Ыам ыйын биир ылааҥы күнүгэр Өкүндү нэһилиэгин аҕам саастаахтара “Айхал — сайылыкка, уруй — оһуохайга” диэн ааттаан олорор эбэбит кэрэ айылҕалаах сиригэр, эбээ Настаа сэргэтигэр, Сайылык, Оһуохай Күннэрин уонна Саха Сиригэр Пионерия төрүттэммитэ 100 сылыгар аналлаах тэрээһиннэрэ буолан ааста.
Тэрээһин этэҥҥэ күөххэ үктэммиппитинэн махтанан туран, СӨ Гражданскай килбиэн бэлиэ хаһаайката, СӨ үөрэҕириитин эйгэтин туйгуна Анна Мандарова аал уоту оттон, алгыс этиититттэн саҕаланна. Ол кэннэ мустубут дьон аныгылыы флешмоб үҥкүүлээн, оһуохай тула мустан күммүт бэркэ саҕаланна.
Быйыл Саха Сиригэр В.И. Ленин аатынан Бүтүн Сойуустааҕы пионерскай тэрилтэ тэриллибитэ 100 сылын чэрчитинэн туһунан блок анаммыта. Бу блокка Бүлүү куоратыттан күндү ыалдьытынан Норуот үөрэҕириитин Үтүөлээх үлэһитэ, СӨ Учууталлар учууталлара, Бүлүү куорат Бочуоттаах олохтооҕо, кэккэ сыл “Кэскил” оҕо киинигэр дириэктэринэн, методиһынан үлэлээн-хамнаан кэлбит, пионерскай организацияҕа анаан музей тэрийбит Алексеева Наталья Дмитриевна буолла. Кини Саха Сиригэр Пионерия 100 сылынан удостоверениелаах өйдөбүнньүк бэлиэлэри үөрүүлээх быһыыга туттартаата, кылгастык улуус, өрөспүүбүлүкэ Пионериятын историятыттан билиһиннэрдэ. Урукку кэм пионердара маршировкалаан, рапорт туттаран, пионерскай ырыалары ыллаан, оҕо саастарын чаҕылхай кэмнэрин ахтан-санаан аастылар.
Мустубут аҕам дьону-сэргэни, күүтүүлээх күндү ыалдьыттарбытын Наталья Дмитриевнаны, РФ үөрэҕириитин бочуоттаах үлэһитэ, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, Бүлүү улууһун Бочуоттаах бэтэрээнэ Семенова Ксения Максимовнаны нэһилиэк аҕаларын түмсүүтэ кус миинин өрөн күндүлээтилэр, далбардара арыылаах алаадьынан айах туттулар.
“Чэчир” норуот айымньытын Дьиэтин үлэһиттэрэ урукку-хойукку оонньуу арааһын, куоталааһыы эгэлгэтин тэрийэн ыыттылар. Түмүккэ СӨ култууратын туйгуна Агафия Петрова, Анна Мандарова оһуохай күнүнэн оһуохайдаан ойуттулар, эһиэкэйдээн эйээртилэр. Үс улахан бырааһынньыгы биирдэ суулуу тутан, аҕам саастаах дьоммут астынан-дуоһуйан тарҕастылар.
Матрена Сивцева.