Сахам тыла
(Хоһоон)
Умайа үөрэр оһох тыаһа,
Сыыйа охсор хотуур тыаһа,
Ыамҥа ыксыыр ынах маҥырыыра
Санатар эбээт сахам тылын.
Дьүрүһүйэр хомус тыаһа,
Эйээрийэр эһиэкэй тыла,
Доллоһутар тойук дорҕооно
Иһиллэр эбээт сахам тылыгар.
Үрүйэ ыраас уутун курдук,
Сааскы таммах тыаһын курдук,
Чыычаах үөрүн күйгүөрүн курдук
Ыллыыр эбээт сахам тыла.
Сахам тыла, сарсыҥҥылаах буол,
Ийэ тылым, кэскиллээх буол,
Кэнчээри ыччат кэпсээнигэр,
Ыччат дьонуҥ саҥатыгар
Иһиллэ тур, сайда тур, ыллыы тур!
Олох суола.