Хомус күнүн көрсө музей уруоктара ыытылыннылар

Сэтинньи 30 күнүгэр бэлиэтэнэр дьүрүһүйэр тыастаах саха хомуһун күнүгэр аналлаах тэрээһиннэр чэрчилэринэн хомус музейын сэбиэдиссэйэ Екатерина Михайлова уонна СӨ культуратын үтүөлээх үлэһитэ, импровизатор-хомусчут Августина Евсеева үөрэнээччилэри кытта көрсүстүлэр.

Ол курдук Бүлүү к. 1 №-дээх алын сүһүөх оскуолатын бары 2-3 уонна 4 “а” кылаастарын үөрэнээччилэригэр бастаан Екатерина Прокопьевна аатырбыт уус И.Ф. Захаров-Кылыадьы Уус уонна хомус туһунан билиһиннэрдэ. Онтон Августина Платоновна хомус уустара Реворий Чемчоев-Чөмчөө Уус, Михаил Мальцев-Кылаан Уус, Иван Колодезников-Үрүҥ Уус тустарынан кэпсээтэ, кинилэр оҥорбут хомустарын, сэдэх хаартыскалары көрдөрдө, хомуска оонньоон иһитиннэрдэ. Оҕолор Реворий Чемчоев оҥорбут хомуһа космоска тахса сылдьыбытын олус интэриэһиргээн иһиттилэр. Итини сэргэ атын омуктар хомустарынааҕар саха хомуһун тыаһа быдан ордук эбит диэн санааларын үллэһиннилэр.

Саха хомуһун Аан дойдуга аатырдыбыт виртуоз-хомусчуттар, биир дойдулаахтарбыт Иван Алексеев-Хомус Уйбаан, Альбина Дегтярева тустарынан эмиэ элбэҕи биллилэр, хомуска оонньоон астыннылар.

Хомус күнүгэр аналлаах маннык көрсүһүү Г.И. Чиряев аатынан 1 №-дээх орто оскуола 6 “б” кылааһыгар эмиэ сэргэхтик барда. Үөрэнээччилэргэ итинник ис хоһоонноох музей уруоктара салгыы ыытыллаллар.

Муза Федорова.

Читайте дальше