Биһиги бүгүн Н. Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи профессиональнай-педагогическай колледж методист-наставнига, Россия үтүөлээх учуутала, Россия үөрэҕириитин туйгуна, Саха Өрөспүүбүлүкэтин учууталларын учууталлара, Бүлүү улууһун бочуоттаах олохтооҕо Евгений Романович Алексеевы кытта кэпсэттибит.
Евгений Романович хас да көлүөнэ учууталлары иитэн-үөрэтэн таһаарбыт баай уопуттаах, мындыр өйдөөх уһуйааччылартан биирдэстэрэ буолар. Кинини кытта бииргэ билиигэ сирдиир, сырдыгы-кэрэни кэрэһэлиир педагогическай училище тэҥҥэ сайдан, улаатан, билигин профессиональнай-педагогическай колледж буолла. Колледжтан үтүө-мааны, эрчимнээх, ситиһиилээх ыччаттар олох киэҥ суолугар үктэммиттэрэ.
— Евгений Романович, бэйэҥ туһунан кылгастык биһиги ааҕааччыларбытыгар кэпсиэҥ дуо?
— Н.Г.Чернышевскай аатынан профессиональнай-педагогическай колледжка үлэлээбитим 51 сыл буолла. 1964-1968 сылларга училищеҕа алын сүһүөх оскуола учууталын идэтин ылбытым. Биир сыл төрөөбүт дойдубар Ньурбаҕа үлэлээбитим, ол кэннэ Ленинград куоракка Герцен аатынан пединституту бүтэрэн баран Бүлүүгэ, үөрэммит кыһабар педагогика уонна психология преподавателинэн үлэлии кэлбитим. Учууталларбын кытта бииргэ үлэлиирбэр бастаан толлор этим, ол да буоллар кинилэр өйүүр буоланнар үлэбин үчүгэйдик саҕалаабытым. Ол курдук 50 сыл устата ситиһиилээхтик үлэлээн кэллим.
— Үлэҥ туһунан сырдатыаҥ дуо?
— Бу үлэлиир сылларым тухары элбэх дуоһунаска үлэлээтим, элбэх киһини кытта алтыһан кэллим. Үөрэппит оҕолорбун кытта төһө кыалларынан билигин да билсэбин, кинилэр ситиһиилэриттэн үөрэбин. Үлэм таһынан элбэх уопсастыбаннай үлэлэргэ үлэлээтим. Билигин холобур “Оптимист” диэн училище бэтэрээннэрин түмсүүлэрин салайабын. Бу түмсүүгэ 60-тан үөһэ саастаах үлэлии сылдьар преподавателлэр, үлэһиттэр, сынньалаҥҥа олорор дьон баарбыт. Холобура, Ксения Максимовна Семенова, Софья Мартыновна Саввинова, Мария Федотовна Максимова, Ирина Егоровна Петрова, Гарий Викторович Томскай уонна да атыттар бааллар, биһигини кытта ситимнэрин быспаттар. Этэҥҥэ, ситиһиилээхтик үлэлээн кэлбиппэр мин бииргэ үлэлиир коллегаларбар улаханнык махтанабын. Коллективпыт отой наһаа үчүгэй, бэйэ-бэйэбитин өйдөһөн, өйөһөн, көмөлөһөн үлэлиирбит үөрдэр.
— Билигин үөрэҕирии өттүгэр судаарыстыба өттүттэн туох көмө баарый?
— Бүгүн федеральнай таһымҥа үөрэх эйгэтин сайыннарыыга кэлим дьаһаллар ылыллаллар. Бу, бастатан туран, «Образование» федеральнай бырайыагы, «Земскэй учуутал» бырагырааманы көдьүүстээхтик олоххо киллэрии. Ону таһынан элбэх граннардаах конкурстар, холобур, биһиги колледжпыт 2023 сыл түмүгүнэн “За активную общественную работу” 5 мөлүйүөннээх грант ылан олоробут. Устудьуоннарбыт араас таһымнаах конкурстарга, олимпиадаларга, спортивнай күрэхтэргэ, НПК-га бириистээх миэстэлэри ылаллар, ситиһиилээхтик кытталлар. Бу күннэргэ 2 кыыспыт Москваҕа аан дойдутааҕы научнай-практическай конференцияҕа кытта барыахтаахтар. Аҕыйах хонуктааҕыта Сунтаарга бастакы регионнааҕы педагогическай макромарафоҥҥа кыттан кэллибит. Бу барыта оҕолорго эбии мотивация буолар, үөрэххэ, үрдүккэ тардыһыылара улаатар. Уопсайынан, Россия үөрэхтээһиҥҥэ ыытар политиката олус киэҥ, дириҥ. Саҥа оскуолалар, оҕо садтара, үөрэх тэрилтэлэрин дьиэлэрэ, спортивнай комплекстар тутуллан, үлэҕэ киирэллэрэ олус үөрдэр. Ол курдук биһиги колледжпытыгар саҥа спорт сааланы тутуу инвест-бырайыакка киирбититтэн үөрүүбүт үгүс. Маны таһынан идэни үрдэтэр босхо курстар бааллара олус үчүгэй. Биһиги эдэр преподавателлэрбит онно үөрэнэллэр, идэлэрин үрдэтэллэр эбэтэр саҥа идэни баһылыыллар.
— Евгений Романович, “Вместе с президентом” диэн баннерга түспүккүн. Бу туһунан аҕыйах тылы этиэн дуо?
— Мин, уопсайынан, Владимир Путин бырабыыталыстыба үлэһититтэн дойду президенэ буолуор диэри уопсай таһыма, инникини анааран көрүүтэ биллэрдик үрдээтэ, улаатта диэн сыаналыыбын. Аан дойду барыта билинэр күүстээх салайааччыта, общественнай, политическай деятелэ. Билиҥҥи уустук кэмҥэ кини баар буолан биһиги этэҥҥэ олоробут. Киһи да, политик да быһыытынан мин кинини олус убаастыыбын, сүгүрүйэбин.
Василина Татаринова.