Хампалар самаан сайыны үөрүүлээхтик көрүстүлэр

Хампаҕа самаан сайын кэлбитин үөрүүлээхтик көрүстүлэр, аҕам саастаах дьоннорун эҕэрдэлээтилэр.

Самаан сайыҥҥа үктэнии бастакы күнэ. Чаҕылыйан күн да күн. Унаардаах алааспыт салгына сайа охсон ахтыбыттыы кууста. От мас, ходуһа, саҥа тыллан эрэр дыргыл сыта тарҕана муннубутун саба биэрэр. Хас лабаа эҕэрдэлэһэрдии суугунуу хамсыыр. Алааска киирэн иһэн көрдөххө дьон-сэргэ үмүөрүһэ мустубут. Сыспай сиэллээхтэр тоҕуоруһа мустубуттар, хороҕор муостаахтар толоон устун мэччийэ сылдьаллара көрүөхтэн үчүгэйэ сүрдээх.

Кулууппут кыргыттара оллоону тула тураллара ыраахтан ураты көстүү буолан харахха быраҕыллар. Күлэн-үөрэн, мичээрдээн, саастаах дьоннорун утары кэлэн Сайылык күнүнэн, Саха сирин пионериятын 100 сылынан эҕэрдэлээтилэр. Бу манна үөрүүлээх күммүтүгэр дьоһун-мааны ыалдьыппыт Бүлүү куоратын бочуоттаах олохтооҕо, улууска пионерскай үлэни көҕүлээбит киһибит Алексеева Наталья Дмитриевна тахсан биһиги үөрүүбүтүн үрдэттэ.

Аҕа баһылыкпыт Афанасий Афанасьевич Тимофеев тыл этэн эҕэрдэлээтэ, аал уотун аһатан алҕаата. Онтон тылы бочуоттаах ыалдьыкка биэрдэ. Наталья Дмитриевна бэйэтин билиһиннэрдэ уонна Саха сирин пионерията 100 сылыгар аналлаах значоктары туттарда.

Дьэ, онтон толору астаах остуолга ыҥырыллан, бары  сааһыланан олордубут. Хампабыт эр дьонноро аҕам саастаах дьоммут амсайалларыгар анаан сааскы эмис кустарарынан күндүлээтилэр. Олору киллэрэн буһаран, итилии миин кутуталаан аҕалан  биэрдилэр.  Кыргыттар олус миинньигэс гына буһарбыттар.

Түгэнинэн туһанан, Хампабыт эр дьонугар барҕа махталбытын тиэрдэбит! Өссө да сылын ахсын кус миинэ иһэ, аҕам саастаах дьонноргут Унаардаах эбэ хотуҥҥа тоҕуоруһа мустуохпут турдаҕа. Инньэ диэн туран дьоруо күммүтүн тэрийбит дьаһалта үлэһиттэригэр, аҕа баһылыкпытыгар Афанасий Афанасьевичка, уонна «Эрэл» сынньанаҥ киин дьиэтин бары үлэһиттэригэр ис сүрэхтэн тахсар уйае махталбытын тиэрдэбит. Бары дьоллоохтук олоруҥ, доруобай буолуҥ диэн алҕыыбыт.

Анна Чиркова-Вилюйчанна.