Балаҕан ыйын 22 күнүгэр Хампа нэһилиэгэр көҥүл уонна хапсаҕайдаһан тустууга оҕолорго улуус аһаҕас турнира буолан ааста. Бу турнирга үс улуустан 118 эдэр бөҕөс кыттыыны ылла, ол курдук Ньурбаттан – 30-ча, Үөһээ Бүлүүттэн — 15, Бүлүү улууһуттан 60-тан тахса оҕо кытынна. Күрэҕи Хампа тустууга тренерэ Руслан Иванович Сивцев иилээн-саҕалаан ыытта.
Күрэхтэһии кыайылаахтарынан буоллулар:
2015-2016 с.т. уолаттарга:
22 кг — Иванов Айтал (Үөһээ Бүлүү), 24 кг- Михайлов Ренат (Ньурба), 28 кг -Петров Айтал (Үөһээ-Бүлүү), 32кг — Сивцев Богдан (Үөһээ Бүлүү).
2013-2014 с.т. уолаттарга:
26 кг — Попов Ян (Үөһээ Бүлүү), 28 кг — Баттахов Богдан (Ньурба), 30 кг -Иванов Арылхан (Бүлүү). 32кг -Афанасьев Дамир (Хампа), 35 кг — Наумов Алеша (Бүлүү).
2011-2012 с.т. уолаттарга:
30 кг — Коновалов Коля (Хампа), 32 кг — Корнилов Коля (Ньурба), 38 кг Осипов Костя (Хампа), 41кг — Яковлев Максим (Бүлүү).
Хапсаҕайга 2009-2010 с.т. уолаттарга:
45кг — Васильев Вадим (Үөһээ Бүлүү), 45кг үөһэ — Васильев Олег (Илбэҥэ).
2006-2008 с.т. уолаттарга:
50 кг — Унаров Ариян (Хампа), 60 кг — Сергеев Яша (Үөһээ Бүлүү), 65 кг — Павлов Альберт (Хампа), 70 кг — Чириков Витя (Хампа), 70 кг үөһэ — Иванов Степа (Хампа).
Кыайыылахтар Арыылаах дьаһалтата туруорбут сыаналаах бириистэринэн наҕраадаланнылар.
Андрей Сивцев, В.Г.Румянцев аатынан ДЮСШ тренерэ.