«Ийэ тыл сүмэтэ» аһаҕас кэпсэтии

Олунньу 16 күнүгэр Бүлүү куоратын «Аленушка» оҕону сайыннарар кииҥҥэ  «Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик» дэкээдэтин чэрчитинэн  «Ийэ тыл сүмэтэ» диэн аһаҕас кэпсэтии   бэрт сэргэхтик буолан ааста.  

Кэлбит ыалдьыттары саха сиэринэн саламааттаах алаадьынан көрүстүлэр, салайааччы М.Г.Гаврильева тэрээһини үөрүүлээхтик арыйда.   «Үчүгэйиэн алааспар» диэн сахалыы норуот ырыатынан эдэр кэскиллээх иитээччилэр эҕэрдэлээтилэр. Кырачааннар доргуччу, лоп-бааччы сахалыы хоһооннору аахтылар. Көрсүһүүнү логопед-учуутал Л.М.Софронеева иилээн-саҕалаан ыытта.

Аһаҕас кэпсэтиигэ кыттыыны ыллылар: оскуола дириэктэрдэрэ, учууталлар, уһуйаан сэбиэдиссэйдэрэ, И.М.Гоголев-Кындыл аатынан кииннэммит бибилэтиэкэттэн, иитээччилэр уонна төрөппүттэр. Кэлбит ыалдьыттар бары төрөөбүт төрүт тылбыт тула кини сайдарыгар туох үлэни инники өттүгэр ыытыахха сөбүн туһунан аһаҕастык кэпсэттибит, санаабытын атастастыбыт. Оскуола дириэктэрдэрэ саха кылаастара, саха тылын чааһа аҕыйаабытын бэлиэтээтилэр.

Чинэкэттэн «Сулусчаан» уһуйаан иитээччитэ А.Д. Семенова — Арылы Кустук бэйэтэ айбыт сахалыы хоһоонун ааҕан иһитиннэрдэ, оҕолорго анаан олоҥхону суруйбутун кэпсээтэ, бэйэтин уопутун үллэһиннэ. Бибилэтиэкэ улэһитэ В.В.Софронова   кэнники кэмҥэ тахсыбыт оҕолорго аналлаах кинигэлэри билиһиннэрдэ, дьиэ кэргэнинэн бибилэтиэкэҕэ сылдьыыны, ордук ханнык тылынан оҕолор кинигэ уларсалларын иһитиннэрдэ. Дьөккөннөөҕү «Ыллыкчаан» оҕо уһуйаанын салайааччыта А.И. Ионова бэйэтин санаатын үллэһиннэ уонна нэһилиэгин үрүҥ аһын, этин, олохтоох  бородууксуйатын аҕалбытын кэпсээтэ. Оттон иитээччи С.П. Афанасьева олоҥхо нөҥүө оҕо саҥарар дьоҕурун сайыннарыыга тэттик сүбэлэри биэрдэ.   Г.С. Донской аатынан 2 №-дээх оскуола учуутала Е.Н.Сотрудникова төрөөбүт төрүт тылбыт дорҕооннорун саҥарар саҥабытыгар сөптөөхтүк хайдах киллэриэххэ сөбүн  быһаарда. Тааһаҕар оскуолатын саха тылын уонна литературатын учуутала О.С. Каратаева, оҕо садын логопед-учууталларыгар туһаайан, оҕоҕо кыра сааһыттан сахалыы төрүт дорҕооннорбутун сөпкө саҥарда үөрэтиэххэ диэн эттэ. Маны сэргэ кэлбит төрөппүттэр санааларын этиннилэр.

Түмүккэ биир санааҕа кэллибит: оҕону иитии-үөрэтии дьиэ кэргэнтэн саҕаланар, онон хас биирдии төрөппүт, баар кыһалҕаны таба өйдөөн, ийэ тылбыт сүппэтин туһугар дьиэҕэ оҕо төрөөбүт сахатын тылынан кэпсэтэрин болҕомтоҕо ылыахтаах, оттон оҕо садыгар, оскуолаҕа, төрөөбүт төрүт тыл эйгэтин табыгастаахтык тэрийэн, хас биирдии педагог оҕону иитии-үөрэтии үлэтин көдьүүстээхтик ыытыахтаах .

«Ийэ тыл сүмэтэ» аһаҕас кэпсэтиини Любовь Мефодьевна кырачаан  иитээччилэрин кытта оһуокайынан түмүктээтилэр. Оһуокайы улахан бөлөх иитиллээччилэрэ олус бэртик таһаардылар.

«Аленушка» оҕону сайыннарар киин үлэһиттэригэр кырачааннары иитэр-үөрэтэр үлэҕитигэр бары өттүнэн ситиһиини, айымньылаах үлэни баҕарабын.

Мираида Егорова,

«Бүлүүчээнэ» оҕо уһуйаанын логопед-учуутала.

Читайте дальше