I Күүлэккэ МТС 4G сибээһэ олохтонно

Быйыл I Күүлэт нэһилиэгин дьаһалтата, баһылык Айал Новиков өрөспүүбүлүкэҕэ үлэлиир суотабай хампаанньалар салалталарын кытта ыкса үлэлэрин түмүгэр нэһилиэк олохтоохторо 4G түргэн сибээстээх түөрт эпэрээтэр  өҥөлөрүнэн туһанар кыахтаннылар.

Соторутааҥҥа диэри I Күүлэт олохтоохторо «Билайн» 2G сибээһинэн эрэ туһана олорбуттара. Ахсынньы саҥатыгар «Билайн» тупсарыллыбыт аныгы түргэн 4G сибээһэ үлэлэтиллибитэ.

Итини тэҥэ суотабай сибээс саҥа эпэрээтэрдэрэ — «Мегафон» уонна «Йота» эмиэ 4G сибээстэрин киллэрбиттэрин түмүгэр олохтоохтор Интернет куйаарын эйгэтигэр харгыһа суох тахсар кыахтаммыттара.

Бүгүн I Күүлэккэ эмиэ саҥа эпэрээтэр — 4G түргэн уонна бигэ сибээстээх МТС үлэтин саҕалаата.

I Күүлэт нэһилиэгин баһылыга Айал Новиков үөрүүлээх сонунун билиһиннэрдэ:

— Ахсынньы 20 күнүгэр, биһиги нэһилиэккэ төрдүс суотабай эпэрээтэр — МТС бэйэтин үлэтин саҕалаата. Хампаанньа тутаах испэсэлиистэрэ I Күүлэккэ кэлэн суотабай, түргэн Интернет сибээһин тэриллэрин таҥан туруорбуттара, бүгүн сибээһи холбоон үлэлэттилэр. Билигин нэһилиэнньэҕэ төлөпүөн сим-хаарталарын түҥэтии ыытыллар. Нэһилиэнньэ аныгы түргэн сибээһинэн туһанан үөрүүтэ элбэх.

Ити курдук, I Күүлэккэ Арассыыйа түөрт сүрүн суотабай хампаанньалара үлэлэрин саҕалаатылар, ыраах сытар нэһилиэк олохтоохторугар аныгы сибээс өҥөтүн оҥорор буоллулар.

Николай Куприянов.

Читайте дальше