Сайыҥҥы кэмҥэ ис ыарыылара маассабайдык тарҕамматтарын туhугар уонна ону сэрэтэргэ нэhилиэнньэттэн тус бэйэ гигиенатын уонна кэккэ санитарнай ирдэбиллэр тутуhуллуохтаахтар.
Ол курдук хас биирдии киhи тус бэйэ гигиенатын тутуhуохтаах, сиикэй ууну иhиэ суохтаах, сууйуллубатах оҕуруот аhын, фрукталары сиир олох сатаммат, түргэнник буорту буолар астары тымныы сиргэ харайыллыахтаах уонна эрдэ бэлэмнэниллиэ суохтаах. Халадьыынньыкка буспут уонна сиикэй аhы тус туhунан долбуурдарга ууруллуохтаах. Салааты сиэх эрэ иннинэ тумаланыахтаах. Сымыыты аска кутуох иннинэ суодалаах уунан кичэйэн сууйуллуохтаах. Буспут уонна сиикэй аhы кырбыырга тус туhунан дуосканы, быhаҥҕы туттуллуохтаах.
Сотору кэминэн ыhыахтар саҕаланыахтара. Ыhыах ыытыллар күннэригэр нэhилиэнньэ атыыланар астартан маасабай сүhүрүүтүн сэрэтэр туhуттан хорчуоппаны тэрийээччилэртэн маннык санитарнай ирдэбиллэри тутуhалларын санатабыт:
Бу тэрилтэлэр хайаан даҕаны олохтоох дьаhалтанан анаммыт эрэ миэстэлэргэ туруохтаахтар, мээнэ сиргэ туруу бобуллар.
Хас биирдии «Хорчуоппалыыр» тэрилтэ эбэтэр урбаанньыт үлэлиэхтээх сирин эрдэттэн көрдөрөн, тэрийэр комиссияттан көҥүл ылыахтаах. Астыыр аскыт арааһын эрдэттэн Бүлүүтээҕи Роспотребнадзор отделыгар бигэргэттэрэҕит.
Хас биирдии хорчуоппаҕа кыттар киhи медицинскэй киниискэлээҕэ, флюорографиялааҕа ирдэниллэр, дифтерия, корь, дизентерия, Гепатит ыарыылары утары быhыыны ылыахтаах уонна киниискэтигэр гигиена быраабылаларын үөрэппитин туhунан бэлиэлээх булуохтаах.
Аhы-үөлү тиэйиигэ-таhыыга, харайаныыга сэптээх усулуобуйа баар буолара ирдэнэр (аhы тиэйэр массыына, аhы харайар халадьыынньык). Аһатар сирдэргэ илии суунар сирдэр үлэһиттэргэ уонна атыылаһааччыларга тус туһунан баара ирдэнэр. Хорчуоппа тэриллэр миэстэтэ ыраас буолуохтаах, тахсыбыт сыыһы, бөҕү кэмигэр таһааран иһиллиэхтээх. Астаммыт аhы тарҕатарга биирдэ туттуллар иhиттэр наадалар.
Ону таһынан атыылаһааччыга анаан анал истиэндэ оҥоһуллан, онно наадалаах информация ыйаныахтаах: хорчуоппаhыттар ааттара, тэрилтэлэрэ эбэтэр бас билээччитэ, режимэ суруллубут вывескалаах, үлэhиттэр ким асчыта буолаллара ыйыллыбыт, бэйэлэрин ааттара суруллубут бейджиктээх, ыраас анал таҥастаах, төбөҕө кэтэр таҥастаах буолуохтаахтар. Ассортимент, меню ыйанан туруохтаахтар. Хас атыыланар ас аайы сыаната суруллубут буолуохтаах. Атыыланар астар, бородуукталар барыта хаачыстыбатын туоhулуур туhунан дөкүмүөннэр, ветеринарнай ыспыраапкалар баар буолуохтаахтар. Оҥоһуллубут ас хаачыстыбатын тутуһарга термическай, микробиологическай хонтуруоллары онорор анал тэрилтэни кытта производственнай хонтуруолга дуогабардаһыахтааххыт. Хас биирдии астаммыт ас күннээҕи пробата халадьыынньыкка ууруллан иһиэхтээх. Ас-үөл халадьыынньыкка харайыллан сытар кэмэ булгуччу тутуhуллуохтаах. халадьыынньык термометрдаах, сурунааллаах буолуохтаах. Сурунаалга халадьыынньык температурата суруллан иhэр.
Түргэнник буорту буолар астары атыылыыр бобуллар (кремнээх астар, майонезтаах салааттар, эт, балык начыынкалаах блинылар, халадьыас, шаурма, халбаhыылаах, сосискалаах бурдук астар, декларацията суох уут аһылыктар).
Ас астыыр сир бүтэй буолуохтаах, быыл эҥин көппөтүн курдук. Буспут сылытыллар ас атыыга барыар диэри – 3 чаас, быырпах, кымыс – 72 чаас, оҕуруот аhын салаата, винегрет 2 чаас харайыллыахтаахтар. Мороженай атыыта анал морозильнай камералаах буоллаҕына эрэ атыыланара көҥүллэнэр.
Хас биирдии киhи бэйэ да, атын да киhи доруобуйатын харыстыырга кыhамньылаахтык сыhыаннаhыахтаах. Бары сыстыганнаах ыарыылары утары охсуhуу ситиhиитин төрүтэ итиниэхэ буолар.
Саха сиринээҕи Роспотребнадзори Управлениетын Бүлүүтээҕи территориальнай отдела.