Хайыһардыыр киһи тулуурдаах буолар

Бүгүн эһиэхэ тапталлаах эһэбин, Бүлүү  куоратын олохтооҕун, чөл олоҕу өрө тутааччы, спорт бэтэрээнин Шамаев Филипп Егоровиһы билиһиннэриэхпин баҕарабын.

Кини тутуу тэрилтэтигэр 25 сыл үтүө суобастаахтык  үлэлээбитэ, онтон кэлин бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсыар диэри суоппардаабыта. Ол кэнниттэн 16 сыл оҕолору кыһынын  футболга, саас-күһүн хайыһарга эрчийэн тренеринэн үлэлээбитэ. Олоҕун устатын тухары спорт араас көрүҥүнэн утумнаахтык дьарыктаммыта, эдэр ыччаты спорка уһуйбут үтүөлээх. Салгыы Филипп Егорович кэпсиир:

— Мин спорт араас көрүҥнэринэн дьарыктаммытым : хайыһар, чэпчэки атлетика уонна игровой көрүҥнэргэ. Араас таһымнаах куоталаһыыларга бастыыр  уонна бириистээх миэстэлэргэ  тиксэр этим.

Хайыһарга кыра эрдэхпиттэн дьарыктаммытым . Биhиги саҕана оҕолор бэйэбит  сыырдыыр уонна кыра кылаастан  физкультура  уруогар хайыһардыыр этибит. Мин хайыһарга бастакы разряды 1984 с. толорбутум.  Дьокуускайга өрөспүүбүлүкэ күрэхтээһиитигэр, улууска ыытыллар куоталаһыыга элбэхтик миэстэлэспитим. 1984 с. өрөспүүбүлүкэҕэ тутуу тэрилтэлэрин икки ардыларыгар кыһыҥҥы многоборьеҕа иккис миэстэни ылбытым. Онно буулдьанан ытыы, перекладинаҕа тардыныы уонна 10 км хайыһарынан сүүрүү киирбитэ. Ити үс көрүҥ түмүгүнэн иккис буолбутум. Дьиҥинэн, бастаабыт уоллуун балбыт тэҥнэһэн хаалбыта, ол гынан баран күрэхтэһии балаһыанньатынан кэнники стартаабыт киһи иккис буолуохтааҕа. Уонна өрөспүүбүлүкэҕэ бэтэрээннэргэ хайыьарынан сүүрүүгэ хаста даҕаны миэстэлэспитим. Элбэх күрэхтэһиилэри улууска да, өрөспүүбүлүкэҕэ да үгүстүк тэрийсибитим.

Биһиги күрэхтэһэр эрдэхпитинэ наҕараадаҕа лиэнтэ биэрэллэр этэ, мэтээл диэн кэнники баар буолбута. Миэхэ бары наҕараадыларым күндүлэр. Ханнык баҕарар күрэхтэһиигэ үс иһигэр киирдэхпинэ олус үөрэр этим.

Спорт киһи эт-хаан уонна өй-санаа өттүнэн сайдарыгар, күүстээх буоларга көмөлөһөр.  Спорт оҕолорго да, улахан дьоҥҥо да хамаанда туһугар эппиэтинэстээх, дьулуурдаах буоларга, патриотическай өйү санааны иитэр.

Хайыһардыыр киһи тулуурдаах, уһун тыыннаах, түргэн-тарҕан буоларга үөрэнэр. Уонна бэрээдэктээх, толоругас буолуохтаах. Урут эбэһээт зачетка 50 км Чочур Мырааҥҥа сүүрэр этибит.

Хайыһар тренера диэн биһиги саҕана суох этэ,  уруокка физкультура учууталлара уөрэтэллэрэ. Кумирдарбыт диэн телевизор баар буолтун кэннэ ССРС хамаандатын хайыһардьыттарыгар майгынныы сатыыр этибит.

Билиҥҥи оҕолорго элбэхтик салгыҥҥа сылдьан спордунан дьарыктаналларыгар баҕарыам этэ, эбэһээт саалаҕа эрэ буолбатах, таһырдьа дьарыктаналларыгар сүбэлиибин. Доруобай, чэгиэн буола улааттыннар.

— Кэпсээнин иһин баһыыба, бары үтүөнү баҕарабын.

Сайыына Шамаева,

Г.И. Чиряев аатынан Бүлүүтээҕи 1№-дээх  оскуола 9 кылааһын үөрэнээччитэ.