Атырдьах ыйын 5 күнүгэр Үөһээ Бүлүүгэ Ил Дархан Айсен Николаев тыа хаһаайыстыбатын уонна ас-үөл министиэристибэтин салалтатын, Бүлүү бөлөх улуустарын баһылыктарын, тыа хаһаайыстыбатын управлениеларын салайааччыларын кытта 2025 сылтан салааны өйүүр саҥа мэхэньиисимнэри олоххо киллэриигэ сүбэ-мунньах ыытта.
Биһиги улуустан сүбэ-мунньахха улуус баһылыгын бастакы солбуйааччы Иван Евсеев уонна тыа хаһаайыстыбатын департаменын салайааччы Павел Иннокентьев кытыннылар. Биһиги Павел Павловичтан мунньах сүрүн ис хоһоонун ыйыталаспыппытыгар, кини бу курдук билиһиннэрдэ:
— Эһиилгиттэн, 2025 сылтан тыа хаһаайыстыбатын салаатын өйүүр саҥа мэхэньиисимнэр олоххо киирэллэрэ быһаарылынна. Ил Дархан Айсен Николаев ити уларыйыыларга Үөһээ Бүлүүгэ тэриллибит мунньахха улуустар баһылыктарын, тыа хаһаайыстыбатын управлениеларын салайааччыларын санааларын билистэ, иһиттэ.
2025 сылтан киирэр мэхэньиисим хайдах буолуой, туох уратылааҕый? Биһиги улууска билигин сүөһү төбөтүгэр, үүккэ кэлэр субсидия, субвенция үптэрэ тус-туһунан сыаллаах буоланнар туспа-туора туттар кыахпыт суох. Эһиилгиттэн итиник үбүлээһин уларыйыахтаах. Ол эбэтэр, кэлэр үбү улуус ханна суолта биэрэн ыытарын бэйэтэ быһаарар буолуохтаах. Холобура, 100 тахса ыанньыктаах хаһаайыстыбалар билигин үүтү 65 солк. туттарар буоллахтарына, эһиил биһиги ити сыыппараны үрдэтэн 80-85 солк тиэрдиэхпитин сөп.
Сүөһү төбөтүгэр көрүллэр үбүлээһин сүрүн көрдөрүү буолуоҕа. Өрөспүүбүлүкэҕэ 69 тыһ ыанар ынах баар буоллаҕына, быһа холоон биирдии төбөтүгэр117-120 тыһ. солк ыстаапка көрүллүө. Биһиги улууска 4250 ыанар ынахтаах буоллахпытына, биһиэхэ 500 мөл. солк кэлиэхтээх. Ити үбү ханна ыытарбытын бэйэбит тыыран быһаарыахтаахпыт.
Сорох улуустар кэлэр үбү барытын үүккэ, сорохтор үүккэ уонна төбөҕө биэриэхпит диэн былаанныыллар. Ити боппуруоһу кэлэр кэмнэргэ нэһилиэктэр баһылыктарын, исписэлиистэри, хаһаайыстыбалар салайааччыларын уо.д.а. кытта элбэх сүбэлэһии, мунньах кэннэ быһаарыахпыт.
Николай Куприянов.