Кимтэн кииннээх, хантан хааннаах, туохтан тууралаах буоларбытын кэрэһэлиир кэрэ бэлэх.
Төлкөбүт төрүттэммит, биһикпит ыйаабыт Ытык дойдубут, нэһилиэкпит киэҥ остуоруйатын хабар сүҥкэн суолталаах, өбүгэлэрбитигэр махталлаах — хайҕаллаах, саас-сааһынан сааһыламмыт кинигэбит ситэн — хотон тахсыбытын билиһиннэрии тэрээһин бэркэ ааста.
Үтүөкэн дойдубут Иккис Күүлэппит историятын туһунан кинигэ сүрэхтэниитэ Бүлүү куоратыгар киин библиотека уораҕайыгар муус устар 5 күнүгэр олус тэрээһиннээхтик буолан ааста. Дойдум дьоно нэһилиэктэн төрүттээхтэри уонна ыалдьыттары түмэн, олохтоох дьаһалта, баһылык Юрий Иванович, «Дьүкээбил» сынньалаҥ киинин, дириэктэр Христина Дмитриевна, оскуола кэллэктииптэрэ, дириэктэр Мария Павловна уонна нэһилиэк түмсүүлэрэ бары саба түһэн, кинигэ билиһиннэриитин тэрээһинин тапталынан таҥан, махталынан барҕаран, үрдүк таһымнаахтык ыыттылар.
Кэлбит дьону сайаҕас санаалаах, сэмэй Саха Далбар хотуттара үөрэ — көтө көрүстүлэр. Ымпыгар — чымпыгар тиийэ толкуйдаммыт 14 түһүмэхтээх икки чаастаах кинигэ II Күүлэт нэһилиэгин 130 сыллаах үбүлүөйүгэр дьонугар-сэргэтигэр бэртээхэй бэлэх буолла. Бу дьоһун кинигэ Дьокуускай куоракка «Алаас» кинигэ кыһатыгар 215 ахсааннаах бэчээккэ бэриллэн күн сирин көрдө.
Кэлбит дьону, ынырыылаах ыалдьыттарбытын алаадьынан айах тутан, буруонан арчылаан, алгыстаах салама баайтардыбыт. Күүлэппит дэлэгэй астаах минньигэс остуолугар ыҥырдыбыт. Хомоҕой тыллаах хоһоонноох, ылбаҕай ырыалаах, хомус дьүрүһүтүүлээх, алгыс бэлэх тойуктаах, сылаас-истиҥ тыллардаах дьоро кун буолла.
Бу манна нэһилиэктэн төрүттээх, үлэлэринэн алтыспыт дьон кэлэн, уопсайа 80-ча ыалдьыт кытынна. Кинигэбит кэлэр кэнчээри ыччакка сүҥкэн оруоллааҕын, дойдубут историята сурукка-бичиккэ тиһиллэн, туохха да тэҥнэммэт кыһамньы буоларын тоһоҕолоон эттилэр. Олохторугар алтыспыт кэрэ-бэлиэ кэмнэрин ахтан-санаан аастылар. Маны таһынан, мультимедийнай дуоскаҕа кинигэ электроннай варианын Мария Дмитриевна бэлэх онорон ыыппытын көрдүбүт, уөрдубут. Ону сэргэ нэһилиэкпит суруйааччыларын, учуонайдарын кинигэлэринэн туруоруллубут истиэндэ таһыгар элбэх махтал тыллардаах кэпсэтии, минньигэс тордунан күндүлээһининэн буолла.
Саҥа кинигэни арыйталаан аахтым, оҕо сааһым, нэһилиэгим дьоно харахпар, киинэ лиэнтэтин курдук, бииртэн биир субуллан аастылар. Ефросиния Егоровна Мотрена Дмитриевна, Николай Афанасьевич барахсаттары уонна «Бу сиргэ эн кэлэн аастаҕыҥ…» диэн «Күрүлгэҥҥэ» 2012 сылга таһаарбыт суруйуута кинигэҕэ тиһиллибит. Дьиҥ-чахчы олоххо туох баарынан.
Киһи барахсаны үлэтигэр, дьон — сэргэ ортотугар көрөн, бу киһини ылынарыҥ атын. Онтон тургутуу кэмигэр ис дьиҥин сэгэтэн, тугу сүгэ сылдьарын хантан билиэҥ баарай? Күннээҕи олох тэтиминэн, үлэнэн үлүһүйэн, түбүк — садьык үөһүгэр күнтэн күн түргэнник элэҥниир…
Чочуга учууталлыы сылдьан Ефросиния Егоровналаахха хонон-өрөөн, ыалдьыттаан, кэлээччибин — барааччыбын. Айылҕа уһуктар кэмигэр, түптэ сыттаах сайыҥҥы нуурал киэһэ сэһэн-сэппэн буолан, үөрэн-көтөн түүн хойукка диэри олорооччубут дии сэлэһэн. Гоша куруук үөрэн-көтөн, көх-нэм буолааччы, хаһан да биллэрбэт этэ ис туругун…
Олох диэн араас буоллаҕа эбээт. Ол иһин кэлин «… Этэ…» диэбэт курдук тулалыыр чугас дьоммутугар-сэргэбитигэр ураты сылаас тыынынан, тапталынан, махталынан сыһыаннаһа сылдьыбыт киһи куруук!
Онон үбүлүөйдээх сылга икки түһүмэхтээх кинигэ тиһиллэн тахсан сүҥкэн бэлэх буолла Өбүгэлэрбитигэр махталлаах буоллахпытына күрүөлүү — хаһаалыы, араҥаччылыы сылдьыахтара. Туох баар сүҥкэн үлэҕэ кыттыспыт дьоммор — сэргэбэр махтал!
Аарыма кийииттэр дьүккүөрдэринэн, дьулуурдарынан, салайыыларынан буолан барыта ылы — чып ыпсарыылаах. Ытык сааскытыгар сылдьан ылбычча киһи ылсыбат үлэтин ылсан ыпсардыгыт, сүһүөҕэр туруордугут. Ефросиния Егоровнаҕа, Мария Федотовнаҕа махталым муҥура суох.
Тэрээһиҥҥэ кэлбит барыта астынна, дуоһуйда. Ити курдук Юрий Иванович дьоҥҥун-сэргэҕин кытта биир санаанан салайтаран, торумнаабыт тэрээһиннэргит үрдүк таһымнаахтык аастыннар, толкуйгут барыта туолан олоххо киирэн истиннэр!
Төрөөбүт дойдубутун өссө чэчирэтэ, учугэйи уксэтэ туруоҕуҥ! Тэрээһиҥҥэ кыттыыны ылбыт бар дьоммутугар улахан махталбытын тиэрдэбит.
Сардана Михайлова (Спиридонова).