халыҥ наскылары баайбытын, Тамара Прокопьева сиэлтэн баайан оҥорбут  угунньаларын киллэрэн Мария Петровнаҕа туттардыбыт.

Биһиги түмсүүнү дьаһалтабыт өйөөн,  баһылык солбуйааччыта Алексей Шадрин бэйэтин массыынатынан киллэрэ сырытта. Өкүндү нэһилиэгэ «Бүлүү улууһа эһигинниин бииргэ» буола турар ааксыйаҕа туора турбакка ийэ дойдуларын көмүскүү сылдьар уолаттарбытыгар күүс-көмө буоллубут.

Нина Иванова, Өкүндү «Холумтан» түмсүү салайааччытын солбуйааччыта .

Алексей Шадрин, Эсланда Константинова фотолара.

Читайте дальше