Ульяна Винокурова: Сахалар биэс ийэлээхпит: төрөппүт ийэлээхпит,ийэ сирдээхпит,ийэ куттаахпыт, ийэ тыллаахпыт, ийэ өйдөөхпүт.
Ийэ диэн суолтата саха киһитин биэс өттүттэн арчылыы сылдьар. Төрүт ийэҕэ тирэҕирэн үөскүүр-сайдар кыахтаах. Биэс ийэлээх буоламмыт саха омуга харысхаллаах буолабыт. Ол иһин «Саха кыыс таҥаралаах» диэн Ксенофонт Уткин дириҥник бэлиэтээн турар.
Саха норуота былыр-былыргыттан Ийэҕэ сүгүрүйэр үгэстээх. Тыйыс айылҕалаах, ирбэт тоҥноох, уьулуччу ыарахан усулуобуйаҕа оҕо төрөтөн, улаатыннаран, үс саханы үөскэтэн, түөрт саханы тэнитэн, норуоту норуот дэтэн, күн бүгүнүгэр тиэрдибит Ийэлэр буоллахтара. Ийэ сылаас тыына, истиҥ иэйиитэ кими баҕарар олоҕун устата арыаллыыр.
Ыал иллээх олоҕор ийэ оруола олус улахан. Оҕо – ийэҕэ ыйа-күнэ, кэлэр кэскилэ, инники эрэлэ. Оҕо — ыал ымыыта. Ити барыта ийэ буолууну өрө тутар, үрдүккэ-сырдыкка дабатар, кэрэҕэ, кэскилгэ тириэрдэр аналын санатар, соргутун чугаһатар. Ийэ уонна оҕо биир утумнаахтар, биир тыыннаахтар. Оннук уустук, уран айылҕалаахтар. Ийэ тапталын этинэн-хаанынан билбит оҕо олоҕун устатыгар угуттана сылдьыаҕа.
Ийэлэр аҕаны өрө тутан тумус туттааччылар, бас-көс киһи гынааччылар, эрэл-тирэх оҥостооччулар. Ийэ аҕаны өрө тутар буоллаҕына, дьиэ кэргэҥҥэ хардарыта өйөһүү, өйдөһүү үөскүүр. Былыр даҕаны, аны даҕаны ыал ийэтин быһыыта-майгыта урут ахтыллар. Мааны майгылаах ыал ийэтэ дьоҥҥо-сэргэҕэ үрдүк өйдөбүл, холобур буолар. Оҕолор эмиэ ийэлэрин кыраларыттан ылынан, олохторун устатыгар холобур оҥосто сылдьыахтара.
Уол оҕону иитэр өбүгэ үтүө үгэстэрэ, үөрүйэхтэрэ, сатабыллара кини олоххо тапталы кэрэһэлиир уонна иитиллэр үгүс өрүттэрэ биьиги кэммитигэр тиийэн кэлбиттэр. Уол оҕону ийэтэ аҕатыгар сыһыарар, аҕа бэйэтин кытта илдьэ сылдьан идэҕэ, сатабылыгар уһуйар — үөрэтэр аналлаах. Оччоҕо эрэ сатабыл, дьоҕур утумнанар, чочуллар, сайдар кыахтаах.
Кыыс оҕону инники олоҕор бэлэмнииргэ кыра эрдэҕиттэн ас астыырга, таҥас тигэргэ, дьиэ иһин-таһын бэрийэргэ ийэ иитэр-такайар.
Өбүгэлэрбит кырдьаҕаһы ытыктыырга, сиэри-туому тутуһарга көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэр үтүө үгэстэрдээхтэр. Былыр-былыргыттан оҕо улахан киһини ытыктыы үөрэниитигэр улахан суолта уонна болҕомто ууруллара. Оҕону олох кыра сааһыттан этигэр-хааныгар иҥэрэн, улахан дьону убаастыыр, ытыктыыр гына иитэллэрэ. Ол кэнэҕэс, улахан киһи буолан олох суолугар үктэниитигэр быһаарар суолталаах буолара. Ол курдук тэҥнээхтэрин, аймахтарын, төрөппүттэрин, туора да дьону убаастыы-ытыктыы үөрэтии билигин хаһааҥҥытааҕар да күүскэ туруоруллуох кэриҥнээх. Киһини ытыктыы үөрэммит оҕо олоххо ойуччу бэлэмнээх, итэҕэллээх кэлэр, табаарыстарын, доҕотторун, дьону кытта уопсай тылы түргэнник булар, кыһалҕаларын таба өйдүүр.
Оҕо оскуола иннинээҕи сааһыгар өй-санаа өттүнэн ордук сайдар. Бу кэмҥэ майгыта-сигилитэ, интэриэһэ, ирдэбилэ сайдарыгар иитиллэр эйгэтэ улаханнык сабыдыаллыыр. Ылынымтыа уонна үтүктүгэн кэмигэр аттыгар ийэ, аҕа улахан оруоллаахтар. Ийэ барахсан оҕо төрөттөҕүнэ, эмийдии олорон: “Дьон киһитэ буолаар, быстыбыты салҕаар. Аччыктаабыты аһатаар, тоҥмуту ириэрээр, сылайбыты сынньатаар”,- диэн бастакы алгыһы этэр. Иккиһин ити алгыһы оҕо ыал буолан, аал уотун оттунар күнүгэр истэр. Оҕо иитиитэ хаһан да, ханна да ийэттэн, аҕаттан саҕаланар. Оҕо хайдах киһи буолара холумтаныттан тутулуктаах диэн мээнэҕэ эппэттэр.
Төрөппүт кимэ, хайдаҕа оҕотугар көстө сылдьар диэн мындыр этии баар. Бу этии дириҥ ис хоһоонун өйдөөн оҕото үчүгэй киһи буолуон баҕарар хас биирдии ийэ уонна аҕа. Былыр да, билигин да оҕотун киһилии ииппит ыал унаар буруоланар, умуллубат уоттанар. Оҕону таба иитии – ийэ уонна аҕа дьоло.
Оҕо да эрдэххэ, эдэр да сааска, баараҕадыйар да кэмнэ, кырдьан сорсуйар да сахха Ийэ барахсан баара, кэккэлэһэ сылдьара тустаах киһиэхэ – Улуу дьол. Ийэ диэн оннук күндү!
Мария Герасимова,
МБДОУ “Кустук” уһуйаан иитээччитэ.