Бу күннэргэ улуус кииниттэн 10 тахса көс ыраах сытар I Күүлэт нэһиэлэгин олохтоохторо түргэн Интернетинэн, хас да суотабай хампаанньа сибээһинэн туһанар кыахтанан үөрүүлэрэ үгүс, кэпсэтиилэрэ ыраах.
Суотабай сибээһи тупсарыы I Күүлэт нэһилиэгин дьаһалтата, баһылык Айал Новиков хас да сыллаах утумнаах үлэлэрин түмүгэр ситиһилиннэ.
— «Билайн» суотабай хампаанньаны кытта үлэлэспиппит түмүгэр нэһилиэк олохтоохторо бу күннэргэ түргэн 4G сибээһи туһанар кыахтаннылар. Түргэн сибээс оборудованиетын сэтинньи ыйга аҕалтарбыппыт, хампаанньа биригээдэтэ кэлэн бу күннэргэ таҥан холбоото. Тэйиччи сытар нэһилиэккэ Дьокуускай, Бүлүү куораттарын курдук суотабай сибээс үлэтэ хас да бүк түргэтээн, дьон үөрүүтэ элбэх.
Бэҕэһээ «Мегафон» уона «Йота» сибээһэ холбонон үөрүүбүт өссө үксээтэ. Атын биригээдэ кэлэн биһиэхэ саҥа суотабай эпэрээтэрдэр оборудованиеларын туруоран, таҥан биэрдэ.
Суотабай хампаанньалар оборудованиелара Ростелеком вышкатыгар туруорулуннулар.
Нэһилиэкпит дьонун-сэргэтин үөрүүтэ үгүс, мин күүс-көмө буолбут дьоҥҥо, улуус дьаһалтатыгар, Билайн, Мегафон хампаанньалар үлэһиттэригэр барҕа махталбын тиэрдэбин, — диэн үөрүүлээх сонунун I Күүлэт нэһилиэк баһылыга Айал Новиков үллэһиннэ.
Ити курдук, олохтоох дьаһалта, баһылык Айал Новиков суотабай хампаанньалары, Ростелекомы кытта ыкса үлэлэрин түмүгэр I Күүлэккэ түргэн сибээһи түргэнник киллэрдилэр.
Николай Куприянов.